Устьеҕа – пеноцеолиттан дьиэ

«Сунтарцеолит» ХЭУо сүрүн үлэтин таһынан (таас чоҕу, цеолиты хостооһун) өссө тутуунан утумнаахтык дьарыктанар. Ол курдук, тэрилтэ хас да социальнай эбийиэктэри тутан, үлэҕэ киллэрдэ. Билигин кинилэр Устье бөһүөлэгэр «пеноцеолит» диэн сонун тутуу матырыйаалынан үс этээстээх таас дьиэни тута сылдьаллар. Бу туһунан биһиэхэ тэрилтэ генеральнай дириэктэрин оҥорон таһаарыыга (производствоҕа) солбуйааччыта Прокопий Сергеев кэпсиир:

 – Устьеҕа тутулла турар 30 кыбартыыралаах дьиэ «Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагыраама чэрчитинэн барар. Эбийиэги тутуу 2022 с. ыам ыйын 1 күнүттэн саҕаламмыта. Үлэ бу сыл бүтүүтэ түмүктэниэхтээх. Дьиэ бэйэтэ дренажнай монолит конструкцияттан турар. Эппитим курдук, 30 кыбартыыралаах. Ол иһигэр 5-һэ үс хостоох, 2 хостооҕо 8 уонна 17-тэ биир хостоохтор. Эбийиэк ылар уопсай иэнэ 1962 кв.м. тэҥнэһэр. Аҥаардас дьиэ балконун иэнэ 90,90 кв.м. ылар.  Бу тутулла турар эбийиэк атыттартан уратыта диэн иһинээҕи истиэнэтэ пеноцеолиттан оҥоһуллубут блоктартан турар. Бу саҥа тутуу матырыйаала сылааһы тутарынан уонна чэпчэкитинэн атыттартан биллэ ордук диэн этиэх тустаахпын.

Гаврил АНДРЕЕВ.

Читайте дальше