Оҕунан ытыыга бэркэ кыттан кэллибит

Күлун тутар 16 күнүгэр Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр «Үс Хоһуун» успуорт киинигэр Бүлүү бөлөх улуустар кыттыылаах аан бастакы — региональнай күрэхтэһии буолан ааста. Барыта 70 тахса кыттааччылаах сүрдээх тыҥааһыннаах күөн күрэс — оҕунан ытыыта 14 олбоххо биир тэҥинэн ыытылынна. Сунтаар улууһуттан Ньургуйаана Петрова салайыытынан 13 оҕунан ытааччы баран  куһаҕана суохтук кытынна.

Кыргыттарга: куобаҕы ытыыга Семенова Айыына, Маркова Күндүлээнэ (иккиэн Дьаархан кыргыттара) үһүс миэстэ иһин ытыыга тахсан баран хотторон 4-5 миэстэ буоллулар. Тииҥи ытыыга — Күндүлээнэ Маркова (Дьаархан) бочуоттаах үһүс миэстэ буолла. Уопсай түмүккэ Күндүлээнэ 13 кыыстан 4 миэстэ буолары ситиһэн, инникитин өссө элбэх эрчиллиини уонна дьэҥкир сыалы туруорунна.

Дьахталларга: Декабрина Николаева уонна Татьяна Харитонова (сунтаардар) куһу ытыыга үһүс миэстэ иһин таҕыстылар уонна хотторон 4-5 миэстэ буоллулар. Декабрина эмиэ тииҥи ытыыга хос ытыы түмүгүнэн 2 миэстэ буолла. Үс көрүҥ түмүгүнэн бочуоттаах 3 миэстэҕэ таҕыста. Бу бөлөххө Саха сирин биир тумус туттар оҕунан ытааччыта Бүлүүттэн Клара Спиридонова иннин кимиэхэ да биэрбэтэ.

Бэтэрээн дьахталларга: тииҥҥэ үһүс миэстэ буолары ситиһэн, Наталья Федорова (Сунтаар) уопсай түмүккэ үһүс миэстэ буолла.

Бу күрэх биир үчүгэй көрүҥүнэн хамаанданан ытыыны киллэрбиттэрэ буолла. Хамаанда састаабыгар улуустан алта киһи, ол эбэтэр бу күрэххэ кыттыбыт дьонтон биирдии уол, кыыс, эр киһи, дьахтар, бэтэрээн эр киһи уонна бэтэрээн дьахтар кыттар. Бүлүү уонна Үөһээ Бүлүү иккилии хамаанданы, ньурбалар уонна биһиги, сунтаардар, биирдии хамаанданы туруоран кытынныбыт. Хамаандабыт састааба — Вася Уаров, Күндүлээнэ Маркова, бу кылгас бэлиэтээһин ааптара мин, Декабрина Николаева, Хаххан Аман уонна Наталья Федорова. Дьэ сүрдээх хатыһыылаах, үөгүүлээх-хаһыылаах ытыылар биэс сериянан бардылар. Бүтэһигэр очукуо аахсыытыгар видеокөрүү эҥин түмүгүнэн кыайыылаах хамаандалар билиннилэр. Ол курдук, 1 м. —  Бүлүү-1, 2 м. — Сунтаар, 3 м. — Үөһээ Бүлүү-2 хамаандалара буоллулар. Кыайыылаах хамаандалар  туоһу суругу кытары түөстэригэр мэтээли киэптии кэттилэр.

Дьэ уонна күрэхтэһиибит бүтэһигэр ханна да буоларын курдук дьахталларга уонна эр дьоҥҥо абсолютнай кыайыылааҕы быһаарар ытыы буолла. Бириис да ботуччу — дьахталларга 20 тыһыынча, эр дьоҥҥо 30 тыһыынча солк. турда. Бу манна отучча дьахтар ыппытыттан Айгыына Павлова (Дьаархан, 7-с кыл.үөрэнээччитэ) ордук табыллан ытта уонна финалга түөрт бастыҥ иһигэр киирэн баран туораата.

Дьэ ити курдук түөрт Бүлүү оҕунан ытыыга күрэхтэһиитигэр бэрт ситиһиилээхтик кытынныбыт уонна Сунтаарбыт улууһа саха төрүт оҕунан ытыытыгар (федерация сал. Артем Яковлев) ылсыбытын, сайдыы барарын көрдөрдүбүт. Түгэнинэн туһанан иилээн-саҕалаан илдьэ сылдьыбыт сүрүн тириэньэрбитигэр Ньургуйаана Дьулустаановнаҕа кыттааччылар ааттарыттан барҕа махтал тылларын этэбит.

Күрэс кыттыылааҕа Павел КЫРЕЛОВ, Дьаархан. 

Читайте дальше