Сарсын, сэтинньи 6 күнүгэр, Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи фашизмы утары иккис пуорума буолуоҕа. Бастакы пуорум былырыын ахсынньыга Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүн иннинэ буолбута.
Дьокуускайга фашизм суоһааһынын сэрэтии, бу дьайтан харыстааһын сыаллаах-соруктаах пуорумҥа «Түмэн» -устудьуонньар түмсүүлэриттэн 5 ыччат кыттыаҕа.
Оттон сарсын С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинигэр күнүс 4 чаастан пуорум пленарнай чааһын быһа холбонон көрүү-истии буолуоҕа. Бу улахан киэҥ суолталаах тэрээһиҥҥэ улуус олохтоохторо көхтөөхтүк кэлэн кыттыҥ.
Уопсастыбаҕа неофашизм бары көрүҥүн утарар өйү-санааны үөскэтиэхтээх, XXI үйэҕэ неофашизмы уонна нацизмы кыайарга антифашистскай күүһү барытын түмүллүөхтээх, үгэс буолбут сыаннастарбыт көмүскэллээх бууолуохтаах уонна өссө күүскэ бөҕөргүөхтээх.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат