Атырдьах ыйын 31 күнүгэр А.И. Иванов аатынан олимпийскай эрэллэри бэлэмниир успуорт оскуола манеһыгар ГТО нуорматын толорууга хамаанданан бастыыр иһин күрэх буолан ааста.
Манна кыттааччылар остуолга тайанан олорон 10 м пневматическай саанан сыалы ытарга, эр дьон перекладинаҕа тардыныыга уонна бары 60 м сүүрүүгэ илин-кэлин түһүстүлэр.
Курэх түмүгэр уопсай көрдөрүүнэн бастыҥнары быһаарыы маннык буолла.
Улахан нэһилиэктэргэ:
I м Тойбохой
II м Кутана
III м Крестях
Орто нэһилиэктэргэ:
I м Маар-Күөл
II м Түбэй-Дьаархан
III м Уһун-Күөл
Кыра нэһилиэктэргэ:
I м Илимниир
II м Хадан
III м Устье
«Сунтаар сонуннара» хаһыат.