ААН БАСТАКЫ САХАЛЫЫ ТЫЛЫНАН СУРУЛЛУБУТ КИНИГЭ — КАТАХИЗИС ЭБИТ

Төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр сахалыы сурук-бичик үөскүүрүгэр олук буолбут кинигэ Георгий Попов Катахизиһа буолар. Кинигэ төгүлэ (копията) бу күннэргэ саҥалыы тахсан саха тылын онобулун кэҥэтиэхтээх.

Билэҕит? Аан бастакы сахалыы суругунан суруллубут кинигэ Сунтаарга Георгий Попов аҕабыыт суруйбут КАТЕХИЗИҺА буолар.

«Катехизис» диэн туох ис хоhоонноох кинигэний? Катехизиска судургу тылынан православнай итэҕэл сүрүн өйдөбүллэрэ суруллаллар, быhаарыллаллар. Ол иhин бу кинигэ оҕолору сурукка-бичиккэ үөрэтэргэ туттуллара, атыннык эттэххэ оччотооҕу азбука, букубаар буолар.

Бу кинигэ төгүлүн улуус дьаһалтата чинчийии институтун кытта ыкса үлэлэһэн саҥа дьыл иннинэ Иркутскайтан кэлбитэ.

Кинигэ толору аата «Ыччаты христианскай сокуоҥҥа үөрэтии» диэн. Бастаан 1819 сыллаахха тахсан баран иккистээн 1821 сыллаахха иккистээн бэчээттэммит.

Соторунан бу кинигэ үһүстээн бэчээттэнэн тахсан саха тылын онобулун кэҥэтиэҕэ.

Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА

Читайте дальше