Ааһан эрэр сылбыт Саха сиригэр Үлэ сылынан, онтон Россия үрдүнэн Учуутал уонна наставник сылынан биллэриллибитэ. Аныгы үйэҕэ кырдьан да баран, онно-манна барбакка-кэлбэккэ дьиэ иһигэр ньилийэн олорон, билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ куйаар ситиминэн дойду иһигэр-таһыгар, республикаҕа туох событиелар баралларын, сайдыы саҥа суолунан түбүктээх айанын туһунан сонуннары истэ-билэ олороҕун. Ол даҕаны иһин буолуо, олохпутун барытын республикаҕа буолар тосту уларыйыылардаах сылларга, саҥа государственнаһы, аныгылыы экономиканы тутууга Саха Республикатын бастакы Президена М.Е. Николаев ыыппыт реформаторскай үлэтигэр кыттыспыт, көмө буолбут кырдьаҕас ветераннар аныгы эдэр салайааччылар билиҥҥи кэмнэ ситиһиилэриттэн долгуйа үөрэбит, итэҕэстэрин, туруоруммут соруктарын сиппэтэх-хоппотох тугэннэрин иһиттэхпитинэ сонньуйабыт. Онон төһө даҕаны дьыалаттан тэйиччи олордорбут билиҥҥи көлүөнэ салайааччылары кытары тэҥҥэ кэриэтэ олох уларыйыытын кыттааччылара курдук сананабыт. Ис кыаҕыҥ төһө да мөлтөөтөр дойдубар, дьоммор тугунан эмит туһалаатарбын диэн санааҕа ыллараҕын. Урукку олох, үлэ тэрээһинин үтүө өрүттэриттэн, туораттан да көрөн, үлэ-хамнас тупсарыгар баар ис кыаҕы ыйан-кэрдэн сэмэйдик ыччат дьоҥҥо, салайааччыларга тириэрдэр баҕа санаа үөскээн кэлэр.
Дьэ, итиннэ сытар эбит наставник наадата. Итинник наставник оруола көлүөнэлэр ситиһиилэрин хааччыйыа этэ. Эдэргиттэн үлэҕэ эрчилиннэххинэ, туох баар күүскүн быһаччы дьыаланы сайыннарыыга уурдаххына, кэлин сааһыран даҕаны баран олоҕу-дьаһаҕы билэриҥ, үлэни-хамнаһы анаарарыҥ кэҥиир эбит.
Мин 19 сааспыттан үлэбин саҕалаабытым. Онтон уһун кэмҥэ араас эппиэттээх үлэлэргэ буспутум-хаппытым. Дьэ ол тухары салайар үлэҕэ олус даҕаны дьоҕурдаах, үрдүк талааннаах, үтүө санаалаах дьону кытары үлэлээн ааспыт эбиппин. Мин кинилэр үлэлэрин холобуругар тылларын истэн, сүбэлэрин ылынан салайааччы быһыытынан атахпар турдаҕым, дьоҕурбун сайыннардаҕым! Эдэр сааспар миигин таба көрөн, олоҕум суолугар туруорбут наставниктарбын А.И. Афанасьевы, Д.С. Шепелевы, үлэбэр холобур оностубут салайааччыларбар В.Г. Павловка, Н.В. Шадриновка, С.М. Журавлевка о.д.а дириҥник махтана саныыбын, күндүтүк ахтабын.
Дьалхааннаах 90-с сылларга Саҥа Саха тутууну иилээбит-саҕалаабыт, Саха норуотун чулуу уола М.Е. Николаев хамаандатын иһигэр үлэлээбит ветераннар республика саҥа суолунан сайдыытыгар туох баар күүспүтүн биэрбиппит. Михаил Ефимович Николаев бэйэтин көмөлөһөөччүлэрин иннигэр туруорар “норуот кэскилин туһугар айымньылаахтык, бэйэни харыстаммакка үлэлиэххэ” – диэн ыйыытын толорорго бэриниилээхтик үлэлээбиппит диэн Михаил Ефимович сырдык кэриэһигэр сүгүрүйэн туран этэр кыахтаахпыт. Ол үтүө түмүгэ бүгүҥҥү олохпутуттан көстөр.
Саха сирин бүгүҥҥү ыччатын билиитэ-көрүүтэ киэҥ, үлэ бары корүҥэр дьоҕурдаах. Онтон биһиги, ветераннар, аныгы эдэр көлүөнэ салайааччыларга эрэлбит улахан, республикабыт инники кэскилигэр санаабыт бөҕөх.
Ону мин бу күннэргэ республика тыатын хаһаайыстыбатын министра Артем Александрович Александров тус бэйэтин ыҥырыытынан үлэлиир кабинетыгар атах тэпсэн олорон истиҥник кэпсэтиибиттэн итэҕэйдим.
Министр дуоһунаһыгар киирэригэр Артем Александровичка республика Ил Дархана А.С. Николаев тыа сирин сайдыытыгар аналлаах дьаһалларын санаппыт. Ордук “Тыа хаһаайыстыбатын стратегическай хайысхаларынан сайыннарыы” туһунан 2018 сыл ахсынньы 11 күнүгэр тахсыбыт Указ туолуута эн үлэҥ сүрүн туһаайыыта буолуохтаах диэн сорук туруорбут. Саҥа министр ол дьаһаллары үчүгэйдик анализтаан тыа сирин сайыннарыы сүрүн соруктарын быһаарынан үлэтин саҕалаабыт.
Бу сотору кэминэн олохтоох табаары уонна өҥөнү оҥорууну сайыннарыыга Ил Дархан ыйааҕа күүтүллэр. Ити эппит хайысхаларым тыа сирин олохтоохторун дохуоттара үрдээһинин, нэһилиэнньэ ортотугар дьадайыыны суох оҥорууну хааччыйыаҕа диэн кэпсэтиибитин салҕаата. Онтон Артем Александрович чопчу холобурдары аҕалла: тыа сирин улуустарыгар 350-тэн тахса тыһыынча киһи олороруттан 62 тыһ. эрэ киһи тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарын, ити 62 тыһ. киьиттэн товарнай продукцияны оҥоруунан 7 тыһ. киһи эрэ үлэлиирин, итинтэн 3300 эрэ киһи фермердэр, бааһынай хаһаайыстыбалар. Ол эбэтэр тыа сиригэр дьиҥнээх традиционнай тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныы туругун үчүгэй диэххэ табыллыбат, мөлтөх диэххэ сөп.
Ол иһин сүөһүбүт ахсаана эбиллибэт, төттөрүтүн аҕыйыы турар. Холобура, ынах сүөһү ахсаана 2020 сыллаахха 180190 эбит буоллаҕына 2022 сыл түмүгүнэн 170400 диэри түстэ. Ыанар ынах ахсаана 2020 сылга 72102 эбит буоллаҕына, ааспыт сылга 71627 буолла.
Ол түмүгэр нэһилэнньэни олохтоох тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатынан хааччыйыы улааппат, биир кэмҥэ турар. Республика нэһилиэнньэтин этинэн 27%, үүтүнэн — 55%, сымыытынан — 65%, хортуоппуйунан — 60%, оҕуруот аһынан 36% хааччыйан олоробут.
Туттарыллар үүт лиитэрэтин сыаната ынах сүөһү төбөтүгэр төлөбүр, биллэн турар, тыа дьонун сүөһү иитиитигэр тардыстыытын күүһүрдэр. Манна миэстэтиттэн киирэр араас этиилэри экономика министерствотын кытары анализтаан үөрэтиэхпит. Итиннэ бүтэһиктээхтик быһаарыыны республика үрдүкү салайар органнара ылаллар.
Нэһилиэнньэттэн киирэр уонна туруорсуллар этиилэри болҕомтоҕо ылан, аныгы олох ирдэбиллэригэр сөп түбэһиннэрэн сөптөөх хайысхалары тобулар сорук туруорунабыт. Көрдөрөр-иһитиннэрэр, сырдатар эйгэни кытта ыкса үлэлиир, үлэ дьонун, саҥа кирбиилэри бириэмэтигэр нэһилиэнньэҕэ сырдатар үлэни, салгыы тупсаран кэҥэтэн биэрэр былаан баар. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыгырар тэрилтэлэргэ, бааһынай хаһаайыстыбаларга көмө бэрээдэгинэн, грант чэрчитинэн тиэрдиллэр үбү-харчыны, сөптөөх сыалга туһаныытын хонтуруолун күүһүрдүөхпүт. Эдэр, тыа хаһаайыстыбатын үөрэҕин бүтэрбит специалистар төрөөбүт дойдуларыгар төннөн тиийэн, олохсуйан, тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын салайсан, үлэлиир-хамсыыр усулуобуйаларын тэрийэр улахан баҕа баар. Бу уонна атын да үгүс кыһалҕалаах, тыа сирин кэлимсэ сайдыытын боппуруостарын, нэһилиэк уонна улуус Аҕа баьылыктарын кытта ыкса үлэлээн эрэ ситиһэр кыахтаахпыт.
Дьэ ити курдук тыа сирин сайдыытын быһаарар сүрүн көрдөрүүлэри тупсарар сорук турарын туһунан үлэтин саҥардыы саҕалаабыт министр А. Александров бэйэтин киэҥ былааныттан быһа тардан кэпсээтэ. Кини урут тыа сиригэр үөскээн, нэһилиэк, улуус баһылыгыттан тыа хаһаайыстыбатын министрин солбуйааччытыгар тиийэ үлэлээбит буолан тыа сирин кыһалҕаларын, сайыннарыы суолларын үчүгэйдик билэр эбит диэн түмүккэ кэллим.
Итинтэн сиэттэрэн, сүбэлээһин курдук маннык этиилэрдээхпин:
1. Саҥа үйэҕэ, үлэни-хамнаһы, олоҕу-дьаһаҕы саҥалыы тэринэргэ киирбиппит 30 сыл буолла эрээри бас билии туһунан өйдөбүл, бас билиилээх буолууга дьулуһуу тыа сиригэр өссө даҕаны мөлтөх. Бас билэр сирдээх-уоттаах, сүөһүлээх-сылгылаах, табалаах, хотонноох, араас производствоны тэрийэргэ тутуулаах буоларга дьон дьулуһарыгар интэриэһи үөскэтэр наада. Тыа сиригэр акция, пай, облигация, дивидент өйдөбүлүн иҥэриэххэ, тэрийиэххэ наада. Рынок диэн ити өйдөбүллэрэ суох үөскээбэт. Мэлдьэх буолбатах, үгүс сирдэргэ хаһаайыннааһын формалара аатыгар эрэ баар түбэлтэтэ элбэх. Миэстэтигэр хаһаайыннааһын араас формалара дьиҥ интэриэһин үөскэтэр курдук дьиҥнээхтик үлэлииллэрэ наада. Кооперация, СХПК, фирма хас биирдии чилиэннэригэр акция, ирээт баар буолуохтаах, киирэр барыыстан дивидент үллэһиллиэхтээх. Ол барыта мунньаҕынан, сөбүлэһиинэн быһаарыллыахтаах. Оччоҕуна эрэ кини бас билии хаһаайына буоларын өйдүөҕэ. Баайыгар, ирээтигэр докумуоннаах буолуохтаах. Онтун син биир харчы курдук харыстаан, элбэтэргэ кыһаллыахтаах. Ол буолар аныгы үйэтээҕи тыа сирин олохтооҕо диэн. Манна улуустар, нэһилиэктэр салалталара, экономистар, улуус бэчээтэ кыһаллан анал өйдөтөр үлэни ыытыахтаахтар.
2. Билигин тыа сиригэр хаһаайыннааһын аныгы, бөдөҥ формаларын тэрийэргэ тоҕоостоох кэм кэллэ. Агрофирмалары, агрохолдиннары Россия киин регионнарыгар тэрийтэлээн, кыахтаах промышленнай тэрилтэлэри инвестор быһыытынан туһанар буоллулар. Холобура, биһиэхэ бөдөҥ сир баайын хостуур промышленнай тэрилтэлэр социальнай эппиэтинэстэрин олохтоох соконунан үрдэтэн, тыа сирин сайыннарыыга үбүнэн-харчынан (инвестиция) көмөлөһөллөрүн ситиһиэххэ.
Итинник дьаһаллар олоххо киирэллэрэ буоллар тыа дьоно өйө-санаата (менталитета) уларыйыаҕа, үлэлииргэ, тыа сиригэр олохсуйарга интэриэс үөскүөҕэ.
3. Бас билии уонна сиргэ сыһыан министерствотынан тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллар сирдэргэ мониторинг (бэрэбиэркэлээһин) оҥорор кэм кэллэ. Дьон этэринэн, туһаныллыбакка сытар сир, сокуоннайа суох туһаныллар сир кээмэйэ элбээтэ. Онон сибээстээн, дьарыктаах буолар баҕалаах дьоҥҥо сир тиксибэт түбэлтэтэ тахса турар. Хас нэһилиэк аайы сир учуотун, хайдах туһанылларын анализтаан көрүөххэ. Сири – сүрүн баайбытын хайдах туһанарбытын чуолкайдык билиэххэ, сокуону тутуһуохха: сири атын сыалга туһанар буолуохха, 3 сыл туһаныллыбатах буоллаҕына сир олохтоох салалтаҕа төннөрүллүөхтээх. Ол суотугар анал фонд тэриллиэхтээх уонна үлэлииргэ, нэһилиэккэ олохсуйарга баҕалаах дьоҥҥо түҥэтиллиэхтээх.
Тыа сирин сайыннарыы сүрүн боппуруоһунан биллэн турар үбүлээһин наада буолар. Ити өрдөөҕүттэн турар боппуруос даҕаны баччааҥҥа диэри оннуттан сыҕарыйбат. Быйылгы үбүлээһин (2024 сылга) Ил Дархан А.С. Николаев этиитинэн 500 мөл. солк. эбиллибитин үрдүнэн 15.8 млрд солкуобай көрүлүннэ, ол эбэтэр республика бюджетын уопсай ороскуотун 4,27 % эрэ.
Президент В.В. Путин интервьютыттан истэн, Аан дойду балаһыанньата сытыырхайбытынан уонна Арҕаа Европа дойдулара Россияны утары тииһигирбиттэриттэн сибээстээн, дойду экономическай сайдыытыгар уустугуруу тахсарын билэн олоробут. Онон чугастааҕы сылларга тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга бюджет ороскуотун эмискэ улаатыннарыы кыаллыбата буолуо. Ити уустук боппуруос норуот хаһаайыстыбатын салааларын үбүлээһин стратегическай былааннарын хаттаан көрүүнү, уларыйыыны ирдиир. Ол эрээри, нэһилиэнньэ араас араҥатын тэҥҥэ сайыннарар туһуттан бюджеты оҥоруу уонна тыырыы политикатын сыыйа уларытыы, тыа сирин сайдыытын өрө тардар наада буолла. Оччоҕуна тыа сиригэр нэһилиэнньэ үлэлээх уонна дохуоттаах буолуута, тыа нэһилиэктэригэр олохсуйуута тупсуо этэ.
Хоту сытар территориялары үбүлээһиҥҥэ Советскай Союз саҕана улахан дотация көрүллэрэ. 1 солкуобай оҥоһуллубут продукцияҕа 4,5 солк. өйөбүл ылар этибит. Техниканы, оборудованиены, комбикормы Саха сиригэр аҕалыы босхо буолара. Оттон 2023 с. тыа сирин кэлим сайыннарыы программатынан Федеральнай бюджеттан үбүлээһин кээмэйэ баара эрэ 657,5 мөл. буолла.
РФ Арктикаҕа министерствотынан туруорсан правительственнай комиссияны Москваттан тэриттэрэн, миэстэтигэр Саха сирин тыйыс усулуобуйата тыа сирин сайыннарыыга төһө эбии үп ирдэнэрин быһааттарыахха, онон федеральнай бюджет тыа сирин кэлим программатын федеральнай бюджеттан кэлэр өлүүтүн улаатыннарар наада буолла.
4. Арктиканы сайыннарыы кэлим программата оҥоһулларынан сибээстээн, хоту улуустарга таба иитиитин салгыы сайыннарыыга, түүлэээх бултааһынын, кыылы иитэр фермалары (хара саһыл, киис), балыктааһыны күүскэ сайыннарыы республикатааҕы программатын оҥорон олоххо киллэриигэ турунуохха. Таба этин, балыгы, түүлээҕи миэстэтигэр переработкалаан, хамаҕатык атыыланар бородууксуйаны оҥорон таһаарар кыаллыан сөп. Итиннэ 1987 сыллаахха тэриллибит “Агрокомбинат “Север” үлэтин холобура көрдөрөрүнэн, билиҥҥи усулуобуйаҕа Арктическай зона улуустарын барытын хабан бөдөҥ агрохолдины тэрийэн үлэлэтэр ордук көдьүүстээх буолуо этэ.
Эдэрдэр билиилэрин, эрчимнэрин, кырдьаҕастар сүбэлэрин холбоотоххо тыа сирин сайдыытыгар биһиги Ил Дархаммыт А.С. Николаев “Саха сирэ – иннибит диэки!” – диэн ыҥырыыта өссө ситиһиилээхтик туолуоҕа.
Климент ИВАНОВ, СӨ бочуоттаах олохтооҕо.
Ахсынньы ый 15 күнэ 2023 сыл.