Сүүрүк аты улахан сүүрүүгэ эрдэттэн бэлэмнииллэригэр дылы, мин эмиэ үппүн харчыбын эрдэттэн суоттанан, уурунан хас да куоратынан кэрийэ барар буолан, Мииринэй авиапордугар киирдим. Билиэппитин  «Алроса» хампаанньатыттан «без багажа» диэни ылбыппыт. Ол аата илиигэр тутар, сөмөлүөккэ илдьэ киирэр суумка буолар эбит. Онтубут ыйааһына 10 эрэ киилэ, кээмэйинэн сөмөлүөккэ уурар сиргэ сөп түбэһиэхтээх. Мин суумкабар таҥастарбын уган көрөн баран ыйаабытым 8 киилэ буолла. Кээмэйэ да сөп курдук.

Авиапорка киирэн регистрацияҕа тиийбиппэр, суумкабын  кээмэйдиир тэрилгэ уктарбыттара баппата, «таҥас эрэ, салоҥҥа батыа» диэн көрбүппүн  «баран төлөө» диэн буолла. Буҕаалтыр кыргыттарым «600 солк. төлүүрүҥ буолуо» диэтилэр. Каассаҕа тиийбитим 3 тыһ. солк. «лас» гынан ыллылар. Били 8 кг ыйааһыннаах багажка, кээмэйэ сөп түбэспэт диэн үс тыһыынчанан ыла олороллор эбит. Мэктиэтигэр оҕо сылдьан саҥа былааччыйа кэтэн баран, оҕуруоттан ойон түһээри былааччыйам тэллэҕин хайа түһэн хомойбут турукпар киирэн таҕыстым.

Куһаҕан да үчүгэйдээх диэбиттэринии суумкабын багажка биэрэн, тутуура суох киирэн хомойбуппун аһарынным. Киирэн иһэн бэлиэтии көрбүтүм, мин суумкабынааҕар улахан суумкалары угаллар эбит.

Төннөрбүтүгэр илии тутууругар сөптөөх чымыдаан ылынан Иркутскай авиапордугар киирдибит. Онно суумка кээмэйин быһаарар икки тэрил баар эбит. Суруктаах-бичиктээх кээмэйдиир тэрилгэ чымыдааммытын укпуппут батар, суруга-бичигэ суруллубатахха уган көрбүппүт нэһиилэ батта.

Регистрация саҕаланна, көрдөхпүнэ, дьон үксэ били батар кээмэйгэ уга уга ааһаллар, биһиэнэ да батар этэ диэн эрэх турах санаатым. Уочараппыт кэллэ «чымыдааҥҥын баппат кээмэйдиир тэрилгэ ук» диэтэ, «тоҕо улахаҥҥа уктарбаккын?»  диэн ыйытыыбар «эн билиэккин АЛРОСА хампаанньаттан ылбыккын, онон кинилэр кээмэйдэригэр угаҕын, багааһыҥ баппытын туһунан видеоҕа көстүөхтээх» диэн буолла. Кыйахаммыт омуммутугар икки буолан чымыдааннарбытым үлтү симэн, ороон, атын көтөөччүлэр ньиэрбэлэрин тарбаан , син төлөөбөккө аастыбыт . Онтон билбиппит, атын хампаанньалар кээмэйдэрэ улахан, сөптөөх. Арай «Алроса» эрэ хампаанньата кээмэйэ быдан кыра буолан соһутта. Иркутскай администратара да сөҕөр «дьон бөҕө эрэйдэнэр, ким да туруорсубат» диир.

Ханнык баҕарар киһи төннөрүгэр кэһии тутуурдаах кэлэрэ чуолкай, «Алроса» кээмэйэ төннөн кэлэн иһэр дьону элбэхтик «саккай» ыыппыт буолуохтаах. Онно туоһу буолан кээмэй көрдөрөр тэриллэрэ суруга суураллан да турара туоһулуур. Барар кэлэр дьон «без багажа» диэн билиэти ылартан туттунуҥ. Онтон «Алроса» илии тутуурун кээмэйин туһунан, дьон туһугар сүүрэр көтөр дьокутааттарбыт, үөһээ салалта болҕомтоҕо ылан быһаарсаллара буоллар диэн баҕа санаабын этэбин.

Розалия СИДОРОВА-Ымыычаана

Читайте дальше