Сунтаар улууhун ахсынньы ыйдааҕы бэлиэ күннэрэ

4 (сэтинньи 22 к.) – Михаил Николаевич Тимофеев-Терешкин төрөөбүтэ 140 сыла (II Нөөрүктээйи нэhилиэгэ, 1883-1957), бэйиэт, олоҥхоһут, Сунтаар улууһун кулубата, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
Төрүтэ: Писатели Якутии: биобилиогр. справ.– Якутск, 2019. – С. 607-608._
11 – Илья Гаврильевич Федоров төрөөбүтэ 85 сааhа (Дьаархан нэhилиэгэ, 1938), СѲ үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ, РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.
Төрүтэ: Кыайыыны, олоҕу уһансыбыттара: Сунтаар улууһун бочуоттаах уонна үтүөлээх үлэһит дьоно. – Дьокуускай, 2020. – С. 286-287._
12 – Алексей Прокопьевич Иванов төрөөбүтэ 90 сааhа (Кутана нэhилиэгэ, 1933), СѲ эргиэнин үтүөлээх үлэһитэ.
Төрүтэ: Кыайыыны, олоҕу уһансыбыттара: Сунтаар улууһун бочуоттаах уонна үтүөлээх үлэһит дьоно. – Дьокуускай, 2020. – С. 356._
20 – Клавдий Иванович Михайлов төрөөбүтэ 80 сааhа (Куокуну нэhилиэгэ, 1943), Ленин, Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннар кавалердара, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.
Төрүтэ: Кыайыыны, олоҕу уһансыбыттара: Сунтаар улууһун бочуоттаах уонна үтүөлээх үлэһит дьоно. – Дьокуускай, 2020. – С. 380._
23 – Сунтаарга С.А. Зверев аатынан норуот айымньытын мусуойа аһыллыбыта 40 сыла (1983).
Төрүтэ: Храм муз на Сунтарской земле: 70 лет музейного движения в Сунтарском улусе. – Сунтар, 2006. – С. 37._
24 – Пантелеймон Пантелеймонович Петров-Хардыы төрөөбүтэ 75 сааhа (Түбэй-Дьаархан нэhилиэгэ, 1948), историческай наука ханьдьытаата, СѲ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СѲ култууратын туйгуна.
Төрүтэ: Ученые-исследователи ИГИ АН РС(Я): биобиблиогр. справочник. – Якутск, 2005. – С. 208-209._
28 – Мария Афанасьевна Иванова төрөөбүтэ 85 сааhа (Дьаархан нэhилиэгэ, 1938), ССРС култууратын туйгуна.
Төрүтэ: Культура земли Сунтарской в лицах и фактах: библиогр. справ. – Якутск, 2014. – С. 50._
30 – Валентина Иосифовна Саввинова төрөөбүтэ 70 сааhа (Кэбээйи улууһун Кэбээйи нэhилиэгэ, 1953), РФ уонна СѲ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, Сунтаар улууhун, Сунтаар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо.
Төрүөтэ: Кыайыыны, олоҕу уһансыбыттара: Сунтаар улууһун бочуоттаах уонна үтүөлээх үлэһит дьоно. – Дьокуускай, 2020. – С. 259._
30 – Надежда Иосифовна Корнилова төрөөбүтэ 70 сааhа (Кэбээйи улууһун Кэбээйи нэhилиэгэ, 1953), судаарыстыбаннай сулууспа туйгуна, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.
Төрүөтэ: Кыайыыны, олоҕу уһансыбыттара: Сунтаар улууһун бочуоттаах уонна үтүөлээх үлэһит дьоно. – Дьокуускай, 2020. – С. 370.

Хомуйан оҥордулар: Лидия ЧИРИКОВА, Аркадий ЯКОВЛЕВ.

Читайте дальше