Убаастабыллаах Сунтаар улууһун олохтоохторо, ыалдьыттара!
Самаан сайын кэлбитинэн, оҕолорго сайыҥҥы сынньалаҥ саҕаламмытынан эҕэрдэлээн туран, барыгытын суолга сэрэхтээх буолуҥ диэн ыҥырабыт.
Ол курдук, кэтээн көрүү түмүгүн ылан көрдөххө, бу кэмҥэ матасыыкылтан айаннаан иһэн охтуу, суол араас саахалыгар түбэһии элбиир. Ол иһигэр итирик туруктаах уруулга олорон, ону тэҥэ матасыыкылы ыытар бырааба суох сылдьан араас быһылааҥҥа түбэһэллэр. Кистэл буолбатах, кэнники бириэмэҕэ төрөппүттэр оҕолоругар матасыыкыл бэлэхтээннэр ГАИ-га тутуллаллара элбээтэ. Бу маннык түбэлтэҕэ оҕо ыстарааптанарын таһынан, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор хамыыһыйаларыгар көрүллэн, төрөппүт анал миэрэҕэ тардыллар. Ону тэҥэ, төрөппүттэр 30 тыһ. солк. тиийэ ыстарааптаналлар. Бу түмүгэр оҕо бэйэтин базатыгар сүппэт ыстараап быһыытынан хааларын өйдүөх тустаахпыт. Онон сиэттэрэн хас биирдии төрөппүт, эбээлэр, эһээлэр оҕолоргутугар матасыыкылы булгуччу биэримэҥ, хонтуруоллааҥ.
Билигин «Бүлүү» федеральнай суолугар айан саҕаламмытынан, сырыы элбиирэ чуолкай. Онон 14 саастарыгар дылы оҕолор суолга тахсаллара көҥүллэммэт, ол эрэн маннык түгэҥҥэ суоппар болҕомтолоох буолара ирдэнэр. Онон сиэттэрэн, хас биирди дьон-сэргэ өйдөөн, кырачаан суол кыттыылаахтарын харыстыаххайыҥ.
Күндү Сунтаар улууһун олохтоохторо, суол бары кыттыылаахтара! Суолга, массыынаҕа бука-бары сэрэхтээх буолуоххайыҥ. Ыксаан бириэмэни эккирэтэн суолга айаннаамаҥ, итирик туруктаах уонна тимир көлө ыытар бырааба суох уруулга олорумаҥ, сөптөөх куттала суох ускуораһы тутуһан этэҥҥэ айаннааҥ диэн ыҥырабыт!
Дьон-сэргэ бэйэ-бэйэҕэ убаастабыллаахтык, харыстабыллаахтык сыһыаннастаҕына, суол быраабылатын күннээҕи ирдэбил оҥостон сырыттаҕына — барыбытыгар куттал суох буолуо диэн эрэнэбит!
Сунтаардааҕы ГАИ сулууспата


