Бу сыл Сахабыт сиригэр Үлэ сылынан биллэриллибитэ дьон сэҥээриитин ылла. Биһиги улууспут туруу үлэһит дьонунан баай. Дэлэҕэ даҕаны Сунтаартан 5 Үлэ дьоруойа тахсыа дуо! Кинилэр хас биирдиилэрэ бэйэлэрин салааларыгар үрдүк көрдөрүүлэри ситиспиттэрэ. Ол курдук, мин эһэм Дмитрий Гаврильевич Андреев үлэтигэр үрдүк көрдөрүүлэрин иһин ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун 1966 сыл кулун тутар 22 күнүнээҕи Ыйааҕынан Социалистическай Үлэ Дьоруойун үрдүк аата иҥэриллибитэ.
Кини оччотооҕу Хаҥалас нэһилиэгин “Быычык” диэн алааһыгар дьадаҥы ыалга бэһис оҕонон төрөөбүтэ. Кэлин ийэтэ кинини хайдах төрөппүтүн туһунан маннык ахтара үһү: «Аҕаҕыт атын сиргэ баран ыалдьан хаалбыта. Ол кэмҥэ түөрт кыра оҕону кытта соҕотоҕун олорон, эйигин талыыламмытым, — диэн кэпсиирэ хойут ийэм Маарыйа эмээхсин. –Хата ол киэһэ ыалым эмээхсин түбэһэ киирэн харайда. Сарсыныгар туран дьиэбин дьиэлээбитинэн, сүөһүбүн-аспын көрбүтүнэн бардым. Хайыамый – буруону сабыам дуо?».
Хос эбэм ити курдук уон сэттэтэ оҕоломмут. Аҕалара Бортунуой Хабырылла ити аатыгар дьүөрэлии торҕоттон тирии уонна түүлээх таҥаска, туос иһиккэ тиийэ барытын ааттаахтык тигэр киһи эбит.
Эһэм Дмитрий Гаврильевич салайар “Тумул” идэтийбит субай сүөһүнү иитэр биригээдэтэ хас биирдии төбө ортотунан 65-87 кг төлөһүйэрин ситиспитэ. Биригээдэ 320-324 киилэ орто ыйааһыннаах, 90-95 бырыһыан уойуулаах сүөһүнү судаарыстыбаҕа туттарары ситиспитэ.
Мин бүгүн кини туһунан ахтан-санаан ааһыахпын баҕарабын, тапталлаах эһэм туһунан.
Мин күн сирин Кутана Тумулугар көрбүтүм. Онно эһэм, эбэм аахха иитиллибитим. Туох да кыһалҕаны көрсүбэккэ, көҥүл көччүйэн улааппытым. Атаах сиэн аатыран, туох баар муҥхаалым тута туолан иһэрэ. Ол курдук мин киһини саҥа өйдүүр буолуохпуттан эһэм сотору-сотору Сунтаарга, Дьокуускайга араас мунньахтарга барарын өйдүүбүн. Сарсыарда эрдэ массыына кэлэн, сылгылыыр этэ (оччолорго олус эрдэ турар эбиппин). Массыына көстүбэт буолаатын утаа эһэм хаһан кэлэ охсорун күүтэр аатыгар барарым. Ол тоҕото өйдөнөр. Оҕо киһи быһыытынан кэһии аҕаларын күүтэрим. Ол курдук остуолга ууран икки киһи утарыта олорон күөн көрсүһэр оонньуур хоккей бэлэх аҕалбытын оскуолаҕа киириэхпэр диэри оонньообутум быһыылааҕа. Тумулга оннук оонньуур кимиэхэ да суоҕунан киэн туттар этим. Табаарыс уолаттарым кэллэхтэринэ оонньоон ыһыы-хаһыы бөҕөтө буоларбыт.
От кэмигэр биир итии баҕайы күҥҥэ, улаханнык туруорсан туран, эһэбин кытта Баттахха оттоһо барыстым. Оччолорго мин биэстээх-алталаах чолохоот этим. Онно эһэм биир дьоҕус өтөҕү охсубута. Мин бата сатаан хаһан дьиэбитигэр барар кэммитин өр күүппүппүн үчүгэйдик өйдүүбүн. Мэниктиэҥ иһин халлаан итиитэ бэрт уонна соҕотоххун. Кыһалҕаттан хас да чаас күлүккэ саһан олорон, эһэм от охсорун сөҕө көрбүтүм.
Сааһым ситэн Кутана орто оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим. Дьонум Тумулга олорор буолан, ол үөрэх дьылыгар таайым дьиэ кэргэнигэр олорон үөрэммитим. Биллэн турар, эһэ, эбэ оҕото буолан кинилэри суохтуурум. Ол иһин хас өрөбүл аайы Тумулга тахсарым. Оттон иккис кылааска ийэбинээн Сунтаарга киирэн, эдьиийим аахха олорон икки сыл курдук 2 №-дээх орто оскуолаҕа үөрэммитим. Онон алын кылааһы манна бүтэрбитим. Сунтаартан хас санаатаҕыҥ аайы Тумулга тахсарыҥ олус ыарахана. Суолбут да суоҕа. Билиҥҥи курдук, санаатаҕыҥ аайы, ыраах айаҥҥа мэнээк турумматыҥ. Сиринэн суол быстар мөлтөҕө. Ол иһин, кыһалҕаттан, дойдубутугар сайыҥҥы каникулга трамвайынан барарбыт. Оо, барар күммүн наһаа да кэтэһэр этим. Мэктиэтигэр хас чаас хаалбытын кытта ааҕар этим. Манна «трамвайынан барарбыт» диэн хайдах эрэ боростуой баҕайытык этэн кэбистим дии. Онно өссө киириэххин наада этэ. Куруук ынырык анньыһыылаах буолара. Трамвайы «штурмалаан» ыларбыт. Дойдуларыгар тиийэ охсоору сорохтор аһара наһаалыыллар быһыылаах этэ. Хайыахпытый, хаалбат туһуттан анньыһан киирэрбит. Үгүс киһи, сүрүннээн оҕо, дьахтар аймах, кырдьаҕас дьон трамвайы сайыһа көрөн хаалаллара.
Оччолорго Тумулга сайынын дьон бөҕө буолара. Ордук оҕо аймах элбэх буолара. Дьэ, ити ити сайыҥҥы ыйдарга биһиэхэ аймах бөҕө кэлэн дуоһуйа сайылыырбыт. Уонча сиэн эһэлээх эбэ бэлэмигэр олорон хото мэниктиирбит, дуоһуйа сынньанарбыт.
Эһэбит кэлин биһиги — оҕолор өргө диэри утуйарбытын сэҥээрбэт этэ. Кини: «үлэһит киһи эрдэ турдаҕына дьыалатын ситэр» диэн биһигини олох муудараһыгар үөрэтэрэ. Хас сайын аайы элбэх буолан от үлэтигэр үөрэ-көтө сылдьааччыбыт. Инньэ гынан уонтан тахса түгэх оту булунааччыбыт. Онно эһэм сүбэ-ама буолааччы.
Кутанаҕа көһөн киирэн баран, бочуоттаах сынньалаҥар олорон, эһэм кэтэх хаһаайыстыбатын бэйэтэ тутан олорбута. Кыһынын ынахтары аһатара, күөлгэ киллэрэн уулатара. Инньэ гынан сүөһүлэрбит куруук төрөлкөй буолаллара. Кэлин мин таайбыныын көмө буоларбыт.
Аҕыс уончатыгар сылдьан бэйэтин баҕатынан теплица туттан оҕурсуну хото үүнэрэр буолбуппут. От ыйыттан бэйэбит оҕурсубутун астына сиирбит. Маны таһынан хас саас аайы тиэргэммит хаарын ыраастыырбыт. Күһүн тиэргэммитин чөкөтөрбүт. Өрөбүлүм буоллаҕына таах олордубата. Эбэһээт дьарык булан үлэлэтэрэ. Инньэ гынан кини миигин дьиэ ис-тас үлэтигэр уһуйбута.
Эһэм туһунан өссө биир маннык арылхай түгэни кэпсиэхпин баҕарабын. Бэһис дуу, алтыс дуу кылааһы бүтэрэн баран, ый курдук үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар (ЛТО) сылдьыбытым. Онно биһиги сарсыарда сэттэ чааска туран эбэһээт биэрэстэттэн ордук сири сүүрэр этибит. Ол кэннэ аҕыйах чаас бары туруммутунан оттуурбут. Ити курдук биир сезоҥҥа сылдьан, бастакы хамнаспын аахсан, үөрэн-көтөн эһэбэр тиийэн эппиппэр кини «бу эн бэйэҥ сыралаах үлэҕинэн, көлөһүҥҥүн тоҕон ылбыт харчыҥ. Онон бастакы хамнаскын бэйэҥ сөптөөхтүк тутун» диэбитэ өйбөр хаһан да умнуллубаттык хатанан хаалбыт. Бу түгэн кини киһи быһыытынан чиэһинэйин, муударайын арылхайдык кэрэһэлиир дии саныыбын.
Биһиги, Өндүрүөйэптэр халыҥ аймах, киэн туттар киһибитин куруук өйдүү-саныы, киэн тутта сылдьыахпыт диэн бигэ эрэллээхпин.
Гаврил Андреев