Куорат биир тохтобулугар дьүөгэлии эмээхситтэр оптуобустарын кэтэһэн ону-маны сэлэстилэр. Ол быыһыгар аттыларыгар кэлэн ааһар аныгы ыччаты, оҥоһуу кыламаннаах, тыҥырахтаах аныгы «кырасаабыссалары» ырыталлар. Билиҥҥи дьон барыта бэлэмҥэ олорорун, киһи баҕата туоларыгар сүрэх-бэлэс эрэ наадатын о.д.а. кэпсэттилэр. Бүгүн Араппыана дьүөгэтигэр Дуунньаҕа даачатыгар ыалдьыттыы бу бараары оптуобус кэтэһэ олороллор.

Дьуунньа даачата чөкө кыра дьиэ, уһаайбата даҕаны оннук улахана суох. Кыракый буолалаах, тэпилииссэлээх, сибэккилээх. Уһун-киэҥ айаны айаннаан, дьэ даачаларын буллулар. Наҕылыччы, ханна даҕаны тиэтэйбэккэ, таҥас-сап уларыттан киэһээҥҥи чэй бэлэмнээн бардылар. Итии үүттээх чэйдэрин сыпсырыйа-сыпсырыйа ааспыты, билиҥҥини ырытыһар, ахтыһар саҕа үчүгэй кинилэргэ суох. Хам-түм ый баһыгар-атаҕар маннык көрсүһэллэр.

Сарсыҥҥытыгар дьүөгэлэригэр Инна Митрофановнаҕа кырдьаҕастар дьиэлэригэр тиийэ сырыттылар. Инна барахсан, сотору 80 сааһын туолуохтаах. Кыыстаах уол оҕолооҕуттан элбэх сиэннээх, хос сиэннээх. Ол эрэн, киһи хомойуох, эмээхсин барахсан биир эмэ сиэнигэр, оҕотугар буолбакка, туора сиргэ – кырдьаҕастар интэринээттэригэр олороохтуур. Кыыһа Алевтина дьоҕус тэрилтэ салайааччыта, мэлдьи соҕуруунан-хотунан сылдьар, дьы ала-куолу киһитэ. Сыл аҥаарыгар биирдэ эмит ийэтин көрсөр, ону даҕаны чаас аҥаарын кыайбакка кэлэн олорбохтообута буолар. Оттон уола Игнат билигин эдэр эһээ буола сылдьар. Эмиэ дьыала-куолу киһитэ. Куорат тэтимигэр бары сүүрүүнэн кэриэтэ сылдьаллар. Ийэтигэр ыйга биирдэ эмит охсуллан ааһар. Хата үлүгэрдээх сиэннэртэн хос сиэн кыыс Мааһыҥка нэдиэлэ ахсын кэлэн, хос эбэтин саататар. Ас астаан да аҕалар, араас сонун-нуомас да бөҕөлөөх буолар. Мааһыҥка быйыл үөрэҕин кыһыл дипломунан бүтэрдэ. Онон мантан инньэ үлэҕэ киирдэҕинэ, быыс-арыт булан кырдьаҕас, күндү киһитин көрсө кэлэрэ бука ахсааннаах буолара дуу, чэ ким билэр.

Интэринээт дьиэтэ, син биир балыыһа курдук. Үрүҥ истиэнэ, үрүҥ үрүт, барыта хайдах эрэ тоҥуй баҕайы. Ким эрэ олоҕун үлэҕэ, дуоһунаска анаабыт, ким эрэ кэргэнэ, оҕото-уруута суох, ким эрэ дьиэтигэр «мэһэй» буолаахтаабыт, араас-араас дьылҕалар, ол эрэн барыларын кыһалҕалара биир – кимиэхэ даҕаны наадата суох буолуу. Сорох сорохтор манна киирбиттэриттэн астыналлар. Күн ахсын кэпсэтиһэр киһилээхтэр, болҕомто ылаллар, ол иһин. Оттон Инна курдук дьонноох, уруулаах кырдьаҕастарга хас биирдии үүнэр күн олус уһуннук, ыарыылаахтык ааһар.

Бүгүн Инна уола кэлэн, ас-үөл аҕалла, биэс да мүнүүтэ буолбата. «Чэ, ийэ ыксыыбын, иккиттэн мунньах», — диэт, элэстэнэн хаалла. Дьиҥэ, эмээхсин кырачаан хос сиэнин көрүөн, хаһан аҕалалларын, хаһан кинини бэйэтин дьонугар –сэргэтигэр мантан “сынньата” илдьэ барарын ыйыталаһыан баҕарбыта…

Хайдах эрэ күһүн буолан, кырдьаҕас кута-сүрэ эмиэ бу күһүҥҥү күн курдук курус туруктааҕа. Бэйэтин дьиэтигэр мала-сала барыта бэйэтин киэнэ этэ, хайдах эрэ эрэх-турах сылдьара, баҕарбытынан ас астыыра, ону-маны гынара. Кини билигин даҕаны сэнэх туруктаах ээ. Оо, Инна эмээхсин дьиэтин-уотун санаан хараҕа ууланаахтаата. Аан хос аттыгар баар ыскаамыйаҕа уола бараатын кытта олорбутун курдук олордо. Күнү-дьылы уҥуордаан кэлбит мырчыстаҕас тарбахтарынан иэдэһигэр сүүрбүт хараҕын уутун сотто олордо. Эбэтэ барахсан санаарҕаан олорорун көрөн, бүгүн бэрэски кэһиилээх кэлбит Мааһыҥка олус айманна. Сиэнэ кэлбитин көрөөт, эмээхсин үөрэн мичилийдэ. Кыыс кэллэҕин аайы эбэтэ манна олус тэһийэрин, үчүгэйин кэпсээччи, быһыыта, кини дьонун хомотумаары албынныыр эбит ээ! «Оо, эбээ! Мин мааманы кытта кэпсэтиэм, эн биһигини кытта олоруоҥ!Дьонноох эрээри манна олохсуйдаххыный?»- диэн кытаанахтык эттэ. Инна оҕолоругар, эдэр дьоҥҥо мэһэйдээмээри: «Кэбис, тоойуом, ону-маны саҥарыма, миэхэ, манна үөлээннээхтэрбин кытта олорорум үчүгэй ээ», — диэхтээтэ. Кыыс иннин биэрбэтэ. Саҥардыы буһаран аҕалбыт бэрэскилэрин эбэтигэр туттараат, иэдэһиттэн сып сылаастык сыллаан, төптөрү барда.

Хос эбэтэ санаатыгар оҕолор тугу быһаарынан кэлэллэрин олус долгуйа күүтэ сырытта.

Мааһыҥка хос эбэтигэр кэлбэтэҕэ нэдиэлэ буолла. Эмээхсин эмиэ долгуйар. Санаа-оноо буола сырыттаҕына, кыыһа Аля икки бакыат тутуурдаах кэлбитин көрөн: «Хаалар буоллаҕым» диэн иһигэр хомойо санаата. Кыыһа: “Мамуля привет, наһаа үчүгэй сиргэ киирэн баран сүгүн-саҕын сытымаары гынныҥ дуо?Мааһыҥка эйигин манна тэһийбэт диэн, биһиэхэ олордоору туруммут аҕай”, — дии-дии бакыаттан ол-бу маҕаһыын аһын хостуу турда. «Оттон..манна үчүгэй эрээри..дьиэлээх киһи дьиэбэр олорорум буоллар..», — диэн оргууй саҥарда. Кыыһа ону истиэ баара дуо: «Ээ, эргэ баҕайы дьиэҕин ахтаҥҥын, онтугун атыылаары сылдьабыт», — диэбитигэр эмээхсин соһуйан, аттыгар турар кириэһилэҕэ тыастаахтык олоро биэрдэ: “Хайдах атыылаары?! Мин бэйэлээх бэйэм бас билэр дьиэбин, саатар ыйытыа, сүбэлэһиэ этигит буоллаҕа! Тыыннааҕым тухары ити олорбут дьиэбин атыылаабатах баҕайым ини!”, диэт, кыыһа аҕалбыт аһыгар-үөлүгэр да наадыйбакка, хоһун диэки хаама турда. Аля өйдөөбөтөхтүү, ийэтин куруук дьаһайа үөрэммит буолан, саҥата суох «мах» бэрдэрэн турда.

Оҕолоро итинник дьаһана сылдьалларыттан кырдьаҕас ийэ олус санаарҕаата, хас да күн оронуттан турбакка, киэҥ-куоҥ түннүгүнэн оргууй устар хараҥа былыттары кураанаҕынан одуулаһа сытта.

«Инна Митрофановна, эйиэхэ кэллилэр», — диэн сиэстэрэ кыыс куолаһыттан нуктуу сытан уһуктан кэллэ. Хос аанын арыйан, Мааһыҥка биир үрдүк уҥуохтаах, киэҥ харахтаах уолу кытта киирэн кэллилэр. «Эбээ, аа-дьуо тураҥҥын, малгын-салгын хомуммаккын ээ», — диэтэ сиэнэ кыыс. Инна соһуйан, саҥата суох оронугар олороохтоото. «Ханна ыалдьыттата илдьээри гынныгыт?» — диэн эмээхсин санаарҕаабыттыы ыйытта. Кыыс: «Суох, ыалдьыттата буолбатах, биһиэхэ квартираҕа олорон эриэҥ, онтон эн дьиэҕэр өрөмүөн бүттэҕинэ, бииргэ олорор буолуохпут. Оннукка сөбүлэһэр инигин? Биһиэхэ мэһэйдэппэт инигин? Сотору өссө хос-хос сиэннэниэҥ эбээ, биһиги оҕо күүтэбит», — диэн кыыс истиҥник мичээрдээтэ. Инна Митрофановна долгуйан, үөрүүтүттэн көтүөн чахчы кыната эрэ тиийбэккэ дылы. Хас да күн сэниэтэ суох сыппыт бэйэтэ, аҕыйах мүнүүтэҕэ «баайын» түргэн үлүгэрдик хомунан кэбистэ.

Билигин кини эдэр ыалы кытта бииргэ олус тапсан олорор. Мааһыҥка хос эбэтэ кинилэри кытта олороруттан олус дьоллоох. Күтүөт да мэһэйдэппэт. Эбэтэ суох улааппыт буолан, кыра оҕолуу «эбээ» дии сылдьар.

Өрөмүөннэрэ бүтэн, эбэлэрин дьиэлэригэр көспүттэрэ син быданнаата. Кырдьаҕас киһи олоҕо барыта кэриэтэ бу дьиэҕэ ааспыта. Кэргэнэ Сүөдэрдиин иккиэн сүбэлэһэн оҥорбут хас биирдии тутуулара билигин төһө да сыллары уҥуордаан эргэрбитин иһин, киниэхэ күндү буоллаҕа. Билигин манна, өтөҕөр төннүбүччэ, сэниэтэ өссө эбиллибиккэ, эдэригэр түспүккэ дылы. Күн аайы минньигэс ас арааһын астыыр, сиэнин иискэ, баайыыга үөрэтэр. Дьэ, манна кэлбиттэрин кэннэ, кыыһа Аля нэдиэлэ аайы кэлэр. Сүпсүлгэннээх куорат олоҕуттан сылайбыт быһыыта эбитэ дуу, ийэтин суохтуура эбитэ дуу. Кэлэн кыра оҕоҕо дылы, ийэтин аттыгар өр да өр олорон, буолары-буолбаты кэпсиир. Соҕотох уола ыксалынан да буоллар, эмиэ сотору-сотору кэлэр-барар. Сиэннэр даҕаны ким төһө сололооҕунан кэлэ тураллар.

                    Юлия-Айархаана АЛЕКСЕЕВА. 2015 сыл.

Читайте дальше