Нэдиэлэтээҕи гороскоп. Балаҕан ыйын 9-15 күннэрэ

Хой. Өр көрсүбэтэх дьоҥҥун көрсөн уруккуну-хойуккуну саныаҥ. Дьыалабыай өттүгэр саҥа этиилэр киириэхтэрэ, үлэҕинэн үрдүөххүн сөп. Туохха барытыгар бэлэм буоларыҥ наада. Тус олоххор бэйэҥ баҕардаххына, уларыйыылар киириэхтэрэ. Барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах.

Оҕус. Үлэҕэр-хамнаскар табыллар кэм үүммүт. Эбии дохуот булунар кыахтаныаҥ. Эйигин дьон ылынар, ытыктыыр. Онон үүммүт нэдиэлэ үгүс ситиһиини тосхойууһу. Доруобуйаҥ этэҥҥэ. Арай арыылааҕы, аһары аһыыны аһыыртан туттунарыҥ наада.

Игирэлэр. Санаабыт санааҕын тута олоххо киллэрэргэ дьулуһар күүстээх санаалааххын. Ол эрээри мындыр, киэҥ көҕүстээх буоларыҥ ирдэнэр. Дьон эн майгыгын тургутан көрөр кэмэ. Илин-кэлин саҥара-иҥэрэ сылдьыма. Тус олоххор эриэ-дэхси.

Араак. Тус олоххор уустук кэм үүммүт. Үгүс сыллар усталара сиппэтэх санааҥ санаа баттыга буолан мэһэйдиир. Дьону кытта алтыһаргар сэрэхтээх буол. Аһары итэҕэйэр наадата суох. Доҕотторум дии санаабытыҥ таҥнарыта буолуон сөп. Арай оҕолор, чугас дьон ситиһиитэ кынаттыа. Чуумпу, бүгэр кэм.

Хахай. Аҕам саастаахтары кытта уопсай тылы булар уустугурбут. Эрэннэрбит тылгын толорбокко сылдьаргыттан хомойуохтарын сөп. Дьон туһугар кыһанар-мүһэнэр буоллаххына, эйиэхэ эмиэ көмөлөһүөхтэрэ, өйүөхтэрэ.

Кыыс. Талааныҥ арыллар кэмэ. Эбии дохуот булунаргар тоҕоостоох кэм. Саҥа билиини ылар кэм. Эбии үөрэххэ, дьоҕус куурус¬тарга үөрэнэр ситиһиини эрэ аҕалыаҕа. Барыаххын-кэлиэххин, бар дьоҥҥо бэйэҕин биллэриэххин баҕараҕын. Туох барыта бэйэҥ илиигэр.

Ыйааһын. Үп-харчы өттүгэр уустук кэм эрээри, онтон санааҕын түһэрэр наадата суох. Уруккуттан былааннаабыт дьыалаҕын тиһэҕэр тиэрдэргэр сөптөөх бириэмэ үүммүт. Барытын былааннаан, хас хардыыгын ааҕан-¬суоттаан сырыттаххына, ситиһии кэлиэҕэ. Улахан мал-сал атыылаһыаххын сөп. Өр сулууспалыаҕа.

Скорпион. Саҥа дьиэ-уот атыылаһыаххын эбэтэр өрөмүөн тэриниэххин сөп. Барыта орун-оннугар буолан санааҕын кынаттыа. Чугас дьоҥҥор болҕомтолоох буол. Оҕолоруҥ ситиһиилэрэ үөрдүөҕэ. Тапталлааххын кытта сынньана барыаххын сөп.

Охчут. Урут алтыһан ааспыт доҕотторуҥ соһуччу күөрэйиэхтэрэ. Онно бэлэм буол. Былааҥҥын ыспат туһуттан бириэмэҕин сааһылыы үөрэн. Сулумах охчуттарга саҥа билсиһии, истиҥ сыһыан буолуон сөп.

Чубуку. Үлэҕэ-хамнаска үтүө кэм. Санааҕын ситэргэр кыра да наада. Эн наһаа кэтэмэҕэйдиир, саарбахтыыр эбиккин. Олоххор ити хаачыстыбаҥ элбэхтик мэһэйдиир. Итини туоратарга, итинтэн босхолонорго үөрэн. Тус олоххор саҥа билсиһии доҕордоһууга тиэрдиэн сөп. Ол эрээри аһаҕастык кэпсэппит эрэ барыта доҕор буолбатаҕын өйдүөҕүҥ.

Күрүлгэн. Дьону кытта уопсай тылы буларга дьулус. Бу күннэргэ элбэхтик уопсас-тыбаҕа сылдьыаҥ, дьону кытта тапсан үлэлээтэххинэ, харчылаһар суолу тобулуоххун сөп. Арай чугас дьоҥҥун кытта дьиэ-уот кыһалҕатыттан өйдөспөт буолуу баар. Ол эрээри бу түгэни холкутук ылына сатаа.

Балыктар. Ыраах айан ситиһиилээх буолуоҕа. Саҥа дьоннуун алтыһыы, биисинэскэ табыллыы санааҕын көнньүөрдүө. Оттон ыраах айаҥҥа туруммат да буоллаххына, аймахтары, чугас дьону кытта алтыһыы настарыанньаны көтөҕүө.

Читайте дальше