Атырдьах ыйын 15 күнүнээҕи туругунан, улуус үрдүнэн 22137 туонна от кэбиһиллиннэ. Ходуһаҕа охсуллубутунан 22355 туонна от сытар. Бу күннэргэ улуус үрдүнэн 3 тыһ. тахса  отчут ходуһаҕа сылдьар. Сорохтор номнуо оттоон бүтэн, күрүөлэрин-хаһааларын өрөмүөннэнэллэр, сорохтор отторун тутатына тэлгэһэлэригэр киллэрэн кыбыыга чөкөтөллөр.

Маар Күөл нэһилиэгэр 1210 туонна оту кэбиспиттэр. Элгээйи отчуттара 2200 туонна оту бэлэмниир сорудахтаахтарыттан 1547 туоннатын булунан олороллор. Ходуһаҕа билигин 80 отчут 93 тиэхиньикэни туһанан сүөһү сиир аһын бэлэмигэр сылдьаллар. Хаданнар бу күҥҥэ 830 туонна оту бэлэмнээтибит диэн улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатыгар отчуоттаабыттар. Ол аата былааннарын 79 бырыһыанын ылбыттар. Бу күннэргэ тэтими түргэтэн, сорудаҕы толорорго биирдиилээн, тэриллиилээх хаһаайыстыбалар үлэлии, оттуу сылдьаллар.

Сорох чугаһатан эрэллэр. Ол курдук, тэҥкэлэр былааннарын 115 бырыһыан толорбуттар. Бүлүүчээн нэһилиэгэ быйыл окко былааннара 700 туонна эбит буоллаҕына, мантан 660 т оту кэбиһэн былааннарын 94,3 бырыһыан толорон иһэллэр.

Быйыл 90 сааһын туолаары сылдьар Яков Васильев сылын аайы тэлгэһэтин отун илии хотуурунан охсон, үгүөрү оту ылар. Быйыл да бу үгэһинэн тэлгэһэтиттэн 14 улахан бугулу ылбытын кэпсээтэ:

— Аныгы киһи илии хотуурунан оттуура ахсааннаах. Дьиҥэр, илиинэн үлэлиир киһи этэ-сиинэ чөл сылдьар, доруобуйаҕа туһата улахан. Төһө да саас ыллар, төрүттэрим үгэстэрин бырахпаппын. Урут сүөһүлээх эрдэхпинэ, ходуһабын илиинэн охсорум. Быйыл тэлгэһэм отугар эрдэ киирбиппин дуу дии саныыбын. Тоҕо диэтэр, от арыый тэппитин кэннэ охсубутум буоллар, сүүрбэччэ бугулу ылыам эбитэ дуу. Төһө да ходуһам  тэлгэһэм иһигэр буолбутун иһин, улахан отчут курдук сананан, сарсыарда эрдэ сөрүүҥҥэ оппор тахсабын. Эппин-сииммиин үөрэтэн, аргыый наллаан охсобун. Хотуурбун таптайан, кыраабылбын оҥостон окко эрдэттэн бэлэмнэнэбин. 

Владимир Иванов, Дьаархан нэһилиэгин олохтооҕо:

— Мин быйыл сиэн уолаттарбынаан уонна дьону кытта кыттыгас Чуукаарга оттоотубут. Быйыл от үүнүүтэ орто диэххэ сөп. Томтор сирдэрэ хаппыт, уулаах сирэ үчүгэй, аһыҥа туран эрэр диэн бэлиэтиэххэ сөп. Уопсайа 32 туонна оту оттоотубут. Күн-дьыл туран биэрэн оту күөхтүү ыллыбыт, хаачыстыбата үчүгэй. Онон отчут дьоҥҥо бэрт сайын ааһан эрэр.

«Сунтаар сонуннара» хаһыат

Читайте дальше