Дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит салалтата доруобуйа харыстабылын салаатыгар хаһааҥҥытааҕар даҕаны улахан болҕомтону уурар. Сыллата үгүс балыыһалар, анал кииннэр аһыллан, тигинэччи үлэлииллэр. Каадыр боппуруоһугар сүрүн болҕомто ууруллар. Ол курдук Арассыыйаҕа медицина үлэһиттэрэ тиийбэт регионнарыгар 2012 с. «Земскэй дуоктар» оттон 2015 с. “Земскэй биэлсэр” диэн анал бырагыраамалар үлэлээн, үтүө түмүгү көрдөрдүлэр.
Ону таһынан «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан анал тиэхиньикэнэн эмп тэрилтэлэрин хааччыйаллар. Оттон Сунтаарбыт улууһун киин балыыһата анал тиэхиньикэнэн хааччыллыыта хайдаҕый? Бу туһунан биһиги улуус кылаабынай бырааһын тэрийэр-методическай үлэҕэ солбуйааччыта Ньургустаана Тимофееваны кытта кэпсэттибит:
– Ньургустаана Валерьевна, бу кэнники 5 сылга киин балыыһа төһө саҥа тиэхиньикэлэннэ уонна ханнык бырагыраама нөҥүө кэллилэр?
– Барыта 17 араас тиэхиньикэ улуус доруобуйа харыстабылын салаатын бас билиитигэр бэрилиннэ. Үксүлэрэ (15-һэ) «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан. Оттон Сунтаар нэһилиэгэр кэлбит 3 массыына, Бүлүүчээн уонна Күндэйэ балыыһаларыгар бэриллибит тиэхиньикэ «2020-2025 сс. Тыа сирин кэлимник сайыннарыы» тус сыаллаах бырагырааманан.
Ити кэлбит 17 тиэхиньикэттэн 4-дэ эрэ суһал көмө массыыната. Атыттар – атын моделлаах тиэхиньикэлэр. Холобур, аҥаардас 2021 сылга УАЗ мааркалаах массыыналар Тойбохой, Элгээйи, Сиэйэ, Бордоҥ олохтоох балыыһаларыгар бэриллибиттэрэ. Олор бары билигин сүүрэ-көтө сылдьаллар.
Гаврил АНДРЕЕВ.