Бүлүү эбэ кытылыгар

Сарсыарда тыа саҕатыгар күн тахсан кытара кыыһан, үрүҥ көмүс сардаҥалара Бүлүү эбэ уутугар күлүмүрдүү оонньоон, эчии, киһи хараҕа халтарыйан, этиэхтэн дьикти, көрүөхтэн кэрэ да буолар эбиит!… Онтон тэбиэһирэн, налыччы уста сытар долгуна сүүрүгүрэр кэмигэр, үөһээ күнү кытта көөчүктэһэн, тыыраахылар сарсыарда балык аһаары үөһэ дагдайан тахсарын ыраахтан бэлиэтии көрөн, үөрүү дуу, көҥөһүү дуу ырыатын түһэрэн, өрүс үрдүнэн кынаттара кылбаҥнаһа элиэтииллэр.
Итини барытын оргууй иһиллии-биһирии олорбут Баһылай оҕонньор оҥочотунан устан кэлэн, эбэ кытылыгар тохтоото…
– Оо, баҕайы! Тугу да билбэтэх курдук туттан, соҕотох оҕобун апчарыйан баран, мэлдьэһэ сытаҕын дуу?! – диэт, хамсатыгар табах уурунаат, тугу эрэ ситиспиттии, иҥиэттэн кэбистэ.
– Оҕом барахсан эйигин, эбэтин наһаа да таптыыра эбээт! Туох буруйугар ылаҥҥын, хоойуҥ түгэҕэр кистээбитиҥ буолла?! Оо, аанай-туонай абаккам да буолар эбит! Ама бачча кэрэ бэйэлээххэ мин оҕом өлүгэ итээбитэ буолуо дуо? Оттон син бар дьоҥҥун көмүс хатырыктааҕынан күндүлээтиҥ ини күндүлээбэтиҥ ини…Тоҕо баар-суох оҕобун, туйах хатарааччыбын, бэрик курдук ылбытыҥ буолуой, – дии — дии, оҕонньор төбөтүн тоҥхоччу туттан, санна ыгдаҥалыы олорбута…
Эбэ…улам долгуна күүһүрэн, кыыһырбыттыы эҥсиллэн… оҕонньору мөҕөн-этэн эрэрдии… уунан ыспахтаата…
Онуоха Баһылай:

– Оо, эбэм барахсан , таалыҥ кырыыланнаҕа тоҕо сүрэй! Билэбин ээ, оҕобун харыһыйдарбын да, эдэр эр бэртэрэ аһыы уунан айахтарын омунуохтаан, итирэн дуу, ииригирэн дуу, олохторун мүччү туттубуттарын… оо, оттон эмээхсиним эрэйдээх оҕотун сүтэрэн, өрүттээхтээбэтэҕэ… оҕотугар бараахтаабыта… Ол иһин бу эйиэхэ эбэбэр… үҥсэ, кыыһыра, сороҕор атаахтыы кэлэн олороохтуубуоон! Эн ыраас уугун ыймахтаабыт, уугар чомполоммут, байанайгыттан бэриһиннэрбит аҕай оҕонньорбун… Кыһынын ынахтарбын уулатан, муускун иһэн… көрүлээбит аҕай бэдикпин… Икки атахтаах барахсан санаата туолбат… минньигэс балыккынан аһаан-таҥнан, уойан-тотон баран, аны бөҕүн, киһи өйүгэр кыайан батарбат куһаҕанын манна эйиэхэ сүөкүүр буоллаҕаа… көрө-көрө, иһим да буһар!.. Баҕар, эбэм барахсан ардыгар ол иһин кыыһыраахтыырыҥ буолаахтыа… туох билиэ баарай, – диэн мөҥүттэр дуу, аһынар дуу быһыынан эргиччи көрөн баран… үөһэ тыынна.
– Оо, эбэм барахсан, миигин акаарыны, бука диэн, алы гынаар дуу, – диэтэ уонна оҥочотун, эрдэн, кэлбит сирин диэки уста турда…
Эбэ ону көрөн сытан, тыы суолун харыстаабыттыы долгунунан бүрүйэн кэбистэ.
Күн номнуо үөһэ күөрэйэн… чыычаах саҥата хойдон… толбоно эбэтин эгэлгэ өҥүнэн киэргэтэн… күлэн мичиҥнээтэ. Оҕонньор нөҥүө кытылга тиксэн, хамсатын саппыкытын оһуттан ороон таһааран, тииһэ бараммыт айаҕынан соппойдо, буруотун барытын онтон тотуохтуу, ыйыстан истэ… өр-өтөр буолбата, ыраах көстөр сыыры көрөн, төрөөбүт таптыыр эбэтэ тупсаҕайын сөҕө-махтайа олордо.
Манна Дуунньатынаан сиэттиһэн кэлэн, ол сыырга тахсан, олорон эрэ ыллыыллара, сэлэһэллэрэ… арыт килбик таптал иэйиитигэр куустаран, уураһан ылаллара… Оо, онно эбэбит барахсан ырааһа, дьэҥкирэ, мэктиэтигэр түгэҕэр балыктар усталлара курдары көстөрө…
– Уолум барахсан эбэм көрбөтүгэр хараҥаҕа үөскээбит оҕо этэ буо…баҕар, ол иһин бэлэхтээбит оҕотун бэйэтэ ыллаҕа буолуо дуу… – Баһылай төбөтүн аллараа нөрүтэн олорон, быстыбат санаалара киирэн, хараҕар элэҥнээн аастылар…
– Эбэккээм, эйиэхэ хом санаабаппыын…эдэр чолохоос оҕолор сыыһан, олохторун бэйэлэрэ мүччү туттахтараа, – диэн, уҥуоргу кытылы одуулуу олордо…
Эбэтэ алы гынардыы, чуумпуруоҕунан чуумпуран, оргууй аҕай дьаалатынан уста сытта…

Олимпиада СПИРИДОНОВА,

Сунтаар, Кэппэндээйи, 24.06. 2024 сыл

Читайте дальше