“Култуура” национальнай бырайыак чэрчитинэн “Кириэстээххэ 150 миэстэлээх саҥа кулууп тутулла турар. Тутууну “Андраники” тутуу тэрилтэтэ сүрүннүүр.
Санатан этэр буоллахха, Үлэ дьоруойа Владимир Михайлов дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путинтан нэһилиэккэ дьон сынньанарыгар табыгастаах, сылаас, аныгылыы оҥоһуулаах кулууп дьиэтин тутуутун көрдөспүтэ. Онон бу тутуу Владимир Владимирович бэйэтин тус хонтуруолугар сылдьар диэтэххэ сыыспаппыт.
Кириэстээхтэр урукку сылларга олус тымныы кулууп дьиэлээхтэрэ. Ол 1983 сыллаах тутуу этэ. Онтулара олус хаарбах туруктанан сабыллан турар. Аны билигин урут сельпо маҕаһыына, кэлин чааһынай маҕаһыын, ол кэннэ “Ситим” мусуой дьиэтэ буолан турбут эбийиэк ис өттө кытарарга былдьанан сылдьыбытын үлэһиттэр бэйэлэрин кыахтарынан оҥостон, дьон сынньанарыгар арыый да табыгастаах гына оҥостон киирбиттэрэ. Бу дьиэ аҥаар өттүгэр өссө почта отделениета, Ростелеком баар. Кулууп үлэһиттэрэ да, олохтоохтор да саҥа кулууптара тутулла охсон үлэҕэ киирэрин күүтэллэр, тутуу хаамыытын күннэтэ кэтииллэр.
Национальнай бырайыак чэрчитинэн тутулла турар кулууп дьиэтэ кэлэр сыл бүтүүтэ үлэҕэ киириэхтээх.
Яина ВЛАСЬЕВА.