Хой
Үлэҕэ-хамнаска, тустаах кэмигэр кыбыстыбат туһуттан, билиигин-көрүүгүн хаҥатарга кыһан. Салайар, инники күөҥҥэ сылдьар кыаҕы мүччү туппат туһугар тулуурдаах, туттунуулаах буолуохха наада. Ханнык эмэ доҕоруҥ көмө көрдүөн сөп. Бу күннэргэ туохха барытыгар көхтөөх буолууҥ ситиһиигэ тиэрдиэ.
Оҕус
Нэдиэлэ саҕаланыыта эппиэтинэһи эрэйэр дьыалаҕа киирэн биэрбэт ордук. Олоххо буолар уларыйыыларга холкутук сыһыаннас. Бу күннэр үгүс түгэни, көрсүһүүлэри тосхойуохтара. Аһаҕас атааннаһыыга киирэн биэрбэт ордук. Сонун идиэйэлэргэ дьоһуннаахтык сыһыаннас – инникигэ ситиһиигэ тиэрдэр кыахтаахтар.
Игирэлэр
Өр кэм иитиэхтээбит санааҕын олоххо киллэрэргэ тоҕоостоох кэм. Үлэҕэ-хамнаска эмиэ табыллар чинчилээххин. Тус олоххун, тапталлааххар сыһыаҥҥын сүрүн болҕомтоҕо тутуоҥ. Бу кэмҥэ олоххор баар астыннарбат өрүтү, сөбүлээбэккин уларытарга кыах баар буолуо. Ыраах айанныырга табыгастаах кэм.
Араак
Нэдиэлэ үгүс түбүгү тосхойуо эрээри, ол тыҥааһыны билбэккэ аһарыаҥ. Соруктары түргэнник быһаарыаҥ. Дьоһун быһаарыныылары кэнники кэмҥэ утаарбытыҥ ордук. Тулуйан-тэһийэн мөккүөрдэртэн дьалты тутуннаххына, барыта этэҥҥэ буолуо. Өрөбүллэргэ туолар кыаҕа суох ыра санааларга ылларыма.
Хахай
Бу нэдиэлэҕэ эрдэ куота-көтө сылдьыбыт түбүктэргин быһаарарга тоҕоос көстүө. Оптуорунньукка тылгар-өскөр, быһыыгар болҕомтолоох буол. Үлэҕэ-хамнаска күөрэйэр мөккүөрдэргэ кыттыспакка, орто сүнньүн тутуһа сылдьыбытыҥ ордук. Өрөбүллэргэ үлэттэн, түбүктэн тэйэн сынньанарга кыһан.
Кыыс
Кэллиэгэлэргиттэн, доҕотторгуттан үгүһү-элбэҕи билиэҥ, истиэҥ. Үлэлиир кыаҕыҥ таһыма үрдүө, эбии үбү киллэрэргэ үлэ көстүөн сөп. Ол эрээри бэйэ кыаҕын аһара сыаналааһынтан, бэйэҥ тускунан кэпсэнэртэн туттунар ордук. Чэппиэргэ сөбүлэҥ түһэрсии курдук дьыалаҕа-куолуга болҕомтолоох буол.
Ыйааһын
Олоххор баары ыраҥалыыр, сыаннастары эргитэн толкуйдуур санаалар киириэхтэрэ. Сыалгын-соруккун сааһылан, олоххор дьоһун уларытыыны киллэрэргэ тоҕоостоох кэм. Урукку кэмнээҕи быһаарыллыбатах боппуруостары ылсыаххын сөп. Сулумах ыйааһыннар тапталларын көрсөллөрүгэр табыгастаах кэм.
Скорпион
Тус бэйэ санаатын инники күөҥҥэ өрө туппакка, ардыгар чугуйан, чуумпуран биэрбитиҥ ордук. Үлэҕэ күүскүн-кыаххын сөпкө аттардаххына ситиһии күүтэр. Соло улаатарыгар, хамнас үрдүүрүгэр табыгастаах кэм. Таптал чааһыгар чугас доҕоруҥ этиитигэр сөпсөһөн испитиҥ ордук диэн сулустар сүбэлииллэр.
Охчут
Нэдиэлэ бастакы аҥаарыгар соччо табыллыа суоххун сөп. Ол эрээри бу кэм түргэнник ааһар чинчилээх. Үлэҕэ-хамнаска болҕомтолоох буоларга кыһан. Бытааннык да буоллар, туруоруммут соруктаргын чопчу ситиһиэҥ. Субуотаҕа дириҥ толкуйдаах, киэҥ көҕүстээх буоларыҥ ордук.
Чубуку
Бу нэдиэлэҕэ толкуйу, тулууру эрэйэр түгэннэр баар буолуохтара. Сэмэлээтэхтэринэ муус холкутук бэйэ кырдьыгын быһаарбытыҥ ордук буолуо. Ыарахан, күүрүүлээх үлэни ылсарга эрдэттэн эрэннэрбэт буола сатаа. Үлэҕэ-хамнаска туора дьонтон сүбэ күүппэккэ, бэйэ дьаһаммыта ордук.
Күрүлгэн
Түбүктэрдээх соҕус күннэр үүнүөхтэрэ. Ис таайан көрөр дьоҕургунан сиэттэрдэххинэ үгүһү кыайа тутуоҥ. Күннээҕи үлэҕиттэн атын эбии үп-харчы киллэринэргэр кыах көстүөн сөп. Тус олоххор баҕа санааҕын, тугу саныыргын аһаҕастык кэпсииргэ дьулус. Дьиэ кэргэниҥ үөрдүө. Оҕолорго анаан болҕомто уурарга кыһан.
Балыктар
Бу күннэргэ дьон-сэргэ эн санааҕын, этиилэргин болҕойуо. Түгэни туһанан үлэ хаамыытыгар, баар быһыыга-майгыга дьайыаххын сөп. Сэрэдэҕэ туох да саҥаны ылсыбат ордук. Эспэримиэнниир кэм буолбатах. Тус ситиһиилэргин ыһа-тоҕо кэпсээмэ. Бээтинсэҕэ дьиэлээхтэргиниин бурайсыыттан кыана тутун.