Сунтаар улууһун Аллыҥа нэһилиэгэр 430 киһи олорор. Мантан 60-ча үөрэнээччи, оттон саамай кырачааннара “Үрүйэчээн” оҕо уһуйааныгар сылдьааччыта 25 оҕо. Нэһилиэккэ чааһынай ыаллары таһынан 5 бааһынай хаһаайыстыбалаахтар.
Кэккэ сылларга аллыҥалар араас федеральнай бырагыраамаларга, бырайыактарга киирсэн элбэх үлэ ыытыллан, нэһилиэк сыллата сайдар диэн астына кэпсииллэр. Манна барытыгар үрдүкү салалта, улууспут дьаһалтата уонна улуус тэрилтэлэрин биир түмүктээх үлэтин түмүгэр нэһилиэк олоҕо тупсарын олохтоохтор бэлиэтииллэр.
Аллыҥаҕа бу кэккэ сылларга барбыт араас хайысхалаах үлэлэртэн биирдэстэрэ «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» федеральнай бырагырааманан 8 кыбартыыралаах уопсай дьиэ тутуллубута буолар. Манна билигин эдэр исписэлиистэр, учууталлар олороллор. Тыа сиригэр маннык толору хааччыллыылаах дьиэ-уот тутулларыттан дьон олохсуйардыы сананара элбиир диэн дьиэ олохтоохторо этэллэр. Санатар буоллахха, бу дьиэ 2021 с. ахсынньытыгар үлэҕэ киирбитэ. 2020-2021 сс. «Үрүйэчээн” оҕо саадыгар оонньуур былаһаакка ылыллыбыта. Нэһилиэк иһинээҕи уот ситимнэрэ өрөмүөннэннилэр. Суол-иис тупсарыытыгар эмиэ кырата суох үлэ барар. Нэһилиэк иһинээҕи суоллары көрүү-истии эмиэ сүрүн болҕомтоҕо турар. Уопсайа 700 м суол, 300 м бетон тротуар оҥоһулунна, 700 м ититэр ситим өрөмүөннэннэ, 30 км оттуур ходуһа күрүөлэннэ. Быраҕыллан турбут Күүлэ сирин буолалара сөргүтүлүннэ. Аллыҥаҕа кэлиҥҥи сылларга уопсайа аҕыс чааһынай дьиэ тутулунна. Сунтаар улууһун салалтатын көмөтүнэн «Бэс күөлүн» суола оҥоһуллан, олохтоохтор иһэр ууларын онтон хааччынан олороллор.
Күннээҕи олох-дьаһах уйгутун тупсарыыттан ураты нэһилиэк историятыгар эмиэ улахан болҕомто ууруллар. Урукку өттүгэр Аҕа дойду сэриитигэр бу кыра нэһилиэктэн 62 киһи ыҥырыллыбыт диэн эбит буоллаҕына, Аллыҥаттан 79 буойун чопчуланан кинилэр сырдык ааттарыгар сүгүрүйэн нэһилиэк искибиэригэр 2022 с.ыам ыйыгар мемориальнай дуоска арыллыбыта. Манна баһылык Николай Васильевич: «Кыраайы үөрэтэр түмэл сэбиэдиссэйэ Таисия Семеновна уонна аҕа саастаахтарбыт көмөлөрүнэн Аҕа дойду сэриитигэр бэбиэскэ туппут дьоммут ааттарын үйэтитиигэ үгүс өрүттээх үлэ барда. Буойуттарбыт хас биирдиилээрин ааттарын, кинилэр дааннайдарын, хаартыскалаан гранит билиитэҕэ түһэрэн, билигин нэһилиэкпит биир киэн туттар, ыччаттар сүгүрүйэр сирдэрэ буолла. Бу чахчылары түмэммит кинигэ таһаарбыппыт, салҕыы эмиэ үлэ барар.
Бу быйыл өссө сүрүн үлэбитинэн былырыын кэпэрэтииппит тыа хаһаайыстыбатын Гранын ылан, хотон тутулла турар, быйыл үлэҕэ киириэхтээх. Манна биһиэхэ «Татыйыына» пиирмэ 50-ча племенной тарбыйаҕа туруохтаах. Олохтоохтор киин ититиигэ холбонуулара салҕанар, биһиэхэ уопсайа билигин 16 ыал холбонно. Социальнай хантараагынан олохтоохтор эмиэ үгүс көмөнү туһаналлар», — диэн кэпсиир.
Нэһилиэк олохтооҕо Раиса Алексеевна Иванова:
— Кэнники сылларга нэһилиэккэ үгүс үлэ барда, мантан саамай биһиги, олохтоох дьон астынарбыт диэн, бу эдэр дьоҥҥо, ыалларга толору хааччыллыылаах таас дьиэ тутуллубута буолар. Былырыын «Аҕа дойду сэриитин бэтэрээннэригэр уонна кыттыылаахтарыгар» анаммыт мемориал дуоската оҥоһуллан «Золотые скамейки» искибиэригэр туруоруллан нэһилиэк олохтоохторугар бэлэх буолбута. Манна сылын аайы сибэкки арааһын, мас олордон нэһилиэк көстүүтүн киэргэтэллэр.
Билигин араас бырагыраамалар бааллара олус үчүгэй. Манна барытыгар өйдөөн-төйдөөн ылыстахха, үлэ үтүө түмүктээх буолар. Дьэ оччоҕо олохтоох дьон олоҕо тупсан, бүттүүн нэһилиэк олоҕо-дьаһаҕа сайдар, ыччат дьон олохсуйуута элбиир буоллаҕа.
Ольга, эдэр исписэлиис:
— Мин Аллыҥа нэһилиэгэр 2016-17 үөрэх дьылыгар үлэлии кэлбитим. Бу саҥа таас уопсайга 2022 сылга саҥа дьыл кэннэ олоро киирбитим. Дьиэ толору хааччыллыылаах буолан сүрдээх үчүгэй уонна саамай сүрүнэ сылаас. Тыа сиригэр ананан кэлбит, саҥа үлэлээн саҕалыыр эдэр дьоҥҥо дьиэ-уот сүрүн ирдэбил буоллаҕа. Онон маннык дьиэлэр элбээн, сайдыы барар.
Юлия АЛЕКСЕЕВА.