Тэҥкэ тииттэринэн тулаламмыт, хатыҥ маһынан хаймыыламмыт, харыйа хараҥа ойуур үтэн киирбит тумуллаах, икки атахтаһа сытар балык сэмсиир күөллээх Уйгулаах сайылык урукку сэбиэскэй кэмҥэ икки ыанньык, биир субай сүөһү тутуллар хотоннордоох, ону көрөр-истэр дьонноох, киинэ көстөр, политинформация ыытыллар Кыһыл муннуктаах, күннэтэ туттуллар табаар эгэлгэтэ атыыланар дьоҕус лааппылаах сир киэнэ сиэдэрэйэ буолан силигилээн турбуттаах этэ.
Сопхуостар ыһылланнар улуу уларыта тутуу ухханыгар сүөһүлэрин үллэстэн, сороҕун сүүстээн харчы гынан, үлэ суох буолан олохтоохтор сыыйа үлэлээх-хамнастаах сирдэргэ көһөннөр, Уйгулаах кураанахсыйбыта, урукку аата умнуллан учаастактан атыннык ааттаммат буолбута. Киһитэ-сүөһүтэ бараммыт учаастакка барар-кэлэр сирдэрэ, дьиэтэ-уота суохтар эрэ хааланнар кыһынын чааһынайдар сылгыларын көрөн кыстыыллара. Сайыҥҥы өттүгэр даача курдук син араас киһи кэлэн сайылаан, сөтүөлээн, сир астаан, сорохторо оттоон барар буоланнар син сэргэх олох саҕаланааччы.
Быйыл сайын Ира, Коля диэн иһэр-аһыыр эдэр ыал бөһүөлэктэн үүрүллэн кэлэн иччитэх турар дьиэни сөргүтэн олохсуйбуттара. Аҕатын аатынан ааттаммыт Коликка диэн 5 саастаах уол оҕолоохторо. Тилийэ тиэргэннээх Мааппа, Киргиэлэй, сиэннэриттэн күннэрэ тахсар дьон, бу ыаллара оҕолоругар, ордук истэрэ аһыйдаҕына, тоҥуй сыһыаннарын, кыра диэн аахсыбакка илиилэригэр туох түбэһиэх охсоллорун-тэбэллэрин олус ороһуйа көрөллөрө, оҕону аһынан сиэннэрин кытта тэҥҥэ тутан уора-көстө аһаталлара, сууйаллара-сотоллоро. Төрөппүттэрэ оҕолоро ыалга сылдьарын отой сөбүлээбэттэрэ.
Быйыл сайын аһара да кураан, куйаас сайын буолла. Бу тыа хаһаайката уот кугас эһэ быйыл икки оҕону ытарҕа курдук батыһыннарда. Күҥҥэ көрбүт көмүс чыычаахтарбар туох эрэ куттал суоһуо диэн иннин-кэннин кэтэнэн, тула өттүн чуҥнаан тахсар, кыра да туора сыты-сымары ыллар, тыаһы-ууһу иһиттэр эрэ, боотурҕанан арҕаһын түүтүн адаарытан, көхсүн иһигэр кырдьыгынаан суос бэринэр уонна оҕолорун атахтарын икки ардыгар уктан бу сиртэн дьаадьыйарга барар. Кугас эһэ оҕолорун кытары төһө да кураан куйаас сайын буоллар халыҥ муохтаах, хойуу отон уктаах ойууру булан отонноон, кымырдаҕас оргуллаан олус бэркэ сырыттылар. Үрдүк сыыртан үөмэн киирбит хойуу ойууру хаххаланан киирэн, санаатыгар отчуттарга көстүбэккэ, күөлгэ киирэн көтө илик кус оҕолорун тутаттаан, сороҕор дьон үппүт тууларын көрөн балыктаан оҕолоро олус бэркэ улааппыттара, иннигэр-кэннигэр түһэн бойборуһа сүүрэллэрэ. Ийэлэрэ ыанньыйбыт эмиийдэрин тумуктарыгар сыста сытан харахтарын быһа симэ-симэ сып-сылаас хойуу үүтү ыймахтыыллара, астынан кырачаан кыһыл тылларын салбаналлара, харахтарын тылбык-илбик көрөн тыыллаҥнаамахтаат утуйан буккурууллара. Ийэлэрэ ардыгар боҕуу буолбатыннар диэн чиргэл маһынан баттатан бардаҕына, хайаан да кэлэрин билэр буоланнар, бастаан сарылаамахтыы түһэн баран, туох да туһа тахсыбатыттан көссүөтүк кэтэһэн кылаллан сытааччылар, ол сытан утуйан буккураан хаалбыт буолаллар. Биирдэ түлүк ууларыгар утуйа сыттахтарына ийэлэрэ сабырҕахтарыттан күүскэ сахсыйталаан туруортаабыта. Эһэчээннэр кинилэр урут хаһан да билбэтэх амырыын сыттара тунуйбут, тыынарга олус ыараабыт этэ. Туох эрэ барчаланар күүстээх тыаһа ньирилээн иһиллэрэ. Тыа быыһыттан диэгиниччи көрбүт, куттанан кыыллара турбут араас кыыл-сүөл мэнээк сүүрэн тахсара. Эһэ-бөрө аһылыга буолар улахан кутталтан өссө суостаах куттал кинилэри үргүппүтэ, үүрэрэ. Кугас эһэ оҕолорун батыһыннаран эмиэ иннин хоту ыстаммыта. Эһэчээннэр ньирилиир-барчаланар тыастан, тыа баһын кыһыл тылынан салаан ааһар уот курбуулартан куттанан мээнэ сүүрэллэрэ. Хойуу буруоттан бэлэстэрэ аһыйан тыыннара хаайтарара, харахтарын уута халыйан тахсан тугу да көрбөт үлүгэрэ буолбута. Ийэ эһэ барахсан оҕолорун биир биир сабырҕахтарыттан ытыран илдьэ сатыыра. Биирин хаалларан баран биирин сылгылыы хойуу буруо быыһыгар ыстаннаҕына өлөрдүү куттаммыт оҕото атаҕар эриллэн мэһэй бөҕөтүн таһааран, олус өр мэскэйдэнэн уоту олус чугаһатан кэбиспиттэрэ. Умайа сылдьар мас мутуга кыырайан кэлэн оҕотун үрдүгэр түһэн , өй-мэйдээх тулуйбат сарытын-орутун түһэрэн биир оҕото ийэ хараҕын ортотугар умайан-кэриэрэн хаалбыта. Ийэ барахсан, киһи уйулҕата көтүөх, часкыйан баран тыыннаах хаалбыт оҕотун сабырҕаҕыттан ытыран буруо арыый убаҕас сиринэн ыстанан өр да иннин хоту сүүрэн уулаах үрэххэ кэлэн биирдэ тохтообута.
Баһаар тыаһ-ууһа ыраах кэннигэр хаалбыта. Кугас эһэ оҕолорун уоттан эр биир таһаара сатыы сылдьан түүтэ сорох сиринэн уокка хаарыллан сэмнэх ойо сылдьара, тилэхтэрэ кыа хаанынан усталлара. Улахан эрэйинэн уоттан таһаарбыт оҕото буруоҕа тумнастан хайы-сах тыыммат буола көһүйбүтүн ииримтийэн часкыйа-часкыйа өрө таҥнары ууга соһо сатаабыта. Уот хаарыйбыт этэ-сиинэ тымныы ууга сойон тыын ылбыта. Хамсаабат буолбут оҕотун манаан икки күн сыппыта, онтон аа-дьуо туран охто сытар арбах мас анныгар буору тибилийэн оҕотун кистээбитэ. Онтон аа-дьуо туран тыа иһин диэки бара турбута.
От үлэтин үгэнэ буолан, кураан күннэри былдьаһа киһи барыта үлүмнэһэн оттуу сатыыра. Учаастак отчуттара улахан кэбиһии буолан саастарын үгэнигэр сылдьар, кыайыгас-хотугас дьону Иралаах Коляны көмөлөһүннэрэ ыҥырбыттара. Эдэрдэр күөх дуолга тириилэрэ тэнийиэр диэри үлэлээн, махтал-баһыыба тылларын ыланнар, хамнастарын хачыгырас харчыны бобуччу тутаннар ыкса киэһэ дьиэлэрин булбуттара. Киэһэ хантан да аһыы утах булар кыахтара суох буолан, үгүөрү харчыны ууран туран түргэн-сыыдам «доставканан» икки дьэҥкир иһити аҕалтарбыттара. Күнү быһа күүскэ үлэлээн сылайбыт дьон түргэнник итирбиттэрэ. Ас минньигэс сытын билэн остуолга чугаһаабыт оҕотун аҕата буолуохсут хааннааҕынан хаһылыччы көрөөт, табах тобоҕун мунньар кырыыҥкатынан кыыраппыта. Күллээх, табах сотолоро мунньуллубут ыарахан таас иһит кыырайан кэлэн оҕо төбөтүгэр түспүтэ. Чуо оҕо хааһын быһа түһэн хаан бөҕө ыһылла түспүтэ . Коликка ынырык ыарыыттан туймааран охтон түһээт, хаанын туора сотто-сотто таһырдьаны былдьаспыта. Хата, аҕата буолуохсут итирик буолан таппакка сиирэ-халты тэбиэлээн хаалбыта. Кэннигэр туох эрэ көрүдьүөһү көрбүт курдук ийэтин күлэр кэһиэхтээх куолаһа иһиллээт, аан лип сабыллан, саҥа ньим барбыта.
Уолчаан куотан тахсаат, быыһанар саһар сирим бу диэбиттии чугас барыйан көстөр тыа диэкки сүүрбүтэ. Төһө да сайын буоллар атырдьах ыйыгар халлаан лаппа хараҥарар, салгын биллэ тымныйар буолбут этэ. Уолчаан хомойон, атаҕастанан ити дьулаан дьиэттэн ыраатар эрэ санаалаах харах аһыы уутугар хаан буккуспутун туора сотто-сотто мэнээк сүүрэн иһэн туора сытар улахан мас лоппоруттубут силиһиттэн иҥнэн умса баран тохтообута. Ол да буоллар сык-сык ытыы сытан утуйан хаалаахтаабыт этэ. Сарсыарда күн мастар быыстарынан тыкпытыгар, чыычаахтар ырыа-тойук түһэрбиттэригэр дьагдьайан уһуктубута. Сүүһүн хаана хараҕар, баттаҕар чөмөхтөһө хаппыт этэ. Оҕо барахсан оҕото өтөн саамай таптыыр киһитин ийэтин ыҥыран хаһыытаан-ытаан иһэн тохтообута. Эҥэлдьийэн көстөр сырдыгы батыһан отунан саба үүммүт өтөххө тахсан кэлбитэ. Сиҥнибит балаҕан аттыгар чөкө түһэн сытар туос иһиккэ уу баһылла сытарын көрөн үөрбүтэ, иһэн утаҕын ханнарбыта. Хаан хаппыт сирэйин суунан тыын ылан тула көрбүтэ.
Икки ытарҕа оҕотуттан мэлийбит хагдаҥ кугас эһэ киҥэ-наара холлон, икки хараҕын үүтэ көстүбэккэ, иннигэр туох түбэспити үлтү барчалаан баран испитэ. Сиэҕин сиэбит, аһыырын аһаабыт эмискэ турбут тыа баһаара түүнүн күүстээх ардах түһэн умуллан , онон-манан кыратык буруолуу сытара. Хойуу буруо дьайҕаран тула барыта дьэҥкэтик көстөр, тыынарга чэпчээбит этэ. Ийэ эһэ сүрэҕинэн сирдэтэн кэриэрэн, буһан куччаан хаалбыт оҕотун булан тииһигэр ытыран умайбатах сиргэ таһааран буору тарыйан көмпүтэ, үрдүгэр араас талаҕы, хатырыгы табыйбыта. Айаҕын иһигэр өр да оҕотун кэриэрбит амтана кэлэрин суох гына сатаан кулгуйа-кулгуйа аһыы, ситэ буһа илик отону, муҥутуу буспут сугуну сиэбитэ. Ким да эмпэт буолан эмиийигэр үүт киирэн, тыҥаан, ыалдьан эрэйигэр эбии эрэйи эппитэ. Эмиийэ ыанньыйан тэстэн хараҕын уутун кытта холбоһон сири илитэрэ. Ийэ эһэ уот сиэбит ойуурун устун хаппыт-куурбут от-мас сэмнэҕин хардырҕаччы кэһэн иһэн, кураанах куруҥнар кубарыһан куруһу куустараннар, куртаҕа курулаан, хаана буһан, көхсө кырылыы кыынньан иһэн сытымсах мунна сибиэһэй хаан сытын ылбыта. Сиир-аһыыр, тырыта-хайыта тыытан, өлөрөр-өһөрөр эрэ санаалаах ол сыт диэки үөмпүтэ.
Отунан саба үүммүт өтөххө тахсан кэлээт, охсуллубакка күөгэйэ үүнэн турар оттон тугу да булан көрбөккө, сыт кэлэр сиригэр ыстаммыта. Уолчаан саба түһэр бырдахтан көмүскэнэн сапсына-сапсына үөһэнэн устан ааһар былыттары көрө сыппыта. Ол өрүкүйбүт сиэллээх ат былыкка олорсон аан дойдуну үөһэттэн көрөр төһө эрэ үчүгэйин өйүгэр оҥорон көрөн оҕо-оҕо курдук манньыйа сыппыта. Эмискэ күнү ыйы бүөлээн эһэ сырайа бу марбас гына түспүтүттэн уолчаан уолуйан хатаннык хаһыытаабытынан олоро биэрбитэ. Киниттэн хаамыы эрэ холобурдаах аарыма эһэ эмиэ соһуйан икки кэлин атаҕар олоро түспүтэ. Уолчаан аччыктаан хойуорбут хараҕар эһэ эмиийдэрин сурааһын буолан тохто сылдьар үүттэрэ көстө түспүтэ, минньигэс үүт сыта саба биэрбитэ. Оҕо тугу гынарын өйдөөбөккө ол үүттээх тумукка саба түспүтэ, эмэн чомурҕатан киирэн барбыта. Ийэ эһэ барахсан тыҥаабыт этэ-сиинэ дьырылыы түспүтэ. Дьикти нуһараҥ иилии кууспута. Сатала суохтук киһи оҕотун бэйэтигэр саба тардыммыта. Оҕо барахсан иһэ сылыйан, тотон, сылааска сымнаҕаска таттаран куттанарын умнан утуйан буккураан хаалбыта. Этэ-хаана чэпчээн, умнан испит ийэ хаана уһуктан, ийэ эһэ налыйбыта, оҕону бэйэтигэр тардынан атаҕын үрдүгэр баһын ньолбоччу быраҕан туох баар тыаһы-ууһу кэтээн, булуохча булбут оҕотун манаан иһийэн сыппыта. Тотон, сылааска, сымнаҕаска бигэнэн уолчаан уһуннук тото-хана утуйбута. Эһэ хоонньугар түүрүллүөҕүнэн түүрүллэн утуйа сытан уһуктубутуттан уолчаан ончу куттамматаҕа, эмиэ эмиийин эмпитэ. Онтон иккиэн тураннар чарылыы сүүрэр үрэххэ барбыттара. Оҕолоох эһэ астына ууга булумахтаммыттара. Эһэтэ эмискэ-эмискэ сабыта биэртэлээн хас да балыгы туппута, кытылга быраҕара, хаһы да кучугур-хачыгыр ыстаан сиэбитэ. Сиэ диирдии Коликка диэкки үҥүлүтэрэ. Ону уолчаан эргим ургум тутаатЮ бэйэтигэр быраҕара. Күн киириитэ охто сытар мас силиһин хоонньугар киирэн сыппыттара. Уолчаан эмиий минньигэс үүтүн иһэрэ, онтон ийэ эһэ тылынан уол бааһын салыыра. Ону уолчаан ыта Тузик эккэлээн сирэйин-түөһүн салыырыгар холуу саныыра. Күнүһүн отонноон, сугуннаан сииллэрэ, оҕо таҥаһа-саба окко-маска үлтү тыытыллан кыаһаан курдук салыбырыыра. Уолчаан үөрэнэн өссө ардыгар эһэтин кэтит көхсүгэр таалалаан айанныыра. Эһэтэ сиргэ-окко күөлэһийдэҕинэ арҕаһыгар бэс хаппыт иҥнэлэрэ лабах курдук сысталлара. Ону ылҕыы, ыраастыы оонньуура.
Күһүн сибикитэ биллэн күн-түүн тымныйар, оҕо тоҥон титириир, оонньуур оҕолорун, төһө да хобдох буоллар дьиэтин-уотун ахтар, ытыыр буолбута. Ону эһэтэ өйдүүрдүү отон курдук харахтарынан соҥуорбуттуу көрөн олорор буолааччы. Ол курдук сылдьан биир үтүө күн уһуктубута олорбут учаастагын сыһыытыгар кэлэн сытара. Учаастак ыттара эһэ сытын билэн буолуо ар-бур бөҕөтүн түһэрэн үрэн моргуйаллара, ол эрэн утары сүүрэн кэлбэттэрэ. Оҕо билэр сирин көрөн наһаа үөрбүтэ, ол эрэн тоҕо эрэ дьоҥҥо утары сүүрэн барыан туттуммута, куттаммыта, ийэ туттубут эһэтигэр сөрүөстүбүтэ. Дьон эмиэ мустан аймалаһан кыараҕас сыһыы нөҥүө сүтэн киэҥ айдааны таһаарбыт оҕолоро аарыма эһэ аргыстанан кэлбитин көрөн саҥаларыттан матан турбуттара. Онтон ийэ сүрэҕэ тулуйбатаҕа буолуо «Коликкаа» диэн ынчыктыыр дуу, ыҥырар дуу икки ардынан саҥа таһаарбытыгар, дьэ, өй ылбыттыы уолчаан буулдьа курдук ийэтигэр ыстаммыта. Көрсүһүү үөрүүтэ уҕарыйан, эһэлэрин көрдөөн уҥа-хаҥас олоотообуттара да кыыл онно оҥойбут этэ.
Оҕо дьиэтигэр кэлэн ыйы супту муна сырыттаҕына кинини эмиийин үүтүнэн эмсэхтээн эһэ бүөбэйдээбитин кэпсээн истибити эрэ барытын уйадыппыта. Төрөппүттэрэ баар-суох оҕолоругар кыыллааҕар куһаҕаннык сыһыаннаспыттарын өйдөөн, суобастара уһуктан, арыгыларын быраҕан, элбэх оҕолонон-урууланан ыал мааныта буолбуттара.
Николай Николаевич олох оҕо сааһыттан бэйэтин кыанар, тэтиэнэх киһи буолан, улаатан сорсуннаах улуу булчут буолбута. Ол эрээри үйэтигэр биир да хара тыа хаһаайыныгар илиитин көтөхпөтөҕө. Хара тыа кыараҕас ыллыктарыгар ардыгар ыы муннуларынан анньыстахтарына даҕаны уопсай тыл булан туора дьаадьыйсан биэрээччилэр. Дьиктитэ диэн хаһан да ыттаммат этэ, ол эрэн күһүн аайы тайах саамай сыалааҕынан мохсуо бырахсааччы. Сир-буор аннынан эһэлэр күөйэн биэрэллэр үһү диэн омуннаах кэпсээн тарҕанааччы. Ону көрөн турбут суох эрээри, Ньукулай бэрт эдэр сааһыттан халыҥ хара тыа эмпэрэ сыырын анныгар куруук барарын билээччилэр-көрөөччүлэр бааллар, истибэтигэр «Эһэ Уола» диэн кэпсэтэллэр.
Зинаида ФЕДОТОВА — Дьол Кыыма