Е.М.Молотковка аналлаах Мэҥэ таас турда

Бэс ыйын 12 күнүгэр Куокунуга уопсастыбаннай диэйэтэл, саха бастакы бөлүһүөгэ, 1907-1910с.с . Хочо улууһун кулубатынан уонна мировой судьуйатынан үлэлээбит Егор Михайлович Молотковка анаан, кини удьуордара Мэҥэ бэлиэ тааһы туруордулар.  Мэҥэ тааһы Куокунуга улахан киһи олорон ааспыт  Дьампа сиригэр туруордулар.

Бу Мэҥэ  таас өйдөбүнньүк бэлиэтэ дириҥ  суолталаах, ким даҕаны, туох даҕаны умнуллубатын кэрэһэлиир. Егор Михайлович Молотков хаһан эрэ олорон, үлэлээн -хамсаан, айан-тутан норуотугар, дьоҥҥо-сэргэҕэ умнуллубат суолу-ииһи хаалларбыт, киһи-аймах уонна дойду историятыгар сабыдыаллаабыт сырдык уобараһа буолар.

Ангелина ГЕНЕРОВА уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн,
Куокуну

Читайте дальше