Татьяна Тотонова: “Идэбин сөпкө да талбыт эбиппин”

Оскуоланы бүтэрээри сылдьар ханнык баҕарар оҕо биир толкуйдаах – ханнык идэни талабын диэн. Талан ылбыт идэтинэн үйэтин тухары үлэлиир, айаҕын ииттэр, дьиэ кэргэнин иитэр. Онон идэтин төһө сөпкө таларыттан инники дьылҕата быһаччы тутулуктаах.

Биһиги оҕо сылдьан улааттахпытына учуутал эбэтэр атыыһыт буолуохпут диэн баҕа санаалаах буолааччыбыт. Оччолорго оҕолор муста түстүбүт да ыаллаах, оскуолалаах, маҕаһыыннаах буола оонньууллара. Таня эмиэ дьүөгэлэрин, ыал тастыы олорор оҕолорун кытары оонньууругар мэлдьи атыыһыт буолан, араас “табаардары”, “аһы-үөлү” атыылаан, күн солото суох буолара. Онно кини “табаарын” бэйэтэ баран, булан-талан, аҕалан кини “маҕаһыыныгар” эгэлгэ араас барыта баара.

Кырачаан Таня оҕо сылдьан атыыһыт идэтин ордук чугастык ылынан баҕа санаа оҥостубута. Ол иһин кини оскуола кэнниттэн Дьокуускайдааҕы атыыһыттары бэлэмниир училищеҕа үөрэнэр. Ол кэннэ салгыы үөрэнэн атыы-эргиэн техникумун ситиһиилээхтик бүтэрэн, били оҕо сылдьан оонньууругар тэтэрээт лииһигэр суруллубут атыыһыт буоларын туоһулуур докумуона дьиҥнээх халыҥ тастаах дьупулуомҥа кубулуйар.

Дьэ, ол кэннэ Татьяна идэтинэн сельполарга атыыһытынан үлэлиир. Эйэҕэс, түргэн-тарҕан тутунуулаах булар кыыс атыылаһааччыларга олус сөбүлэтэн, ис иһиттэн идэтин сөбүлээн нэһилиэнньэ күннэтэ наадыйар табаарын хамаҕатык атыылыыр. Салалтатыттан хайҕал тыллары, үлэтигэр бэриниилээҕин, бэриллибит сорудаҕы толорон махтал суруктарынан, грамоталарынан бэлиэтэнэрэ элбиир. “Оттон саамай үрдүк наҕараадам – дьон махтала буолара” диир.

Ыһыллыы-тоҕуллуу, уларыйыы кэмигэр таһаарыылаахтык үлэлии турбут сельполар, райсоюзтар үлэлэрэ тохтуур. Бу кэмҥэ Татьяна Аркадьевна инникитин толкуйдаан, бэйэбэр сөптөөх дьарыкпын буллахпына сатанар диэн бигэ санаа ылынар. Бэйэбэр чугас идэбинэн атыы-эргиэн эйгэтин тутуһар эбиппин диэн санаалаах урбаанньыт буолар. Онон билигин Татьяна Тотонова бэйэтэ ас-үөл аҕалан нэһилиэнньэҕэ атыылыыр. Ону сэргэ дьон кыра да буоллар дохуот киллэринээри араас бурдук аһын, о.д.а. буһаран аҕалан киниэхэ туттараллар. Ону кини сыа-сым курдук тутан, күнүнэн дьоҥҥо атыылаан элбэх киһини абырыыр. Эт да, үүт да сибиэһэйдии атыылыыр.

“Ханнык баҕарар идэ айылҕаттан бэриллэр быһыылаах. Мин атыыһыт идэтигэр үөрэммит буоламмын урбаан эйгэтигэр, ордук атыы-эргиэн өттүгэр урукку уопутум, элбэҕи билэрим, сатабылым, аныгы идэбэр олус туһалыыр. Үлэм сүрүнэ – дьону кытары эйэҕэстик кэпсэтии, кинилэр баҕаларын истии, толоруу дии саныыбын. Оччоҕо ылсыбыт дьыалаҥ табыллар. Дьон санаатын табан үлэлиир буоламмын, атыылаһааччыларын күннэтэ толору буолаллар.

Идэбин сөпкө талбыппын дии саныыбын. Атыыһыт киһи хаһан да, ханна да сырыттын быстан-ойдон биэрбэт, булан-талан айаҕын ииттинэр идэ буолар диэн этэбин. Онон эдэрдэр кыратык да атыыга сыһыаннаах буоллаххытына бу идэни таларгыт олоххутугар көмө буолуо этэ.

Бүгүн атыы-эргиэн үлэһиттэрин күнэ дии. Онон сиэттэрэн урут бииргэ үлэлээн ааспыт биир идэлээхтэрбин идэлээх күҥҥүтүнэн эҕэрдэлиибин”, – диэн Татьяна Тотонова кэпсэтиибит түмүгэр бэйэтин санаатын үллэһиннэ.

Ааптар: Яина Власьева

Читайте дальше