Денис бэйэтин өйдүөҕүттэн эһэтин кытта тыаҕа олорор. Эбэтэ ийэтин төрөтөөт өлбүт үһү диэн эһэтин кэпсээниттэн билэр. Эһэтэ олохтоохтор ааттыылларынан ойуур көрөөччү. Кинилэр диэки олохтоохтор бары айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһар буоланнар улахан ойуур баһаардара барбакка, суола-ииһэ мөлтөх буолан тимир көлөлөөхтөр тиийэн кэлбэккэлэр, айылҕаҕа улахан хоромньуну оҥорооччулар — быраканьыардар да суох буоланнар ойуур көрөөччү олоҕо чуумпу этэ. Оттон Денис ийэтэ кинини төрөтөөт аҕатынаан баран хаалбыттар, ол айыыта онон. Эһэтэ даҕаны ийэтин, эбэтин тустарынан тугу да кэпсээбэтэ, уол ыйыттаҕына сөбүлээбэккэ буугунуурун иһин кэлин ыйыппат да буолбута.
Оскуолаҕа, дэриэбинэҕэ бэйэтигэр, аҕатынан эбэтигэр, эһэтигэр олорон үөрэммитэ. Уһун өрөбүллэргэ, сайыҥҥы өттүгэр тыаҕа эһэтигэр баран хаалара. Улаатан истэҕин аайы эбэтэ, эһэлэрэ кинини куруук тургутардыы көрөллөрүн, кэтииллэрин-маныылларын, оннооҕор сорох түүн утуйа сыттаҕына оронун аттыгар олороллорун көрөн соһуйан уһуктааччы. Кырдьаҕас дьон таптыыллара бэрт буолан суос-соҕотох сиэммит куһаҕан дьоннуун куудьуһуо диэн куттаналлар быһыылаах диэн кырдьаҕас дьону хомоппокко, долгуппакка кыһаллара.
Оскуоланы атыттартан уһулуччу чорбойбокко, соһуллан хаалбакка да, уот курдук ортонон бүтэрбитэ. Бииргэ үөрэммит оҕолоро үксүлэрэ үөрэнэ тарҕаспыттара. Денис эмиэ бараары тыл көтөхпүтүн кырдьаҕас эһэҕэр тыаҕа көмөлөһүөҥ этэ диэн күөйэ этэннэр, уол хомунан тапталлаах тыатыгар тахсыбыта. Олохтоох салайааччылар хата үгүс айдаана суох үлэһиттэннибит диэн күлүктэригэр имнэммиттэрэ. Биир тэҥ күдьүс күн-дьыл ааһан испитэ. Үөлээннээхтэрэ сыыйа ыал-күүс, оҕо-уруу буолан барбыттара, сулумах сылдьааччылары дьонноро хаһан ыал буолан сиэн сыллатаҕыт диэн сулуйаллара элбээбитэ. Арай Дениһи ким да түүрэйдээбэт этэ.
Биир күһүҥҥү күн отоннуу сылдьан мунан, дьүөгэлэриттэн ойдон хаалан хаалбыт, хамсаабат да буола дэлби тоҥмут кыыһы охтубут мас кэнниттэн сык-сык ытыыр саҥатыттан сирдэтэн булан ылан итии чэй иһэрдэн, бөҕүөрбүт илиитин-атаҕын хамсатан үүтээннэригэр аҕалбыта. Тоҕо эрэ бу чоҕулуччу көрбүт кыыһы көрөөт да, Денис сүрэҕэ дьиктитик мөҕүл гыммыта. Кэлбит киһини барытын үөрэ көрсөр эһэтэ бу кыысчааны тымныытык көрсүбүтэ, тоҥмут кыыһы тула көтөр сиэнин сөбүлээбэтэхтии көрбүтэ, хоннорбокко даҕаны атынан дэриэбинэҕэ илдьэбин диэн турбута. Сиэнэ хонон, үчүгэйдик ирэн бардын диэбитин истэ да барбатаҕа. Уол бэйэтэ илдьээри гыммытын эн эмиэ тоҥмуккун, дэриэбинэҕэ сылдьар наадалаахпын диэн саба саҥаран кэбиспитэ.
Бу күнтэн ылата Денис уолчаан сүрэҕэр бу кыысчаан тахсыбаттыы уйаламмыта, чоҕулуччу көрбүт хараҕа куруук батыһа сылдьара. Уол барахсан аһыыр аһа ас, утуйар уута уу буолбакка киһи хараҕар көстө иинэн – хатан барбыта. Уһун түүннэргэ утуйа сатаан баран туран төттөрү – таары хаамыталыыра. Эһэтэ эмиэ утуйбакка кэтии-маныы сытарын билэрэ.
Биир күн тураат, эһэтигэр эппэккэ эрэ, курдаттыы таттаран дэриэбинэ диэки түһүнэн кэбиспитэ. Эһэтэ бүтэйдии тугу эрэ сэрэйэн сүрэҕэ ытырбахтыы, кэнниттэн көрөн эрэ хаалбыта. Уол дэриэбинэҕэ кэлээт, кинини эрэ күүтэн турар курдук суол төрдүгэр тахсан турар Дашаны көрсө биэрбитэ. Кыыс үөрэн мичилийээт, туох да саҥата суох уолу илиититтэн ылан дьиэтигэр аҕалбыта. Кыыс ийэтэ, аҕата утуу-субуу өлөннөр дьиэтигэр соҕотоҕун олороро. Бэйэ бэйэлэригэр ананан төрөөбүт уоллаах кыыс өр күүппүт күннэрэ күөрэйэн көрсүһүү үөрүүтүн билбиттэрэ, таптал татакайыгар түспүттэрэ, эт-сиин эймэнийэр имэҥнээх оонньуутун оонньообуттара, ийэ-аҕа буолар сүрдэрэ уһуктубута.
Үс хонон баран үөрбүт-көппүт уол эһэтигэр көтүөн кыната суох буолан, таптал түөһүн тиирэ киэптээн тиийбитигэр эһэлэрэ иккиэн уку-суку көрсүбүттэрэ. Уол соһуйан эбэм туох эрэ буоллаҕа дуу диэн саҥата суох барбыта.
Эһэлэрин кэпсээнэ уолу сүгэнэн охсордуу дөйүппүтэ.
Эһэтин кэпсээнэ
— Мин 16 сааспар оту-маһы тардан көрө сылдьар, эрчимим э… тэбэр уола хаан буолбутум. Аттынааҕы дэриэбинэттэн оонньууга кэлэр курбачыйбыт, кытыгырас Агаша кыыстыын сөбүлэһэн, дьонугар кыыс ыйыта аттанан-атыырданан, иһит арыгылаах айгыстан тиийэн ийэлээх аҕатыттан атыыр аккаас ыламмыт сириллэн, кыыһым икки хараҕын уутунан сууна хаалбыта. Мин, эдэр уолҕамдьы киһи, кыыспын күрэтэн ылан, сайын сылаас буолан ойуурга хоно сылдьыбыппыт. Ойуур олоҕун, тымныыны, куйааһы кыыһым ордук тулуйара, булара-талара. Аҕыйах хоноот, кыыс аҕата ирдээн булаттаабыта уонна дьиэтигэр аҕалан кэпсээбититтэн иккиэн баттахпыт турбута. Агашам ийэтэ ый толору туолар кэмигэр киһи киэбин сүтэрэн аарыма тыһы бөрөҕө кубулуйар эбит. Ону үйэлэрин тухары кистээн сор бөҕөнү көрбүттэр. Сиикэй эккэ, хааҥҥа-сииҥҥэ баҕатын хаптатаары көтөр арааһын иитэллэр эбит. Аны бу дьиикэй хаан дьахтар аймаҕы эрэ буулуур эбит. Төрөппүттэрэ Агаша эмиэ бу дьаллыгы суоллаабытын билэннэр эргэ тахсарын боболлор, кэмэ кэлэн эрэр, онон сотору сэрэтиэхпит, кэпсиэхпит дии сылдьыбыттар эбит.
Эмиэ ый ааһан, ый туолан дьэлтэйэр күнүгэр киэһэттэн кыыһым туруох-олоруох сирин булбакка туран-олорон, киирэн-тахсан курбачыйбыта. Ыыс араҕас харахтара сиэрэ уотунуу сирилэспиттэрэ, киһи саҥатын өйдөөн-дьүүллээн истибэт турукка киирбитэ. Ийэтэ кыыһын илиититтэн харбаат тахсан барбыттара. Аҕалара уоһун иһигэр иһиллэр -иһиллибэттик: «Саҕаланна»-, диэн үлүгүнэйбитэ. Сотору соҕус буолаат, дэриэбинэ ыттара аймаммыттара, бөрө үлуйан иһэн ньим барбыта. Сарсыарда күн тахсыыта туох да буолбатаҕыныы киирэн кэлбиттэрэ. Мин дьон ортотугар олорорбут табыллыбатын өйдөөммүн, бу сиргэ ойуур көрөөччүнэн үлэҕэ киирэн көһөн кэлбиппит. Агашам киһитэ-сүөһүтэ суох сиргэ кэлэн тыаҕа баран сүтэрэ, тотон-ханан, үөрэн- көтөн кэлэрэ үксээн испитэ. Оһоҕостоох этэ. Биирдэ ойууртан кэлбитим кыыс оҕону көтөҕөн арбы-сарбы буолан олороро, мин тута өйдөөбүтүм. Агашам ийэ буолаат, кыыһыттан харыс да халбарыйбат, ый туолан дэлтэйэр күнүгэр эрэ ыксалынан тэйэр буолбута. Мин ол кэмҥэ дьүһүн кубулуйарын, этэ-сиинэ түүнэн саба үүнэрин өйдөөн көрбүтүм, наһаа куттаммытым. Агаша сэрэйигэс сүрэҕэ мин хааным хамсаабытын, этим-сииним тэйбитин өйдөөбүтэ уонна биир күн биһигини эрэйтэн быыһаары бэйэтигэр тиийиммит этэ. Дьоно да өйдөөбүттэрэ, миигин буруйдуу барбатахтара.
Кыыспыт Араайка күнтэн-күн ийэтин курдук сытыы, туран олорон курбачыйбыт кыыс буола улааппыта. Кини ким буоларын мин эрдэ кэпсээбитим. Ону кыыһым соччо өйдөөбөтөҕө быһыылааҕа. Эдэр оҕо оҕо курдук дэриэбинэҕэ оонньуу тэбинэрэ. Ол сылдьан эн аҕаҕын кытта билсиспитэ. Төһө да ыарахан буоллар уолга, төрөппүттэригэр хайдах баарынан кэпсээн биэрбитим. Тимка Араайканы туох да аһара күүскэ таптаабыта, күлүк курдук батыһа сылдьара. Ханна барыай, Араайка эмиэ кыыл кэбин кэтэр ыйдаҥалаах түүнэ дьэлтэйэн кэлбитэ. Тимка ол ыарахан күҥҥэ кини аттыгар этэ, тугу гыммытын билбэппин. Күн тахсыыта илдьи тыытыллан сирэй-харах буолан киирбиттэрэ. Онтон дьэ, үөрэммиттэрэ дуу, туох да буолбатаҕыныы тиийэн кэлэр буолбуттара. Кэмэ тиийэн кэлбитигэр Араайка уол оҕону төрөппүтэ. Оо, онно бары да үөрдүбүт этэ. Кыһалҕалаах кэмнэр дьэ ааһыахтара диэбиппит. Эн отой кыраҕар Араайка оҕом мин киммин билбэтин, мин эһигиттэн барыам диэн турбута. Онуоха Тимка: “Үчүгэй да, куһаҕан да кэммитигэр бииргэ буолуохпут. Мин эйигиттэн ураты кими да таптаабаппын. Эн ханна бараҕын да барсабын. Киһи буолабыт дуу, кии буолабыт дуу», – диэн булгуруйбат санааны ылыммыта. Биһиги эбэ, эһэлэр эн тускар – бүтэһик сыдьааммыт туһугар олорорго санаммыппыт. Төрүттэрбит сөпкө эппит этилэр. Ситэр кэмиҥ кэлэн ааспыта. Эн киһилии киэпкинэн хаалбытыҥ. Төһө да удьуорбут уһуон баҕардарбыт, эйигин бэйэбититтэн араарбакка, кэргэнэ, оҕото суох хаалларан, кырыыстаах хааны быһарга, симэлитэргэ санаммыппыт. Аҕалаах ийэҥ мантан олох ыраата барбыттар быһыылаах. Арыт-арыт толору ыйга күтүр улахан бөрө суола кэлэн эн утуйа сытар түннүгүҥ анныгар хаар муус буолуор диэри олорон барбыт, тайах, таба этэ кэлэн үктэлгэ быраҕыллыбыт буолааччы. Ол ийэ сүрэҕэ батарбакка оҕотун көрөн барарын сэрэйээччибин. Биир күһүн сир хаама сырыттахпына оҕолоох эһэ буулаабыта, суолбун хаайан сордообута. Хантан да кэлбитэ биллибэккэ сүүнэ улахан тыһы бөрө аһыытын килэтэн миигин бүөлүү олоруммута. Аар тайҕа баһылыга тоҕо эрэ уоҕа-кылына намыраан, ыллыктан дьаадьыйан биэрбитэ. Ол мин оҕом Араайка эбитин сүрэхпинэн сэрэйбитим. Хайдах кэлбитэй да, оннук мэлис гынан хаалбыта.
Бу кэпсээн кэнниттэн Денис Дашатыгар хайдах баарынан кэпсээн биэрбитэ. Кыыһа быраҕан, тэйдэҕинэ даҕаны тулуйарга бэлэм буолбута. Дашата саҥата суох истэн баран туох эрэ ыарахан сүгэһэргэ баттаппыттыы көхсө холбойон бара турбута, уол кыыһы кэнниттэн батыһа көрөн хаалбыта. Денистээх ойуурдааҕы дьиэлэригэр туох да үөрүүтэ, хомолтото суох уку-суку күннэр ааһан испиттэрэ. Биир күн күнүскү чэйдэрин иһэ олордохторуна, ааны тыаһа суох аһан, уолу толору дьоллоон Даша киирэн кэлбитэ. Ол күнтэн ыла кинилэр кыракый дьиэлэригэр көрдөөх күлүү иһиллэн, саҥа-иҥэ чуопчааран дьол уйаламмыта. Ыйдаҥа туолан мэлтэйдин даҕаны, көөрөнөн кыччаатын, саҥа саҕаланан сандаардын даҕаны ким да ыксаабат, ыгылыйбат дьоллоох күннэрэ үүммүттэрэ.
Кэмэ кэлэн Даша барахсан кыыс оҕону төрөппүтэ. Эдэр ийэ оҕотун эмиийдээн, налыйан утуйбутун кэннэ, Денис оҕотун илиитигэр ылбыта, ый уотун сырдыгар кыһайан оҕотун таптыы одуулаабыта. Эмискэ оҕо хараҕын көрөн кэлбитэ. Сиэрэ уотунуу сирилэччи көрбүт күөх харахтары көрөөт, аҕа киһи барытын өйдөөбүтэ.
Зинаида ФЕДОТОВА- Дьол Кыыма, суруйааччы