Сунтаар иһинээҕи суол өрөмүөннэнэр

«2020-2024 сс. Саха сирин тырааныспарын комплексын сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагырааманан  Сунтаарга бу күннэргэ Өктөөп 70 сыла уулуссаҕа өрөмүөн үлэтэ саҕаланна. Өрөмүөннээһин кэмигэр бу уулуссалыын быысаһар атын уулуссалар үлэ барыытын хаамыытынан сабылла тураллар. Олохтоох дьон суол хаһааҥҥыттан аһылларын чопчулаһар ыйытыктара киирдэ. Бу боппуруоска өрөмүөн үлэтин ыыта сылдьар «Сунтаравтодор»  ХЭТ база начальнига Сергей Тен хоруйдуур:
— Өктөөп 70 сыла уулуссаҕа өрөмүөн үлэтэ саҕаламмытынан манна тахсар кыра уулуссалары сабаттыы сылдьабыт. П.Иванов, Строд, Папанин, Гагарин аатынан, о.д.а. уулуссалар сабыллыахтара. Биһиги тэрилтэбит  аспааллааһыҥҥа «основаниетын» бэлэмниир. Цементогрунт матырыйаалынан оҥоһуллар.  24 см халыҥнаах матырыйаал тутуһуор диэри тиэхиньикэ тэпсиэ, үрдүнэн барыа суохтаах. 3-4 күн турбутун кэннэ үрдүнэн аспаал ууруохха сөп буолар. Аспаалы «Айан суол» тэрилтэ уурар. Бартыһаан уулуссатыттан  уопсайа 900 м барыахтаахпыт. Былаан быһыытынан, халлаан туран эрэ биэрдэр, биһиги үлэбит бу нэдиэлэҕэ бүтүөхтээх. Онтон аспааллааһын үлэтэ. Онно, быһа холоон, биир нэдиэлэ барара буолуо, бу үлэ хаамыыта эмиэ халлаан туругуттан тутулуктаах.
Марфа ИВАНОВА.

Читайте дальше