Түөлбэ үлэтин сүрүннээччи

Олохтоох бэйэни салайыныыны сэргэ нэһилиэнньэлээх сирдэргэ түөлбэнэн үлэни тэрийии ыытыллыбыта балачча кэм буолла. Сунтаар нэһилиэгэр күн бүгүн түөрт түөлбэ (ТОС – территориянан уопсастыбаннай бэйэни салайыныы) үлэлии-хамсыы олорор. Хас биирдии түөлбэ олоҕо-дьаһаҕа тупсара, үлэтэ-хамнаһа тахсыылаах буолара олохтоохтор көхтөөх сыһыаннарыттан  уонна биир үксүн дьону түмэр киириилээх-тахсыылаах салайааччытыттан тутулуктаах диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо. Биһиги бүгүҥҥү нүөмэрбит ыалдьыта – түөлбэтэ, нэһилиэгэ, улууһа сайдарыгар үтүмэн кылаатын киллэрбит, күн бүгүн да түөлбэтэ сайдарыгар, олоҕо тупсарыгар туох баар сыратын ууран үлэ үөһүгэр сүүрэ-көтө сылдьар, Сунтаар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо  «Абаҕа» ТОС салайааччыта Зоя Кузьминаны кытта кэпсэтэбит.

Зоя Степановна, эн хаһыс да сылын «Абаҕа» түөлбэ салайааччытынан үлэлиигин. Бу үгүс сыраны эрэйэр уопсастыбаннай үлэҥ туһунан сырдата түс эрэ.

– Уопсастыбаннай үлэнэн көхтөөхтүк дьарыктаммытым, дьиҥэр, ыраатта. Оттон бу түөлбэ салайааччытынан 2016 сылтан үлэлээн кэллим. Үлэбит туһунан кэпсиир буоллахха, биһиги, түөлбэлэр, олохтоох дьаһалтабытын кытта ыкса бииргэ, биир сүбэнэн үлэлиибит. Кинилэр биһиэхэ олус көмөлөһөллөр. Холобур, түөл­бэлэр араас граҥҥа, куоҥкурус­ка кыттабыт. Быйыл «Сельхозтехника» 70 сылын туол­ла. Бу тэрилтэ 65 сылын туоларыгар куоҥкуруска кыттаммыт, 400 тыһ. солк. ыламмыт «Сельхозтехника» искибиэрэ оҥоһуллубута. РТС-ка бардахха, тыраахтырдаах олус бэлиэ   көстүүлээх сир. Манна «Сельхозтехника» үлэһиттэрэ бары түмсэннэр, бары көмөлөөн, түөлбэбитигэр маннык кэрэ көстүүлээх искибиэрдэммиппит. Ол кэнниттэн сыл эмиэ куоҥкуруска кыттаммыт тренажернай былаһаакка туттарбыппыт. Ити искибиэр аттыгар баар. Дьон олус сылдьар, оҕо даҕаны, улахан да дьон. Биир улахан туруорсан ситиспит үлэбит диэн «Солнышко» оҕо саадын туттарыы буолар. Туруорсар кэммитигэр бастаан 2026 сылга диэри тутуу былааныгар киирэр кыаҕа суох диэбиттэрэ. ТОС-тар форумнарыгар бара сылдьан үөрэх министиэристибэтигэр тутуу резервнэй отдела диэн баарын булан, киирэ сылдьыбытым. Онно олус үчүгэй эппиэттээх үлэһит олорор эбит этэ. Кини сүбэтинэн миниистиргэ сурук бэлэмнээбитим. Солбуйааччытыгар Мигалкиҥҥа киллэрэн туттарбытым. Ити курдук, форумҥа эҥин тиийдэхпинэ боппуруостарбын эҥин быһаартараары наар министиэристи­бэлэри кэрийэр идэлээхпин.  Бу оҕо саадын 2007 с. нэһилиэккэ дьокутааттыы сылдьыахпыттан күүскэ туруорсан саҕалаабытым. Уһун кэмнээх туруорсуубут туолан, тутуу 2021 с. “Демография” национальнай бырайыакка киирэн,  245 миэстэлээх детсадпыт тутуллан, үлэҕэ киирдэ.

– Инникитин былааннаах үлэлэргит туһунан кэпсии түс эрэ…

– «Мин Сахам сирэ ХХI үйэҕэ» үтүө дьыала хамсааһын хайысхатынан култуура уонна спорт комплекса (КСК) тутулла турар. Тутулларын тутуллан бүттэ эрээри, үлэҕэ киирэригэр үбүлээһинэ кыайтарбакка, 2024 с. диэри уһуур диэн буолла. Бүгүн бу үтүө дьыала хамсааһын салайааччыта Алексей Дмитриевиһи кытта кэпсэтэ сырыттым. Быйыл киллэрэргэ баҕа санаалаах эбит. Ол кыаллыбатаҕына эһиил хайаан да киириэ диэтэ. Билигин агрооскуола саҥа дьиэтэ тутулларын туруорса сылдьабын. Бырабыыталыстыбаҕа сурук түһэрбитим. Хоруйа: «Маннык тутуулар уочаратынан ыытыллаллар, улуу­һуҥ дьаһалтатыгар сайабылыанньата суруй», – диэн буолбута. Улуус­пут баһылыга А.В. Григорьевка суруйбутум, ону бу үлэҕэ киириэхтээх оскуо­лалар кэннилэриттэн көрүллүөн сөп диэн хоруй биэрбитэ. Билиҥҥи кэмҥэ агроос­куола баара саамай сөптөөх уон­на наадалаах дии саныыбын. Бу оскуолаҕа үлэлээбит буолан, оскуола үлэтэ үтүө түмүктээҕин, туһалааҕын иһиттэн билэбин, туругунан аныгы кэм агрооскуолатыгар хайдах да эппиэттэспэт. «Сельхозтехника» дьиэтэ оскуола буолан турар уонна иккис дьиэ эмиэ хантан эрэ көһөрүллэн кэл­битэ. Кэнники сылга оскуола тутан дуомнаабыттара да… Үлэни тутар хамыыһыйаны батыһа сылдьан, стеклопакет олордуллар сирэ эпсэри олорор курдугун кэҥэтиҥ диэбитим даҕаны, кэҥэппэтэхтэр этэ. Ол түннүктэр билигин алдьанан тураллар. Уопсайынан, тутуу бара турар кэмигэр хонтуруолланыахтаах эбит. Билигин КСК-ны эмиэ кэлэ-бара хайдах тутулла турарын көрөбүн, кэтиибин. Бүгүн ититиитин киллэрэ сылдьалларын көрөн кэллим.

– Зоя Степановна, бу сыра­­лаах, түбүктээх үлэҕэр көмөлөһөр дьоннооххун дуо? Түөлбэҕэр ордук көхтөөхтөр диэн кимнээҕи ааттыаҥ этэй?

–  Түөлбэм үлэтигэр сыһыарыллыбыт учредитель кыргыттардаахпын, туох да маладьыас кыргыттар. Людмила Окс, Ольга Данилова, Анастасия Чолбодукова, Оксана Павлова. Ону таһынан түөлбэбитигэр сыһыарыллыбыт нэһилиэк дьокутааттара Николай Прокопьев, Сергей Тэн, улуус дьокутаата Максим Афанасьев олус көмөлөһөллөр. Кынаттарым үчүгэйдэр диэн ол онтон олус үөрэбин. Маны таһынан олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ олус көмөлөһөллөрүн бэлиэтээн этиэх­пин баҕарабын. Быра­йыакпыт симиэтэтин оҥоруу буоллун, отчуоту оҥоруу буоллун… наар көмөлөһөллөр. Эдуард Егоровичка этиэҥ эрэ кэрэх, өйөбүл өрүү баар.

Уопсастыбаннай үлэҕэ өр сыл үлэлээбит киһи кэтээн көрдөххүнэ, саастарынан ылар буоллахха, бу эйгэҕэ ордук көхтөөх кимнээх эбиттэрий?

– Саастаах өттө уонна орто саас­таахтар ордук көхтөөх буолаллар. Ыччат түптээн биир сиргэ олорбот, баран-кэлэн хаалар буолан, түөлбэ олоҕор кыттыыта арыый да мөлтөх.

– Биирдиилээн ыалы ылар буоллахха, түөлбэ олохтоохторугар көмө быһыытынан туох үлэ барарый?

– Сылын аайы «Народный бюджет» диэн субсидияҕа киир­сэбит. Оннук түөлбэбит 5 бэтэрээнигэр олорор усулуобуйаларын тупсаран, дьиэлэригэр толору хааччыллыыны, уотунан ититии ситимин киллэрэн турабыт. Ол кэннэ биир кырдьаҕаспытыгар эмиэ толору хааччыллыыны киллэрбиппит. Инбэлииттээх ыалга түннүктэрин, күүлэлэрин туттарбыппыт. Биир кыамматтаах ыалга ааннарын оҥорторбуппут. Бу барыта «Народный бюджет» субсидиятынан. Быйылгы көмө Иванов­тар диэн ыалга барыахтаах. Иккиэн доруобуйаларыгар хааччахтаахтар.

– Түөлбэлэр төһө ыкса ситимнээхтик үлэлиигитий?

Иллээхтик, биир ситимнээхтик үлэлиибит. Быйыл түөлбэлэр икки ардыларыгар дьиэ кэргэн спартакиадатын ыыттыбыт. Олус үчүгэйдик буолан ааста. Бу дьиэ кэргэн спартакиадата диэ­ни оскуолаҕа үлэлии сылдьан аан бастаан 1995 с. ыыппытым. Кыра уолум 5-с кылааска киир­битигэр сыал-сорук ылынан сэттэ сыл устата нэһилиэктэр оскуолаларыттан ханыы кылаас­тары көрүһүннэрэн, оскуо­ланы бүтэриэхтэригэр диэ­ри ыыппытым.  Ону са­наан кэлэн, олус үчүгэй буолар этэ диэн, бу быйыл түөлбэлэр икки ардыларыгар тэрийиэххэ диэн тыл көтөхпүтүм. Уопсайынан, маннык түөлбэлэр холбоһуктаах тэрээһиннэр олохтоохтору олус сомоҕолуур, уопсастыбаннай үлэҕэ көҕүлүүр суолталаахтар дии саныыбын. Инникитин маннык тэрээһиннэргэ түөлбэлэри таһынан чугас сытар нэһилиэктэри кыттыһыннаран ыытар баҕа санаалаахпын. Бартыһаан кулуубун олус хайгыы көрөбүн. Олус да элбэх, сонун, сэргэх тэрээһини ыыталлар. Бу кулууп кэлэктиибигэр махтал тылларын тириэрдиэхпин баҕарабын. Оҕолорго, кырдьаҕастарга а­наан интэриэ­һинэй тэрээһиннэри ыыталлара улахан хайҕаллаах. Дириэктэр Юрий Дмитриевич кэлэк­тиибин кытта бары биир санаанан үлэлииллэрэ киһини үөрдэр.

– Бэйэҥ тускунан кыратык сырдата түспэккин ээ…

– Бэйэм 1948 с. Дьаархан нэһилиэгэр төрөөбүтүм. 1967 с. Тойбохой интэринээт оскуолатын бүтэрбитим. Ийэм барахсан аламаҕай майгылаах, иистэнньэҥ бэрдэ этэ, кыһыҥҥы таҥаспытын барытын бэйэтэ тигэн, 8 оҕону хааччыйан, иитэн таһаарбыта. Кинини мэлдьи саныыбыт-ахтабыт, кини биһиэхэ мэлдьи холобур буолар. Хоһуун үлэһит этэ, сакааска иистэнэрэ, баайара, ришельенан, быысапкалыыра. Билигин биэс кыыс бары иистэнэбит, баайабыт.  Аҕам сэрии кыттыылааҕа. Илии­тигэр дьоҕурдаах, улууска биллэр, олус мындыр уус эбитэ үһү. Сэрии кэннинээҕи кэмҥэ иннэ отой көстүбэт буола сылдьыбыт кэмигэр иннэни кытта чочуйан оҥороро үһү диэн кэпсииллэр этэ. Бэйэм омук тылын учуутала буолуохпун баҕарар этим. Ол эрээри бу идэни ылбатаҕым. Ол үрдүнэн Тойбохойго учууталынан ыыппыттара. Үөрэн диэн ыыта сатаабыттара да, ыал буолан эҥин кэлин үөрэххэ туттарсыбатаҕым. Билигин үс оҕолоох­пун, үһүөн үлэһит дьон. Аҕыс сиэн эбэтэбин.

– Эн санааҕар, түөлбэ сала­йааччыта киһи быһыытынан, майгытынан хайдах буоллаҕына үлэтин кыайа тутуой?

– Үлэлээбитим тухары биири бэлиэтии көрдүм. Салайар, дьону көҕүлүүр киһи «гибкэй» буолуохтаах эбит. Кыыһыран, тымтан кэлбит киһини уоскутары сатыахтаах. Сөптөөх сүбэни биэрэн суолун ыйан биэриэхтээх…

– Зоя Степановна, сыралаах үлэҥ өрүү үтүө түмүктээх буоллун! Кэпсээниҥ иһин барҕа махтал!

 Ааптар: Марфа Иванова

Читайте дальше