Тутуу баар – сайдыы бигэ тирэҕэ

Кэнники сылларга өрөспүүбүлүкэбит экэниэмикэтигэр улахан уларыйыылар тахсаннар, нэһилиэнньэ олоҕун таһыма үрдээн, Саха сирэ Уһук Илин биир сайдыылаах регионнарыттан биирдэстэрэ буолла.  Федеральнай да, өрөспүүбүлүкэ да таһымнаах анал бырагыраамалар көмөлөрүнэн араас хайысхаҕа үгүс үлэ барар, олохпут күнтэн күн сайдар. Бүгүн биһиги кэнники сылларга Сунтаарбыт улууһугар сайдыы өттүгэр туох уларыйыы-тэлэрийии буолбутун, үлэ-хамнас барбытын анааран көрүөххэйиҥ.  
Сунтаарбыт улууһугар бу кэнники биэс сылга тутуу өттүгэр сөҕүмэр үгүс үлэ барда. Бастатан туран, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыгырар улуус буоларбыт быһыытынан, бу хайысханы ылан көрүөҕүҥ. Ол курдук, 2016-2022 сс. уопсайа 1600 төбө сүөһүгэ 24 хотон тутулунна. Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга Сунтаарга, Илимнииргэ, Арыылаахха, Күндэйэҕэ уонна Күүкэйгэ переработка сыахтара саҥардыллан, оборудованиелара туруоруллан, олохтоох дьон үүт аһынан хааччыллар кыахтара тэрилиннэ. Өрөспүүбүлүкэ, улуус анал бырагыраамаларынан, граннарынан олохтоох ТХПК-ларга, тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга үп көрүллэн үүнэллэригэр-сайдалларыгар олук уурулунна. Өрөспүүбүлүкэбит, улууспут өйөбүллэринэн Тойбохойго комбикорм оҥорор сыах, Күндэйэҕэ, Кириэстээххэ убойнай сыахтар үлэҕэ киирдилэр.
Кэлиҥҥи сылларга федеральнай, өрөспүүбүлүкэ уонна улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын бырагырааматынан  үс оскуола, икки оҕо уһуйаана, култуура-успуорт кииннэрэ тутулуннулар.  Ол курдук, “Демография” бырагырааманан Сунтаарга – 240, Күндэйэҕэ 50 миэстэлээх оҕо саадтара тутуллан үлэлии тураллар. Хордоҕой, Аллыҥа, Илимниир нэһилиэктэригэр култуура-успуорт кииннэрэ саҥа дьиэлэннилэр. Кириэстээххэ, Уһун Күөлгэ уонна Маар Күөл нэһилиэгэр улахан эбийиэктэр – оскуолалар – тутулланнар үлэҕэ киирдилэр.
 “Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү” национальнай бырайыак чэрчитинэн элбэх үлэ барбыт.  Ол курдук, ааспыт сылларга  Сунтаар, Туойдаах, Аллыҥа, Илимниир уонна  Кутана нэһилиэктэригэр олорор дьиэлэр (дьиэлэр уопсай иэннэрэ 15 тыһ. кв. м.) тутулланнар, дьон олорор усулуобуйалара биллэ тупсубут. Бу бырагырааманан дьиэлэммит дьон үөрүүлэрэ муҥура суох. Салгыы бу бырагырааманан дьону дьиэлииргэ үлэ күүскэ барар. Манна даҕатан эттэххэ, билиҥҥитэ улууспутугар баар айылҕа ураты минералынан – цеолитынан – тутуу матырыйаалын – пеноцеолиты – оҥорон таһаарар буоллубут. Бу матырыйаалынан “Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү” бырагырааманан Устьеҕа 30 кыбартыыралаах дьиэ тутуллан, быйыл үлэҕэ киирээри турар. Ону таһынан Элгээйитээҕи быраас амбулаториятын саҥа дьиэтэ эмиэ пеноцеолитынан тутуллан эрэр.
Суолу тутууну ылар буоллахха, муниципальнай суолга федеральнай, өрөспүүбүлүкэ бырагыраамаларынан үгүс үп көрүллэн, тутууга, өрөмүөҥҥэ үгүс үлэ ыытылынна. Биэс сылы ылар буоллахха, бу хайысхаҕа уопсайа 280 мөл. солк. кэриҥэ үп көрүллэн, суол-иис тутуллубут, муосталар өрөмүөннэммиттэр. Билиҥҥитэ Кириэстээх-Хордоҕой, Сунтаар-Сардаҥа, Сардаҥа-Тэҥкэ хайысхаларынан үлэлэр, ону таһынан Кэмпэндээйи өттүгэр үс муоста өрөмүөнүгэр үлэ бара турар. Маны тэҥэ, федеральнай суолу аспааллааһыҥҥа балысхан үлэ барар, түөрт саҥа муоста тутулунна.
Бу курдук биэс сыл иһигэр дойду, өрөспүүбүлүкэ өттүттэн үгүс өйөбүл, үбүлээһин баар буолан, кылгас кэм иһигэр, Сунтаарбыт улууһугар үгүс үлэ ыытыллыбыт, өрөспүүбүлүкэбит сайдар тэтимигэр тэҥҥэ олорсон, үүнүү-сайдыы балысханнык барбыт. Төрөөбүт улууспутун туораттан көрөн, харахха быраҕыллар курдук сайдыбытын бэлиэтээн этэллэриттэн дойдулаах дьон үөрэбит уонна киэн туттабыт.
Марфа ИВАНОВА.

Читайте дальше