Алтынньы 27 күнүттэн Сунтаарга сөмөлүөт нэдиэлэҕэ биирдэ көтөр буолар диэн Сунтаардааҕы аэропорт сулууспата иһитиннэрэр.

Ол курдук, оптуорунньук эрэ күн сөмөлүөт көтүөҕэ. Дьокуускай куораттан сөмөлүөт 09.20ч. көтөн баран, Сунтаарга 12.00ч. түһүөҕэ. Төттөрү Дьокуускайга 12.40 ч. көтүөҕэ. Сөмөлүөт Ньурбанан эргийэрин санатабыт. Оччотугар Дьокуускайга сөмөлүөт 14.20ч. тиийэр буолар. Маннык сөмөлүөт көтөр расписаниета кулун тутар 23 күнүгэр диэри олохтонуоҕа. Сөмөлүөккэ регистрация икки чаас иннинэ тэриллэр. Сөмөлүөтүнэн айаны «Полярные авиалинии» хампаанньа толорор.
«Сунтаар сонуннара»


