«Аҕа, ийэ уонна мин, баһаарынай дьиэ кэргэн»

Бүгүн, балаҕан ыйын 13 күнүгэр, Сунтаар улууһун Бордоҥ нэһилиэгэр «Аҕа, ийэ уонна мин, баһаарынай дьиэ кэргэн» диэн улуустааҕы бааһарынай чаастар үлэһиттэрин дьиэ кэргэттэрин  күрэхтэһиилэрэ буолан ааста.

Бу тэрээһин Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ — Оҕо саас сылын чэрчитинэн быйыл бастакытын ыытылынна.

Бааһаарынайдар дьиэ кэргэттэрэ 5 түһүмэххэ күрэхтэстилэр. Ол курдук «Визитка», «Дьиэҕэ үлэ», «Талаан», «Боппуруостарга хоруй» уонна «Эстафета».

Күрэхтээһи түмүгүнэн кыайыыны Сунтаартан Артемьевтар дьиэ кэргэн ыллылар. Кэлбит дьиэ кэргэттэр бары үөрэ-көтө кыттан, илии тутуурдах тарҕастылар.

Дмитрий ЫМЫЧАНОВ

Читайте дальше