Сунтаар улууһун муус устар ыйдааҕы бэлиэ күннэрэ

 1 – Сунтаардааҕы профессиональнай-техническэй училище (СПТУ-23) аһыллыбыта 50 сыла (1974)

Төрүтэ : Идэни таба талыы – дьол / [хомуйан оҥордо А. А. Иванова]. – Дьокуускай, 2012. – С. 15.

 1 — Василий Фомич Уаров – 80 сааһа (Аллыҥа нэһилиэгэ, 1944), наукаҕа Саха сирин судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, профессор, геологическай-минералогическай наука кандидата, РФ үрдүк үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, Аллыҥа нэһилиэгин, Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.

Төрүтэ : Сунтарский улус : история, экономика, культура, фольклор. – Якутск, 2006. – С. 466-467.

 4 – Клавдия Ильинична Максимова-Сайыына – 75 сыла (Түбэй-Дьаархан нэһилиэгэ, 1949-2009), СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ.

Төрүтэ : Энциклопедия культуры и искусства Якутии. – Якутск, 2011. – Кн. 1. – С. 292-293.

 4 – Сунтаарга 5 N-дээх“Ньургуһун” оҕо саада аһыллыбыта 60 сыла (1964)

Төрүтэ : История развития системы дошкольного образования Сунтарского улуса. – Сунтар, 2011. – С. 218.

 5 – Илья Николаевич Самсонов – 100 сыла (Күүкэй нэһилиэгэ, 1924-2002), Аҕа дойду Улуу сэриитин II истиэпэннээх уордьан кавалера Сунтаар улууһун Ытык олохтооҕо.

Төрүтэ : Кыайыыны, олоҕу уһансыбыттара : Сунтаар улууһун бочуоттаах уонна үтүөлээх үлэһит дьоно. – Дьокуускай, 2020. – С. 95.

 6 – Никандр Прокопьевич Тимофеев – 90 сааһа (Кутана нэһилиэгэ, 1934), РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.

Төрүтэ : Педагогическая энциклопедия.  – Якутск, 2005.  – Т. 3.  – С. 393.

 8 – Владимир Иванович Тихонов 60 сааһа (Арыылаах нэһилиэгэ, 1964), РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар, Арыылаах, Түбэй Дьаархан, Аллыҥа, Модут нэһилиэктэрин, Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.

Төрүтэ : Кыайыыны, олоҕу уһансыбыттара : Сунтаар улууһун бочуоттаах уонна үтүөлээх үлэһит дьоно. – Дьокуускай, 2020. – С. 279.

 9 – Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уолун күнэ.

Төрүтэ : Решение улусного (районного) Совета депутатов от 8 июня 2018 г. “Об установлении даты выдающейся личности Земли Олонхо – Сергея Афанасьевича Зверева-Кыыл Уола.

 10 – Мария Васильевна Николаева – 70 сааһа (Күүкэй нэһилиэгэ, 1954), СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэҕириитин уонна иитиитин бочуоттаах үлэһитэ, Күүкэй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо.

Төрүтэ : Книга педагогической славы Сунтарского улуса. – Якутск, 2010. – С. 139.

 15 – Борис Митрофанович Мартынов – 90 сааһа (Хаҥалас нэһилиэгэ, 1934), Саха АССР үтүөлээх бырааһа.

Төрүтэ : Организаторы здравоохранения Якутии : (биогр. справки). – Якутск, 1995. – С. 84-85.

 27 – Борис Парфеньевич Николаев 70 сааһа (Кутана нэһилиэгэ, 1954), Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна, СӨ бэчээтин туйгуна, СӨ үтүөлээх суруналыыһа, Сунтаар, Кутана нэһилиэктэрин, Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.

Төрүтэ : Кыайыыны, олоҕу уһансыбыттара : Сунтаар улууһун бочуоттаах уонна үтүөлээх үлэһит дьоно. – Дьокуускай, 2020. – С. 230-231.

28 – Екатерина Степановна Григорьева – 85 сааһа (Бүлүүчээн нэһилиэгэ, 1939), РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах бэтэрээнэ, Сунтаар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо.

Төрүтэ : Педагогическая энциклопедия. – Якутск, 2010. – Т. 4 – С. 100.

 28 (16) Ричард Карлович Маак салайааччылаах Бүлүүтээҕи экспедиция саҕаламмыта 170 сыла (1854)

Төрүтэ : Маак Р.К. Вилюйский округ. – М., 1994. – С. 80- 89.

Хомуйан оҥордулар: Лидия ЧИРИКОВА,

Аркадий ЯКОВЛЕВ

Читайте дальше