Мин иннибэр бэйэ-бэйэлэрин диэки сып-сылаастык көрсөн мичилиһэ олорор, дьиэ иһигэр истиҥник «Тома», «Боря» диэн ыҥырсар мин ыкса ыалларым олороллор.

Кинилэр бу от ыйын 28 күнүгэр сокуонунан суруллан, ыал буолан, унаар буруону унаарыппыттара 45 сылын туолар. Бу икки хаһан да бэйэ-бэйэлэрин билсибэтэх уоллаах кыыс төһө да улахан тапталынан холбостоллор, ол сыһыаны сылааска биэбэйдээн, өйдөһөн, ытыктаһан, оҕо төрөтөн, сиэн тэнитэн ытык-мааны ыал буолуулара бу улахан үлэ түмүгэ.

Харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн

Дьэ, бу мааны ыал буолуу хайдах саҕаламмытай? Тамара Ильинична, Борис Егорович иккиэн учуутал дьону олохторун биһигэ – оскуола – холбообута. Ол саҕана сэбиэскэй былаас каадырдары иитэн таһаарыынан утумнаахтык дьарыгырара. Ол сиэринэн, Бордоҥ оскуолатыгар дириэктэрдии сылдьар Николай Андреевы солбуйтараары Элгээйигэ үлэлии сылдьар учуутал уолу – Бориһы  улууска үөрэҕирии систиэмэтигэр улаханнык убаастанар салайааччы Илья Иванов Бордоҥҥо аҕалан биир сыл дириэктэр үлэтин ымпыгар-чымпыгар такайбыттара. Ол саҕана чахчы үлэҕинэн, талааҥҥынан үлэҕэр үрдүүр этиҥ.

Тамара Ильинична эмиэ ол саҕана Магадааннааҕы пединституту бүтэрэн кэлбитэ. Бэйэтин аттыгар илдьэ олороору ийэтэ, мааны кыыһыгар кыһаллан үлэ кэпсэтэ тиийбит. Эдэр дириэктэр учууталлара толору буолан, пионер баһаатайынан  кэтэхтэн, үлэһитин көрбөккө эрэ үлэҕэ ылбыт. Үөрэх дьыла аһыллара бу буолбут, саҥа пионер баһаатай кэлэ да сылдьыбатыттан сэрэхэдьийэн дьиэтигэр тиийбит, эмиэ ийэтин нөҥүө үлэтигэр тиийдин диэн илдьиттээбит. Кыыс кэлэн үлэлээн барбыт, эдэр дириэктэр пионерскай хос диэки, араас сылтаҕынан чаастатык сыбыытаан барбыт. Ол «бэрэбиэркэлэр» түмүктэригэр уоллаах кыыс айылҕаҕа күүлэйдиир, үлэлэрин былаанын чиҥэтэр буолбуттар. Билигин ол көрсүһүүлэрин – свиданияларын күлэ-үөрэ кэпсииллэр. Санаан көрүҥ, киэһээҥи киинэ кэнниттэн, сарсыҥҥы үлэлэрин бэлэмнээн баран Бэрииһэбинэн, Элгээнинэн, паарканан эргийэн Киирэпкэ тиийэн төннөллөрө. Ити төһөлөөх үлүгэр киэҥ сир буоларын Бордоҥ олохтоохторо билэллэр, ааҕан баран саллыахтара. Отой түргэн хаамыынан, айанньыттар курдук, сарсыарда 4-5 чааска диэри сылдьан, хааман дьиэлэрин булаллара. Ол сылдьан үрдүкү кылаас оҕолоро күүлэйдии сылдьалларыгар түбэһэн икки өттүттэн сасыһа оонньууллара. Дьэ, бу курдук сылы быһа билсэн оруобуна олимпийскай – 1980 сылга ыал буолбуттара.

Ити айанньыттар курдук диэн күлэ-оонньуу эппиттэрэ туолан иннилэригэр киэҥ айан суола тыргыллан кэллэ. Бу айан суолугар 3 оҕону төрөтөн, улаатыннаран, элбэх сиэни тэнитэн, нэһилиэк, улуус сайдыытыгар үлэ бөҕөнү үлэлээн улахан олоҕу олорон кэллилэр.

Борис Егорович учууталтан саҕалаан улуус мунньаҕын бэрэссэдээтэлигэр тиийэ үлэлээбит үлэтэ бүтүн кинигэнэн тахсыбыта.

Бүгүн мин, ыкса ыалларбын, үгүс киһи билбэт-көрбөт өрүттэриттэн саха ыалын быһыытынан арыйыам. Саха киһитэ менталитета атын. Таптаатым диэн өрө тыына сылдьыбакка, таһыгар таһаарбакка истиҥ сыһыанынан, холку буолуунан, бэйэ-бэйэҕэ ытыктабылынан олоҕун оҥостор. Ильинична: «Биһиги аҕабыт оҕону отой мөхпөт, ордук уолаттарын», — диэбитин аҕа баһылык: «Оҕолор аҕалаахтарын, көмүскэллээхтэрин билэ улаатыахтаахтар. Мин аҕата суох улааппыт буоламмын аҕата суох диэни оҕолор, улахан да дьон өттүлэриттэн билэн улааппытым. Улааппытым кэннэ, төһө да ыҥыра сатаабытын үрдүнэн хом санаалаах буолан айбыт аҕабар барбатаҕым», – диэн ситэрэн биэрдэ. «Тэҥкэ кытыы сир, 4 эрэ кылаастаах буолан интэринээккэ, ыалга олорон үөрэнэрбит, кыһыҥҥы, сааскы каникулларга бэрт кылгастык дьиэҕэр баран дьоҥҥун көрсөҕүн, сайын араас практика кэнниттэн кэлээт, хоноот даҕаны сайыны быһа балааккаҕа хоно сылдьан оттуу бараҕын. Ол иһин төрөппүттэргин, бииргэ төрөөбүттэргин кытта алтыһарыҥ аҕыйах курдук буолара», – диэн бу кырыы сиргэ үөскээбитин, бэйэтэ этинэн-хаанынан билбитин эттэ.  Оттон Тамаралаах отой бииргэ тутуһан үөскээбит буолан олус эйэлээхтэр диир.

Кыра эрдэхтэриттэн таҥара түүлээх түһэҕэр төкүнүйбүт дьон баар дии саныыбын, биир оннук киһинэн Тамара буолар. Дьиэ кэргэнигэр бары таптыыллара, атаахтаталлара. Оннооҕор ийэтэ ыалдьа сытан күтүөтүгэр: «тоойуом, наһаа элбэхтик командировкаҕа бараайаххын, ити кыыс оҕону сатаан көрбөт» диэ дуо? Кыыһым барахсан хата санаа хоту атаахтатар, тараҥнатар үтүө киһиэхэ тахсыбыт диэн санаата туолан сымнаҕастык айаннаабыта. Ол курдук, Борис Егорович Тамаратын таҥара табатын курдук көрөр. Тамара эмиэ Бориһын бэрийэн тахсар. Бу уһун сыллар усталарыгар куруук ыраас таҥаһынан, баттаҕа чөкө прическалаах, благороднай сединалаах кырааскалаах сылдьарын көрөн аараттан олус үөрэбин. Билигин оннооҕор дьахталлар, эһигиттэн бу айылаах буоллубут диэбит курдук, сааһыра бардахтарына, баттахтарын көрүммэттэр. Бэйэни көрүнэ сылдьыы бастатан туран тус бэйэни, тулалыыр эйгэҕин убаастааһын буолар.

Оҕону иитиигэ улахан болҕомтону ууран

Эрдэ этэн аһарбытым курдук, бу ыаллар 3 оҕолоохтор. Онтон мин чуолаан кыра уол Борикка туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Кыра Боря улаатан, халлааны хайа суруйар уһун, киһи оҕолоохпун диэн хараҕа туолар киһитэ буола улаатта, ХИФУ тутуу үөрэҕин бүтэрэн улахан сатабыллаах тутааччы. 2024 с. дьонун «мэһэй Боотур» буола сылдьымаҥ, сынньаныҥ, доруобуйаҕытын көннөрүҥ диэн Дьокуускай куоракка ыыталаан баран дьиэ акылаатын бетоннаан, муостатын (теплый пол) сылытан, түннүктэрин уларытан, тас өттүн виниловай фасадынан эпсиэйдээн, киһи оҕолооҕун билэрин курдук төрөппүттэригэр кырдьар саастарыгар нус-хас олоҕу бэлэхтээтэ. Тиэргэнин, дьиэтин иннин кафеллаан, тротуардаан киһи билбэт гынна.  Ону таһынан миэхэ тугум да алдьаннын, барытын оҥорон иһэр. Дьиэм үктэлэ алдьаммытын үөрэхтээх тутааччы кулгааҕар харандаас кыбыта, моонньугар метровка иилинэ сылдьан быһар-отор, саайар. Психиатр быраас күрдьэхтээх сылдьан хаһар, тэҥниир, нарылыыр. Онколог быраас ону тула көтө сылдьан көрөр. Бу курдук кыра эрдэхтэриттэн табаарыстыы уолаттар билигин да бииргэлэр. Сунтаарга  ыт,  ат боппуруоһа сытыытык турар. Быйыл сайын, биир үтүө үрүҥ түүн үөр сылгы оҕуруоппун алдьатан киирэн үүнээйибин күн-ый ыһыаҕа оҥорбуттара. Туох буолара барыта үчүгэйгэ. Хата олбуорум алдьанан Борям сылаас сыһыанын, уус илиитин эмиэ биллим. Оҕом барахсан биир-биэс харчыта суох күнү быһа устуруустаан нарылаан наһаа, наһаа үчүгэй олбуору кылбатан кэбистэ. Бу буолар ыкса ыалга убаастабыл, кырдьаҕас киһиэхэ ытыктабыл, табаарыска эрэллээх буолуу, киһи быһыытынан таһым көстүүтэ, төрөппүттэр иитиилэрин үтүө түмүгэ.  Урут кыра оҕобун Маркелы күнү быһа үлэлии барарбар дьиэтигэр соҕотохтуу хаалларан барар этим. Оҕобун Герасимовтар бэйэлэрин оҕолорун кытта тэҥҥэ тутан, сөтүөлүү бардахтарына илдьэн, көрөн, аһатан сылдьааччылар, ону мин эдэр сылдьан буолуохтаах курдук ылынар эбиппин. Билигин өйдөөн махтанабын.

Тамара Ильинична бииргэ төрөөбүт убайа Панкратий Ильич тула ыалларын кэрийэ сылдьан, буочукаларбытын көрөн, бэйэтин санаатыттан уу куттарар этэ. Оччолорго билиҥҥи курдук звоноктаан эрэ кэбиспэккин, кыһын тымныыга, сайын куйааска өрүскэ киирэн бодобуоһу тутан уу куттараҕын.

Үчүгэй, тапсар ыкса ыаллаах буолуу олоххо биир эмиэ улахан табыллыы. Бэйэлэрэ кыһаллалларын ааһан ыттара Моойто эмиэ биһигини көрөр,  тэпилииссэбитин харабыллыыр этэ. Оннооҕор улахан ыттартан оҕобун, ыппытын ыраахтан ытыырын истэн сүүрэн тиийэн быыһаабыта кэрэ кэпсэлгэ сылдьар, улахан махталынан ахтыллар. Моойто ымыылаах ыт этэ. Биирдэ Ильинична бохоруонаттан кэлбитигэр ыта дьиэтигэр киллэрбэккэ хаайа сылдьан үрэн баран, ойоҕоһуттан хабан олорсон кэлбит хара дьайы дьалбарыппыта.

Герасимовтар киһи сөҕүөн курдук элбэх ыалдьыттаахтар, хоноһолоохтор. Сорох сороҕор ханна батаралларый диэх курдук. Быйыл сайын эмиэ кырата 4 -5 сиэн сайылыы кэлэ сылдьар. Ону тэҥэ халыҥ аймах Уаровтар сиэннэрэ эргийэн ааһа тураллар. Үчүгэй ыал элбэх ыалдьыттаах, хоноһолоох буолар.

Бэйэҕит тускутунан кэпсээҥ диэтэххэ Борис Тамараны, Тамара Бориһы кэпсээн бараллар. Борис Егорович бары үлэҕэ бүгүрү. Ону батаннар оҕолор бары олус минньигэстик астыыллар, дьахтар, эр киһи үлэтэ диэн араара турбаттар. Хаһаайын саамай сөбүлүүрэ – тустуу. Тустуу буоллар эрэ телепередачаны көтүппэт, ханна буолар сиригэр баран көрөр. Бэйэтин дьонугар олус ис сүрэҕиттэн ыалдьар. Түүн ортото оҕо ытаан уһугуннардаҕына төһө да сылаарҕаабытым иһин сирэйбэр мичээрдээх оҕоҕо төҥкөйөбүн, оччоҕо оҕо уоскуйар, кинини таптыылларыгар, харыстыылларыгар эрэнэр диэбитэ ханнык баҕарар төрөппүттэргэ, эһэлэргэ, эбэлэргэ үтүө холобур буолар. 32 сааспар ыал буолбутум, үөһэттэн ыйыллыбыт, Уһун Дьурантай суруйбут дьылҕам бэлэҕэ диэн дьоллоох эрэ дьахтарга ананар тыллары улахан сылык өйдөөх Борис Егоровичтан илэ истэммин дьүөгэм туһугар олус үөрдүм.

Маннык кэрэ, үйэлээх тыллар ананар Далбардара илиилээх ырааһа -иистэнньэҥ. Саҕалаабыт үлэтэ бүтүөр диэри илиитин араарбат дьаныардаах үлэһит. Тамара түүн үлэтэ-хамнаһа тахсыыланар – сова. Хаһыс эрэ уугун утуйан баран уһугуннаххына Герасимовтар уоттаахтарын көрөн соһуйбаккын – ол Тамара үлэтин оройо. Сороҕор эр киһи командировкаҕа, бултуу бардаҕына, ас астыыртан, эр киһини бэрийэртэн дьахтар аймах сынньаммыт курдук буолар. Онтон Тамараҕа Барыыһа суох туга да сатаммат, табыллыбат буолар, оннооҕор бэйэм сууйар таҥаспын сатаан сууйбаппын диэн сөхтөрдө. Өр сыл учууталлаан баран кэмигэр уурайан соцпедагогунан үлэлиир. Ол таһынан, биир-биэс хамнаһа суох  “Кустук” театральнай студияны салайар. Манна сылдьар оҕолор улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар куонкурустарга ситиһиилээхтик кытталлар, олус үчүгэйдик сахалыы саҥараллар, өйдүүллэр.

Бу курдук, Тамараны Барыыһа, Барыыһы Тамарата суох сатаан өйбөр оҥорон көрбөппүн. Быйыл сайын Тамара, Борис Герасимовтарым улахан тапталынан таҥыллыбыт  олохторун тэргэн айанын суолугар бииргэ олорбуттарын 45 сылын көрсөллөр. Айаҥҥыт аартыга өссө сырдык саҕахтарга, чаҕыл сарыалларга тыргылла , дьол утаҕынан арчылана турдун!

Зинаида ФЕДОТОВА-Дьол Кыыма

 

Читайте дальше