Бу күннэргэ Бордоҥ, Хадан, Илимниир, Тэҥкэ нэһилиэктэрин диэки айанныыр суол быстар мөлтөх туруктанна.
Бу суол капитальнай өрөмүөҥҥэ наадыйар диэн олохтоохтор мэлдьи этинэллэрин, туруорсалларын бу суруйуулартан көрөбүт: «Урукку сылларга дьон туруорсуутунан саас хаар уута киирэрин кэмигэр улахан уйуктаах тиэхиникэлэр сырыыларын тохтотор буолаллара. Бириэмэтигэр ямочнай үлэ ыытыллара. Бу сырыыга суолу кэмигэр көрөр-истэр үлэ барарын истибэтибит. Ол иһин маннык балаһыанньа таҕыста», “Суолбут бу уһун ардахтарынан эрэ алдьаммыт буолбатах. Дьыл 4 кэмин тухары эрэй. Кыһынын кэмигэр анньыллыбат, сааһын, сайынын, күһүнүн бадарааҥҥа бытыллабыт, кураан буоллаҕына алдьархайдаах адьарай дьаамаларга мэйиибит ыһылла-ыһылла сахсыллан айанныыбыт…” диэн 4 нэһилиэк олохтоохторо санааларын куйаар ситимигэр этиммиттэрин таһаардыбыт.
Бүгүн «Татыйыына» фирма үүт таһар массыыната бадарааҥҥа түһэн турара куйаар ситиминэн тарҕанна. Маныаха «Татыйыына» тэрилтэтин тырааныспары хааччыйар салаа сэбиэдиссэйэ Мария Ивановаҕа тахса сырыттыбыт: «Обоччолоох эргин суол алдьаммыта икки нэдиэлэ буолла. Бэҕэһээ, бүгүн «Молоко» массыынабытын тыраахтыр состо. Күҥҥэ иккитэ бу тиэхиникэбит ити суолунан сылдьар. Биһиги тэрилтэ сүрүн сорукпут нэһилиэнньэни хаачыстыбалаах, олохтоох үүт аһылыгынан хааччыйыы буолар. Бу күннэргэ сибиэһэй үүт таһыытыгар мэһэйдэри көрсөр буоллубут».
Күн бэҕэһээ бу алдьаммыт суол кэрчигэр Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев тахса сылдьан: “Билигин суол инчэҕэй эрдэҕинэ грейдэринэн астарар табыгаһа суох. Онон бу нэдиэлэ бүтүүтэ уутун-хаарын оботторон баран дьаамалары бүөлүүр үлэ ыытыллыаҕа. Барыта 4 сиринэн 700 миэтирэ уһуннаах сиргэ күргүөмнээх үлэ барыаҕа. Быйыл бу суолу толору оҥоруу бырайыага экспертизаны аастаҕына инникитин хаачыстыбалаах, үйэлээх үлэ ыытыллан суол ньуура көнөн, сыыдам айан олохтонуоҕа”диэн бэйэтин телеграм ханаалыгар иһитиннэрдэ.
Бары билэ-көрө сылдьарбыт курдук Обоччолоох карьерыттан улахан уйуктаах тиэхиникэлэр бу суолунан сылдьаллар. Суол оҥоруутугар туттуллар кумах, гравий таһыллар суола алдьаммыта кыһыылаах эбит…
Мира АФАНАСЬЕВА