Сунтаарга норуот айымньытын музейын төрүттэниитэ

1980 с. Хабаровскайдааҕы үрдүкү партийнай оскуоланы кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитим. Ол кэннэ Ленин орденнаах «Элгээйи» сопхуос Күндэйэтээҕи отделениетыгар управляющайынан үлэлии сырыттахпына, 1983 с. Сунтаарга ССКП райкомун партийнай кабинетын сэбиэдиссэйинэн киллэрбиттэрэ. Билигин «Байкал» атыы-эргиэн дьиэтэ буолан турар урукку райком дьиэтигэр биир кэҥэс хоско үлэлиир буолбутум.

Сергей Зверевтэн саҕалаан Сунтаар оройуона үгүс элбэх ырыаһытынан, тойуксутунан, фольклориһынан, суруйааччытынан, норуот тигэр-уһанар маастарынан өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр этэ. Ол дьону үйэтитэр, дьон-сэргэ билиитигэр таһаарар, биллэрэр-көрдөрөр, ыччаты иитэр-уһуйар сыаллаах норуот айымньытын хоһун тэрийиэххэ диэн Эдуард Соколов хас да сыл сүүрэн-көтөн туруорсан тэрийбитэ. Парткабинет түгэҕэр биир хоһу биэрбиппитин тупсаран оҥорон, экспонаттары туруорар, уурар тэриллэри, планшеттары оҥорон музей курдук көрүҥнээн саҕалаабыта. Хос ортотугар халлаан күөҕэ өҥнөөх сукуна бүрүөлээх тумба үрдүгэр Элгээйигэ музей тэрийэн үлэлии олорор Б.Н. Андреевтан «бу саха ууһун өлбөт-сүппэт соҕотох улуу айымньыта айылҕа музейыгар турара сатала суох, онон Сунтаарга киллэриэххэ, бу чороонтон саҕалаан Сунтаарга норуот айымньытын музейа аар саарга аатырыаҕа» диэн хаста да төхтүрүйэн туруорсан киллэрбит сүүнэ улахан удьурхайтан оҥоһуллубут чороону туруорбута. Былыргылыы сиэдэрэй оҥоһуулаах киэргэллээх-симэхтээх саха ыҥыыра, оһуордаах саха сарыы этэрбэһэ, хас да солко куһаат, кутуу үрүҥ көмүс киэргэл, о.д.а. оҥоһуктар бааллара. Эдуард Дмитриевич суруйааччы буолан, норуот тылынан уус-уран айымньытын айааччыларга улахан суолта биэрэр этэ, ол сиэринэн олоҥхоһуттар, тойуксуттар, оһуокайдьыттар, суруйааччылар хаартыскаларын планшеттара көрөөччү болҕомтотун тардар этилэр.

Норуот тылынан айымньыларын, илиинэн оҥоһуктарын көрдөөн сылга хаста да экспедициялары тэрийэр этэ. Ити сырыытыгар бэйэлэрэ эмиэ айар, суруйар дьоҕурдаах, ыллыыр, туойар талааннаах доҕотторун К.А. Амбросьевы, В.В. Коротовы, Е.П. Захарованы, К.А. Пахомованы, уо.д.а. илдьитэлии сылдьара. Оройуонун нэһилиэктэрин Түбэй-Дьаархантан Үөһээ Мэйиккэ диэри хаста да төхтөрүйэн сылдьыталаабыта, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү улуустарыгар күүтүүлээх ыалдьыт буолуталаабыта, алмаастаах Мииринэйинэн Өлөөҥҥө, Анаабырга тиийтэлээбитэ. Аара суолга хаардаах буурҕаҕа ыллара сыһа-сыһа, кыра бөһүөлэктэргэ  1-5 диэбэккэ дьону мунньан көрдөөх-нардаах, ырыалаах-тойуктаах айар киэһэлэри тэрийтэлээн дьону үөрдэрэ-көтүтэрэ, ол түмүгэр музейыгар биир эмэ муос-туос оҥоһугу, былыргы иһити-хомуоһу, туох эмэ тэрили буллаҕына өрөгөйдөөх үөрүү көтөллөнөн салгыы айаҥҥа турара.

Ити курдук сылдьан биир хоско баппат экспонаттанан, аны музейы дьиҥнээхтик тэрийэр, биир хоско баппат боппуруоһу партия райкомугар, райсовет исполкомугар ааспакка-арахпакка туруорсан барбыта. Ол түмүгэр билигин 2 №-дээх орто оскуолаҕа бэриллибит таас кулууп иккис этээһин норуот айымньытын музейыгар биэрэр туһунан уурааҕы 1986 с. таһаартарбыта.

Эдуард Дмитриевич дьэ санаата табыллан норуот тыйаатырын худуоһунньуга Иннокентий Марковы ылан тиргиччи үлэлээн кулууп иккис этээһин киһи билбэт уларытан оҥорбуттара. Хас ахсын темата уларыйан, оҥоһуута-көстүүтэ сонунтан-сонун буоларын, утум-ситим сиэтиллэн норуот айымньыта бэйэ-бэйэтин байытан иһэрин көрдөрөр дьиҥнээх музей буолбута.

Музей айар үлэ мастарыскыайа буолуохтаах диэн бэйэтин ыраахха угуйар ыра санаатын киллэрэн испитэ. 2№-х орто оскуолаҕа үлэ уруогун учуутала А.А. Герасимовка кыра сахалыы остуоллары оҥотторон музейга киирэр ааҥҥа туруорбута, көмүс дуйдаах электрическэй сылабаар, чэй, кофе иһэр тэрил ылыммыта уонна музейга кэлбит айар куттаах киһини эбэтэр айар эйгэҕэ бэйэтэ билэр, билсэр киһитин ханнык эмэ түгэҥҥэ ыҥыран чэй иһэ-иһэ ирэ-хоро кэпсэтиини, айар мөккүөрү тэрийэр этэ, сорох ардыгар “былааннана сылдьар сэһэнин геройун буллум”  диэн  үөрэр-көтөр буолара.

Бу музей базатыгар 1986 с. кулун тутар 21-22 күннэригэр киэҥ ыҥырыылаах фольклор сэминээрин ыыппыппыт. Сэминээри райсовет бэрэссэдээтэлэ Б.Г. Игнатьев бэйэтинэн салайбыта, райкомтан мин, култуура отделыттан А.Н. Афанасьев, В.С. Николаев буолан тэрээһини кыайа-хото ыыппыппыт диир сөбө буолуо.

Дьокуускайтан учуонай-фольклористар В.В. Илларионов,  К.Д. Уткин, Үөһээ Бүлүүттэн И.Е. Иванов-Ороһуунускай улахан дакылааттары оҥорбуттара, биһиги кырдьаҕас фольклориспыт Г.Е. Федоров Сунтаар олоҥхоһуттарын, тойуксуттарын, Васильев И.Ф. оройуоммутугар тойук, оһуокай билиҥҥи туругун туһунан иһитиннэриилэри оҥорбуппут.

Э.Д. Соколов түмэли көрүү-истии, тылынан уус-уран айымньыны бу музей сүрүн көстүүтүнэн буолуохтааҕын туһунан өйдөөн бэрт сэргэхситии буолбута. Барыта 76 ырыаһыт, тойуксут, оһуохайдьыт кыттыбыта, ол иһигэр саҥа саҕалаан эрэр оҕолор бааллара астык этэ. Тимофеевтар дьиэ кэргэнинээн тойук ансаамбыллааҕа, Кутанаттан Архиповтар чабырҕахха дьиэ кэргэнинэн ансаамбыллара культурнай бырагыраамманы киэргэппиттэрэ.

Уопсай түспүт хаартысканы көрдөххө бииртэн биир кэрэ куоластаах, ураты суоллаах-иистээх, Сунтаар оһуокайын утумун сүтэрбэккэ илдьэ сылдьар кырдьаҕастардыын эдэр көлүөнэ айар үлэ умсулҕаныгар ылларбыт дьон түмсүбүт эбиппит.

С.Г. Иванов-Чыыраахы Сэмэн-Уһун Күөлтэн, Ал.П. Амбросьев-Тойуктаах Омбуруос, Е.М.Николаев – Элгээйиттэн, Е.М. Петров, Е.Г. Степанов – Күндэйэттэн, М.И. Омукова – Тойбохойтон, Р.М. Степанов, Е.С. Ымычанов – Хадантан, Кс.А. Амбросьев – Кириэстээхтэн, саҥа биллэн-көстөн эрэр М.М. Евсеев – Түбэйтэн, В.Е. Ананьев – Сиэйэттэн, уо. да а. норуот үс көлүөнэ талааннаахтара мустан ирэ-хоро кэпсэтэн, санаа атастаһыыта тэриллэн норуот айымньытын музейын үлэтин биир дьоһуннаах салаата буолара итэҕэтиилээхтик көстүбүтэ, Э.Д. Соколов биир улахан тэрээһинэ табыллыбытыттан сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ.

Бу тэрээһинтэн тэтим ылан музей базатын хаҥатар, инники үлэҕэ салҕыы хайысха ылар, норуот ураты талааннаах дьонун түмэр, үөрэтэр сыаллаах норуот маастардарын өрөспүүбүлүкэтээҕи курс-сэминээрин 1987с. ыыппыыппыт. Манна Дьокуускайтан Аммосова Е.Е., Гаврильева Р.С., Зверева А.Н. курдук улахан маастар-иистэнньэҥнэр, Марков Ф.И. – муосчут, Прокопьев А.П. – көмүс ууһа, Тарбахов И.И. – аатырбыт асчыт, Федорова Г.Г. – Саха университетыгар саҥа үлэлээн эрэр тойуксут, Неустроев Б.Ф.-Мандар Уус  кэлэн курс үлэтин таһымын үрдэппиттэрэ. Хас да секцияннан айымньылаах үлэ тиргиччи барбыта.

Былыргы көмүктэртэн ылыллыбыт моделлартан саҕалаан билиҥҥи күннээҕи муодаҕа диэри тигии, оһуордааһын, баайыы ньымаларын көрүү, үөрэтии киэҥ актыыбы тардан Партизан КДЬ тэриллибитэ, улахан быыстапка көрдөрүүгэ туруоруллубута. Бу быыстапканы аны Тойбохойго, Элгээйигэ, Кутанаҕа көһөрөн таһааран нэһилиэнньэ киэҥ араҥатыгар билиһиннэрии улахан сэргэхсийиини таһаарбыта.

Түбэй Дьаархаҥҥа  А. Зверев, Г. Федорова тэрээһиннэринэн улахан фольклор концерын көрдөрбүппүт.

Анисим Прокопьев, Мандар Уус тута көрдөрөн көмүһү тардыы, араас оһуору-дьарҕаны түһэрии ньымаларын курстара, Г.Н. Саввинов, Ф. Марков маска кыһан-хаһан оҥорууну көрдөрүүлэрэ бэрт элбэх ууһу түмпүтэ. Оройуоннаҕы киин остолобуойга Иннокентий Тарбахов саха астарын астааһыҥҥа курс ураты көстүүлээхтик барбыта. Сахабыт аһын арааһын, ону мас, туос иһиттэргэ кутан туруоруу чахчы да кэрэ көстүү буоларын аан бастаан барытын саба көрөн итэҕэйбиппит, саха аһын арааһа элбэҕин, сыта-сымара киһи сүрэҕин-быарын ортотунан киирэрин, амтана миинньигэһин манна дьииҥнээхтик билбиппит.

Бу курс музей үлэтин хайысхатыгар бэрт элбэҕи, Э.Д. Соколов эппитинии “саҥа тыыны, саҥа санаалары”  киллэрбитэ, оройуон салалтата норуот талаана муҥура суоҕун, үйэлэри нөҥүөлээн баччаҕа тиийэн кэлбит норуот айар дьоҕура көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, ол барыта музейдарга түмүллэн көстөрө ыччаты төрөөбүт түөлбэ,  бэйэтин норуотун урукку-билиҥҥи историятын үөрэтиигэ, билиигэ ураты суолталаах буолуоҕун бигэтик өйдөөбүтэ.

Дьэ ити курдук өрөспүүбүлүкэҕэ билигин биллэр-көстөр базаламмыт С.А. Зверев аатынан норуот айымньытын музейын тиһигэ (комплекса) суруйааччы, эколог, энтузиаст Эдуард Дмитриевич Соколов көҕүлээһининэн, тэрийиитинэн бэрт кыра хостон саҕаламмыта.

Ити сылларга бастаан партия райкомун парткабинетын, онтон пропаганда уонна агитация отделын сэбиэдиссэйин быһыытынан бу тэрээһиннэргэ быһаччы кыттыбытым, тэрийсибитим, ол иһин норуот айымньытын музейа тэриллибитэ 25 сыла туоларынан бу кылгас ахтыыны суруйдум.

Иван ВАСИЛЬЕВ

Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ,

Сунтаар оройуонун, Күндэйэ нэһилиэгин  Бочуоттаах гражданина,

“Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына.

(2008 с. ахтыыта, түмэл архыыбыттан)

 

Читайте дальше