Суолбут-ииспит аныгы үйэҕэ эппиэттиир гына тупсаҕай, куттала суох уонна хаачыстыбалаах буоларын туһугар дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн, национальнай бырайыак 2019 сылтан 2024 сылга диэри үлэлиир.
Бүгүн, балаҕан ыйын 19 күнүгэр РФ Ис дьыала министиэристибэтин Сунтаардааҕы ГИБДД отделениетын көҕүлээһининэн, суолга-иискэ ону сэргэ кыһыҥҥы кэмҥэ куттала суох буолууну үрдэтэр сыалтан «Обеспечение безопасности дорожного движения в Сунтарском улусе» диэн тиэмэлээх төгүрүк остуол тула киэҥ кэпсэтии ыытылынна. Манна Сунтаардааҕы ГИБДД сулууспатын салайааччыта, полиция хапытаана Сахайан Александров уонна Сунтаар улууһугар баар суолга-иискэ сыһыаннаах бары тэрилтэ тустаах үлэһиттэрэ кыттыыны ыллылар. Ол курдук улуус дьаһалтатыттан тутуу комплексын управлениета, Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтата, «Сунтаравтодор», «Айан-Суол», «Сунтарцеолит» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыба буолан, бары биир сүбэннэн суол-иис туругун, кыһыҥҥы кэмҥэ төһө бэлэмнээх буолууну, уулусса суолун ситимигэр туох-ханнык миэрэлэр ылыныллыахтааҕын туһунан ырытыстылар. Сүрүн дакылааты Сахайан Александров оҥордо. Бары билэрбит курдук, төһө да сэрэтии үлэтэ ыытылла турарын үрдүнэн, суол саахалыгар араас быһылаан, эчэйии син биир тахса турара, хомолтоох буолан биэрдэ. Бу сүрүн төрүөтэ нэһилиэнньэ бэйэ-бэйэҕэ харыстабыла суох, ырааҕы-киэҥи толкуйдуу, анаара барбатыттан, итирик туруктаах тиэхиньикэҕэ олоруу түмүгэ буолар. Статистиканы ылан көрөр эбит буоллахпытына, бу сылга Сунтаар оройуонугар 25 суол быһылаана тахсыбыт. Мантан 8 улаханнык эмсэҕэлээбит. Ордук элбэх суол быһылаана Сунтаар, Сиэйэ, Элгээйи нэһилиэктэригэр тахсыбыт. Күн-дьыл туруга уларыйар кэмигэр билигин алтынньы, сэтинньи ыйдар ордук кутталлаахтар. Маныаха суолга-иискэ сыһыаннаах тустаах тэрилтэлэр үлэлэрэ эмиэ күүһүрэр.
Марина Николаева, улуус дьаһалтатын тутуу комплексын управлениетын суол хаһаайыстыбатын сүрүннүүр экспертэ: «Билиҥҥи кэмҥэ биһиги улууспутугар 3 хайысхаҕа суол өрөмүөнүгэр гравий кутааһына бара турар. Ол курдук хочо өттүгэр Дьаархан, Маар Күөл учаастактарынан ыыта сылдьабыт. Дьаархаҥҥа 3 муоста оҥоһуллуохтаах. Тэҥкэ диэки эмиэ суол өрөмүөнэ барда. Аны турба уларытааһына барыахтаах. Илимнииргэ «ямочнай» өрөмүөн былаанныыбыт. Грейдер өттүн этэр буоллахпына, сайыҥҥы, кыһыҥҥы өттүгэр 4-түү «проходтаахпыт». Ол эрэн, күн-дьыл, суол хайдах туруктааҕынан көрөн үлэ ыытабыт.»
Дмитрий Тен, «Сунтаравтодор» салайааччытын солбуйааччы: «Маннык хабааннаах мунньах, үлэ барара олус наадалаах. Билиҥҥи кэмҥэ суолбут да көнөн, тиэхиньикэ да элбээн суол быһылаана тахса турара иэдээн. Сэрэхтээх буолуу хаһан баҕарар бастакы уочарат турар. Мунньах түмүгүнэн тус бэйэм этии киллэрдим. Ол курдук суол-иис туругун, көрүллүбүт үптэн эрэ тутулуктаммакка, хайа суол ордук өрүмүөҥҥэ наадыйарынан, онно болҕомто ууран бүдьүөтү сөпкө тыырыахха наада дии саныыбын.»
Елизавета ТИТОВА