Бу күннэргэ Туойдаахха бөрөлөр суолларын көрбүттэр.
Дэриэбинэ кытыытыгар турар хотон аттыгар икки бөрө суолун көрбүтэр диэн нэһилиэк баһылыга Михаил Николаев иһитиннэрдэ. Нэһилиэк олохтоохторо бөрөлөр сүөһүгэ, сылгыга кутталы үөскэтиэхтэрин сөп диэн долгуйаллар.
Манна даҕатан эттэххэ, улууска быйыл бөрө олус элбээбитин, ону таһынан нэһилиэнньэлээх пууннарга чугас сылдьалларын улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын начальнига Владимир Анисимов иһитиннэрэр. Кини этэринэн, ааспыт сылларга бу кыыллар тохсунньуттан мэнээктиир эбит буоллахтарына, быйыл эрдэлээбиттэр.
Бөрөһүттэр билигин ардай аһыылаахтарга бултууру саҕалаабыттар. Ол эрээри бултуурга сылдьар тиэхиньикэлэригэр уматык кырыымчык эбит.
Бу кыһалҕаны быһаарарга нэһилиэк баһылыктара үлэлэһиэхтэрин наадатын Владимир Анисимов этэр.
Дмитирий ЫМЫЧАНОВ.