Бу түгэни өр кэтэспит олохтоохтор үөрүүлэрэ муҥура суох. Сибээһи «Ростелеком» хампаанньа «Устранение цифрового неравенства» бырагыраама чэрчитинэн киллэрбит. Ону таһынан, эрдэтинэ нэһилиэнньэҕэ сим-каарталары тарҕаппыттар.
Бу бэлиэ түгэнинэн үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кэлбит дьону улуус баһылыгын экономикаҕа уонна стратегическай былааннааһыҥҥа солбуйааччы Борис Васильев, Наахара нэһилиэгин баһылыга Алексей Максимов, нэһилиэк олохтооҕо Виктор Петров о.д.а. эҕэрдэлээтилэр.
Сибээс баар буолбута ордук оҕолор сүргэлэрин көтөхтө. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр телефонунан араас элбэх оонньууга оонньуур уонна бэйэ бэйэлэрин кытта хото кэпсэтэр кыахтаннылар. Кинилэр күһүҥҥү каникулларыгар ыаллыы сытар нэһилиэктэртэн дьонноругар кэлэ сылдьаллар. Онон бу күннэргэ оччугуй нэһилиэк олоҕо биллэ сэргэхсийдэ.
Гаврил АНДРЕЕВ