Кырачааннар байыаннай хаамыыга күрэхтэстилэр

«Чебурашка» оҕо сайдар киинэ уһуйааннарга улуустааҕы байыаннай  хаамыы күрэһин тэрийэрэ үтүө үгэскэ кубулуйда. Бу сырыыга 7 уһуйаан иитиллээччилэрэ байыаннай хаамыыга, эт-хаан тургутуутугар күрэхтэстилэр.

Күрэс икки түһүмэҕинэн ыытылынна. Бастакы түһүмэххэ хамаандалар байыаннай таҥастаах стройдаан ырыа аргыстаах хаамтылар, хамандыыр хамаандатын толорон уҥа-хаҥас эргийдилэр. Иккис түһүмэххэ ырааҕы ыстаныыга, скакалкаҕа, сиртэн кэтэх тардыһан олорууга, хоһоон ааҕыытыгар күрэхтэстилэр.

«Чебурашка» уһуйаан сэбиэдиссэйэ Алена Ксенофонтова: «Бу хаамыы күрэһин биһиэхэ физкультура инструкторынан үлэлиир, урукку кэмҥэ байыаннай идэлээх Александр Неустроев көҕүлээн ыытар. Биир идэлээхпит бырайыагын өйөөн, маннык киэҥ далааһыннаах күрэҕи тэрийдибит. Быйылгы күрэхпитигэр бастакытын Кутанаттан «Мичээр», Күндэйэттэн «Күнчээн» уһуйааннара кыттыбыттарыттан олус үөрдүбүт. Урукку өттүгэр куйаар ситиминэн ыытааччыбыт. Сунтаар уһуйааннара бу хамсааһыммытын өйөөн мэлдьи кытталлар. Бары уһуйаан иитиллээччилэрэ олус бэлэмнэнээхтэр. Маныаха төрөппүттэр кыһамньылара улахан. Онон түгэнинэн туһанан, бары төрөппүттэргэ махталбытын тириэрдэбит. Маннык тэрээһиннэр оҕону кыра сааһыттан төрөөбүт дойдутун таптыырга, бэриниилээх буолууга үөрэтэр. Ону тэҥэ эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буолалларыгар туһалаах» диэн санаатын үллэстэр.

Хас түһүмэх, көрүҥ аайы кыайыылаахтар ааттаннылар. Байыаннай хаамыыга бастыҥнарынан 1үрдэл «Чебурашка» уһуйаан, 2 үрдэл «Ньургуһун»  уһуйаан, 3 үрдэл «Березка» уһуйаан иитиллээччилэрэ буоллулар. «Бастыҥ хамандыыр» аатын «Чебурашка» этэрээтин хамандыыра Тохтонов  Дьулусхан ылла.

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше