Сунтаар улууһун от ыйдааҕы бэлиэ күннэрэ

1Илимнииргэ оҕо туберкулезнай балыыһата аһыллыбыта 80 сыла (1944)

Төрүтэ : Архивная справка Нац. архива РС (Я) N 10-14/734 от 16 апреля 2010 г.

 1 Николай Петрович Петров – 90 сыла (Хоро нэһилиэгэ, 1934-2022), Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, “Бочуот Знага” уордьан икки төгүллээх хабалыара, Сунтаар улууһун Ытык олохтооҕо.

Төрүтэ : Кыайыыны, олоҕу уһансыбыттара : Сунтаар улууһун бочуоттаах уонна үтүөлээх үлэһит дьоно. – Дьокуускай, 2020. – С.248.

1 – Егор Васильевич Данилов 100 сыла (Түбэй нэһилиэгэ, 1924-2013), Саха АССР үтүөлээх сылгыһыта.

Төрүтэ : Кыайыыны, олоҕу уһансыбыттара : Сунтаар улууһун бочуоттаах уонна үтүөлээх үлэһит дьоно. – Дьокуускай, 2020. – С. 346.

 2 – Изабелла Ильинична Попова 80 сааһа (Тойбохой нэһилиэгэ, 1944), РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Сунтаар нэһилиэгин Ытык олохтооҕо.

Төрүтэ : Педагогическая энциклопедия. – Якутск, 2010. – Т. 4. – С. 309.

3Эдуард Дмитриевич Соколов-Тулусхан – 80 сыла (Маар Күөл нэһилиэгэ, 1944-1996), суруйааччы, суруналыыс, Сунтаар улууһун Ытык олохтооҕо.

Төрүтэ : Писатели Якутии : биобиблиогр. справ. – Якутск, 2019. — С. 548.

 5 – Зинаида Яковлевна Иванова – 75 сааһа (Бүлүүчээн, нэһилиэгэ, 1949), СӨ култууратын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Наахара, Сунтаар нэһилиэктэрин Ытык олохтооҕо.

Төрүтэ : Культура земли Сунтарской в лицах и фактах : библиогр. справ. – Якутск , 2014. – С. 55.

10 – Юрий Павлович Степанов 75 сааһа (Бүлүүчээн, нэһилиэгэ, 1949), РФ үтүөлээх бырааһа, РФ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, РФ социальнай сулууспатын туйгуна.

Төрүтэ : Кыайыыны, олоҕу уһансыбыттара : Сунтаар улууһун бочуоттаах уонна үтүөлээх үлэһит дьоно. – Дьокуускай, 2020. – С. 324.

 22 – Надежда Георгиевна Бессонова 85 сааһа (Тойбохой нэһилиэгэ, 1939), Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Саха АССР култууратын туйгуна.

Төрүтэ : Педагогическая энциклопедия. – Якутск, 2010. – Т. 4. – С. 43.

 22 – Прокопий Николаевич Яковлев – 80 сааһа (Түбэй Дьаархан нэһилиэгэ, 1944), Сунтаар улууһун норуотун маастара, СӨ култууратын туйгуна, Сунтаар нэһилиэгин, Сунтаар улууһун Ытык олохтооҕо.

Төрүтэ : Культура земли Сунтарской в лицах и фактах : библиогр. справ. – Якутск, 2014. – С.159.

30 – Сардана Ильинична Боякова 60 сааһа (Дьокуускай куорат, 1964), историческай наука дуоктара, Хотугу форум академиятын академига.

Төрүтэ : Сунтарский улус : история, экономика, культура, фольклор. – Якутск, 2006. – С. 445-446.

Хомуйан оҥордулар Лидия ЧИРИКОВА, Аркадий ЯКОВЛЕВ (2023 с., ахсынньы)

Читайте дальше