Нэдиэлэтээҕи гороскоп алтынньы 21-27 күннэрэ

ХОЙ

Саҥа үүммүт нэдиэлэ үлэҕэ-хамнаска булгуччу ситиһиилээх буолара күүтүллэр. Түбүктээх үлэҕит түмүгэ дьоһуннук сыаналаныа, харчынан бириэмийэ да түһүөн сөп. Ол эрэн, доруобуйаҕытыгар болҕомто уураргытын умнумаҥ. Таһырдьа сэрэхтээхтик сылдьыҥ, халтарыйан эҥин кыра эчэйии ылыаххытын сөп.

ОҔУС

Бу күннэргэ ис туруккутун иһиллэнэр кэмҥит кэлбит. Харчынан кээмэйдэнэр эйгэттэн тэйэ түһүҥ диэн сулустар сүбэлииллэр.  Ону таһынан, халыҥнык таҥна сылдьаргытын умнумаҥ. Нэдиэлэ иккис аҥаарыгар дьаҥныаххытын сөп.  Сулумахтары «романтическай» көрсүһүүгэ  ыҥырыахтара.

ИГИРЭЛЭР

Бу нэдиэлэҕэ үлэҕитигэр-хамнаскытыгар, тус олоххутугар сүүрүү-көтүү бөҕө буолууһугут. Үчүгэйдик былааннанан, хомуллан сырыттаххытына барытын ситиһиэххит. Оттон доруобуйа, үп-харчы чааһа бигэ.

АРААК

Араактары саҥа билсиһиилэр-көрсүһүүлэр, киһи үөйбэтэх өттүттэн  соһуччу  түгэннэр күүтэллэр. Онтон сылтаан санааҕыт түһүөн сөп. Ол эрэн, нэдиэлэ ситиһиилээхтик этэҥҥэ түмүктэниэ. Кэмигэр сынньанаргытын умнумаҥ.

ХАХАЙ

Эһиэхэ олоххутун саҥаттан саҕалыырга кыах бэриллибит. Кими эмэ хомоппут буоллаххытына, бырастыы гыннарыҥ диэн сулустар сүбэлииллэр. Дьэ, ол эрэ кэнниттэн  эһиги сыһыаҥҥыт улам эрэл таһымыгар   тахсыаҕа.

КЫЫС

Бу нэдиэлэҕэ эһигини үгүс уларыйыылар күүтэллэр. Ол курдук, үлэҕитин, дьиэҕитин-уоккутун, оннооҕор олорор  сиргитин уларытыаххытын сөп. Урут чугастык доҕордоһо сылдьыбыт киһигитин кытта сыһыаҥҥыт тупсуоҕа. Оттон доруобуйа, үп-харчы чааһа бигэ.

ЫЙААҺЫН

Уустук соҕус нэдиэлэ үүммүт. Күүскүт-уоххут, сыраҕыт-сылбаҕыт бараныыһы. Ол эрэн, эрдэттэн санааҕытын түһэримэҥ, доруобуйаҕытыгар охсуон сөп. Оттон таптал, үп-харчы чааһа олус үчүгэй. Наҕараада эбэтэр ботуччу соҕус бириэмийэ  ылыаххытын сөп.

СКОРПИОН

Скорпионнар кэннигитин хайыһан көрөн, тугу сыыһа-халты, сөпкө оҥорбуккутун анаарар кэмҥит тосхойбут. Алтыһар дьоҥҥутун эмиэ көрүҥ, тоҕо диэтэххэ, эһигини таҥнары тардааччылар,  ордук санаан былаас былдьаһааччылар бааллар. Ол иһин, хаһааҥҥытааҕар да муударай буоларгыт ирдэнэр.

ОХЧУТ

Хас эмэ күнү, сылы быһа соһо сылдьыбыт үлэҕитин түмүктүүр нэдиэлэ үүммүт. Ону таһынан, аһыыр аскытыгар болҕомто ууруҥ диэн сулустар сүбэлииллэр. Тоҕо диэтэххэ, искит ыалдьан моһуоктуон сөп.  Таптал чааһыгар сулумахтары саҥа көрсүһүүгэ ыҥырыахтара.

ЧУБУКУ

Сорохтор өй-санаа өттүнэн саҥа таһымҥа тахсан,  философияны эҥин интэриэһиргиир кэмҥит кэлбит. Ону кытта алтыһар эйгэҕит улаатыа, кэҥиэ. Оттон доруобуйа, үп-харчы чааһа этэҥҥэ.

КҮРҮЛГЭН

Күрүлгэннэри бу нэдиэлэҕэ уларыйыы-тэлэрийии бөҕөтө күүтэр: олоххут укулаата, интэриэскит, дьарыккыт, алтыһар доҕотторгут о.д.а. Тохсунньуга төрөөбүттэр үлэҕитин, олорор сиргитин уларытыаххытын сөп. Оттон олунньуга төрөөбүттэр таптал истиҥ сыһыаныгар куустарыахтара.

БАЛЫК

Үлэҕэ-хамнаска өрө үүнүү, харчынан бириэмийэ күүтэр.  Тус олоххут эмиэ саҥа таһымҥа тахсыаҕа. Өрөбүллэргэ доруобуйаҕыт туруга кыратык мөлтөөн ылар кутталлаах. Онон ичигэстик таҥна сылдьаргытын умнумаҥ.

Читайте дальше