Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр бары өттүттэн көмө, өйөбүл оҥоруу үлэтэ салҕанар. Бу күннэргэ Сахабыт сиригэр биир бэлиэ тэрээһин «Азия оҕолоро» оонньуулар буола турар. «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуонда филиалын көҕүлээһининэн, бу тэрээһиҥҥэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр биһиги улуустан элбэх оҕолоох уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах икки дьиэ кэргэн босхо сылдьарга ыҥырыы сурук туппута.
Дария Николаева элбэх оҕолоох ийэ икки оҕотун кытары сылдьар, санаатын маннык үллэстэр:
— «Азия оҕолоро» оонньуулар аһыллыыларын тэрээһинигэр сылдьан олус астынныбыт. Төрүт историябытыгар олоҕурбут театрализованнай дьүһүйүүнү көрдүбүт. Барыта үс тыһыынчаттан тахса кыттааччы араас дойдуттан кэлбит. Маннык улахан хабааннаах успуорт бырааһынньыгар сылдьан, илэ харахпытынан көрөн, олохпутугар биир умнуллубат түгэн буолла. Манан сиэттэрэн, «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда үлэһиттэригэр, чуолаан, Варвара Яковлеваҕа улахан махталбытын тириэрдэбит.
АЛЕНА ИВАНОВА