Түһүлгэлэр умнуллубат өрөгөйбүт VIII «Азия оҕолоро» оонньуулар аһыллыыларыгар кыттыыбыт буолар. Бу улахан тэрээһин кэннэ санаабын үллэстиэхпин баҕарабын. Бэҕэһээ кэтэһиилээх уонна долгутуулаах «Азия оҕолоро» күрэхпит үөрүүлээх аһыллыыта ураты күн буолан биэрдэ. Сарсыардаттан таҥаспытын-саппытын бэринэн, баттахпытын өрдөрөн стадиоҥҥа кэллибит. Эрчиллиигэ кэлэрдээҕэр ордук долгуйдубут. 24 улуустан 3500 оҕо бу аһыллыы үҥкүүтүгэр кытынна. Мин тус бэйэм бу туруорууга үҥкүүлүү сылдьан Сахам сирин баай историятынан уонна, биллэн турар, дойдуга бэриниилээх санаабынан, Сунтаарым улууһунан киэн тутуннум. Бу аһыллыы үҥкүүтүгэр Сунтаар улууһуттан 5 ансаамбыл кэлэн үҥкүүлээтибит. Киэҥ куораттарга Казахстаҥҥа, Москваҕа улахан норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэргэ да сылдьаммын маннык долгуйбатаҕым. Тэрээһиҥэ СӨ Ил Дархана, ыҥырыылаах ыалдьыттар баалларыттан уонна тэрээһини быһа эфиринэн төрөппүттэрбит кэтэһэн-манаһан көрө олороллоруттан икки бүк долгуйдум. Аһыллыы туһунан кылгастык кэпсиир буоллахха, бу туруоруу Сахабыт сирин тыйыс тымныытын, үс дойдуну, хотугу норуоттар үгэстэрин көрдөрдө. Биһиги, «Түһүлгэ» оҕолоро, сахалар биир киэн туттар Дьөһөгөй үҥкүүтүгэр кыттыыны ыллыбыт.
Олохпутугар биир улахан умнуллубат түгэн буолла. Өйбүтүгэр-санаабытыгар VIII оонньуулар өрүү хааллылар. Түгэнинэн туһанан, бу умнуллубат тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыппытыгар ансаамбылбыт салайааччыта Матрена Валерьевна Лазареваҕа, Иван Гаврилович Лазаревка, Юрина Александровна Николаеваҕа уонна Сунтаар култууратын уонна үөрэҕирии салалталарыгар улахан махталбытын тириэрдэбит.
МИЛАНА ГОТОВЦЕВА,
СПТЛ-И 7 «в» кылааһын үөрэнээччитэ.