Үлэни өрө туппут дьүөгэм

Үгүс сылларга бииргэ алтыһан үлэлээбит дьүөгэм Любовь Афанасьева туһунан үгүс билэр-билбэт дьонугар билиһиннэрэр санаа үүйэ-хаайа туппута ыраатта. Быйыл 75 үбүлүөйдээх сааһа туолбута. Бу сыл Арассыыйаҕа Үлэ сылынан биллэриллибитэ, онон үлэни өрө туппут дьүөгэм туһунан ааҕыҥ.  

Афанасьева Любовь Николаевна, 1948 с. Түбэй-Дьаархан нэһилиэгэр 8 оҕолоох аҥаардас ийэҕэ төрдүс оҕонон күн сирин көрбүтэ.

1957 сыллаахха Түбэй-Дьаархан начальнай оскуолатын нулевой кылаастан саҕалаан үөрэнэн бүтэрэн баран, 5-с кылаастан Элгээйи интэринээт-оскуолатыгар үөрэнэн 8-с кылааһы 1964 сыллаахха бүтэрбитэ.

Ити сайын, иитиллибит интэринээт-оскуолатын дириэктэрэ Егор Николаев, кыысчаан айылҕаттан бэриллибит талаанын таба көрөн, өссө үүннүн-сайыннын диэн Дьокуускайдааҕы музыка училищетын вокалга отделениетыгар сирдээн илдьэн үөрэххэ киллэрэр. Онно биир сыл үөрэнэн баран, сөбүлээбэккэ уурайан дойдутугар кэлэн хаалар. Араас үлэҕэ үлэлии-үлэлии киэһээҥҥи оскуоланы үөрэнэн бүтэрэр.

1967 сыллаахха Бүлүүгэ баран кэргэн тахсан ыал буолан үс оҕолонор.

1966-1973 сс. Толстойунан, Ыгыаттанан, Түбэй-Дьаарханынан кулууп сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1972 сыллаахха Дьокуускайдааҕы култуурунай-сырдатар училище библиотечнай отделениетыгар кэтэхтэн үөрэнэ киирэр уонна икки сыл үөрэнэн бүтэрэр. Түбэй-Дьаархан сельскэй бибилэтиэкэтигэр 36 сыл эҥкилэ суох үлэлээн, Сунтаар улууһун биир уопуттаах кырдьаҕас бибилэтиэкэрэ буолар.

Уус-уран самодеятельностка кыттыы

Кыра оҕо эрдэҕиттэн ыллыырын-туойарын сөбүлүү улааппыта. Ол саҕана “Мастаах” пиэрмэтин сайылыга күнү быһа күөрэгэй ырыатын кытта Люба кыыс ырыатынан туолара диэн бииргэ оонньуур оҕолоро уонна сайылык ыанньыксыттара хойут ахтар буолаллара. Оргуллаахха сыарҕалаах оҕуһунан ньирэйдэргэ холбуй үүт илдьэр буолара. Оҕуһун үрдүгэр олордо да сис ойууру туоруор диэри билэр ырыатын-тойугун тардан кэбиһэрэ. Ньирэй көрөөччүлэр кыыспыт кэлэн иһэр диэн эрдэттэн иһиттэрин-хомуостарын бэлэмнээбитинэн бараллара.

“Аан бастаан «Амма эбэм» диэн Ольга Иванова ырыатын ыллаабытым. Онтон «Манчаарытын» 2-3 сыл, «Манчаары» диэн хос ааттаныахпар диэри, интэринээт оскуолаҕа сылдьан ыллаабытым”- диэн ахтара. Интэринээккэ үөрэнэ сылдьан 6-7-8 кылааска Айыы Умсуур удаҕан ырыатын ыллаабытын үгүс дьон билигин да умнубаттар. Өссө үҥкүүлүү-үҥкүүлүү ыллыырга Дьокуускай театрын солистката Надежда Шепелеваҕа учуутала Уйбаан Нуолур анаан-минээн үөрэттэрбитэ. Тойуксут, норуот ырыаһыта Егор Михайлович “кылыһахтаах эбиккин” диэн тойукка үөрэтэр буолбута. Онон Любовь Николаевна: “…миигин үтүөҕэ-кэрэҕэ уһуйбут, такайбыт, ытык-мааны дьонум, учууталларым И.Г. Иванов-Уйбаан Нуолур, Е.М. Николаев буолаллар”- диэн истиҥник ахтааччы.

Бу элбэххэ үөрэппит-такайбыт учууталлара барахсаттар, поэт, учуутал Аким Кондратьевтыын үс буолан, кэлин сааһыран бараннар, Элгээйиттэн анаан-минээн суол булан, үөрэппит оҕолорун аат-ааттаан, суол-суоллаан дьиэтигэр соһуччу тиийэн кэлбиттэригэр соһуйда да, кыбыһынна да этэ. Кинилэр Түбэй-Дьаархаҥҥа, бэйэлэринэн тиийэн кэлэннэр үөрэнээччилэрин эҕэрдэлээбиттэрэ, алгыс тылларын анаабыттара. “Оо, олус да соһуйбутум, долгуйбутум, кыбыстыбытым даҕаны! Үөрэнээччилэрэ убаастаан учууталларыгар тиийэрин оннугар, учууталлара үөрэппит оҕолорун оннук убаастаан кэлэллэрин ким күүппүтэ баарай! Күн бүгүҥҥэ диэри, бу күн курдук сырдык дьону, санаатахпына уйадыйан ылабын”- диэн Любовь Николаевна уйадыйа ахтааччы. Уйбаан Нуолур ол кэннэ, сотору буолан баран, бу күн сириттэн барбыта. Егор Михайлович 90 сааһын туолбутугар бииргэ үөрэммит оҕолорунаан, Сунтаарга кыыһыгар олорор эрдэҕинэ, эҕэрдэлээн, ыллаан-туойан ааспыттара.

1965 с. Захар Саввинов Элгээйи култууратын дьиэтигэр «Ньургун Боотур» олоҥхону туруоран турар. Ол онно кинини ыҥыран ылан Туйаарыма Куо оруолун оонньоппута. Петр Платонов Туйаарыма Куо тойугун үөрэппитэ.

1985 с. сайын “С.А. Зверев «Оһуор» үҥкүүтүн киинэҕэ уста кэлэллэр үһү” диэн оҕолору ыҥыран бэлэмнээбиттэрэ. Ол онно Люба бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Надежда Николаевналыын ыҥырыллан сылдьыбыттара. Чахчы кэлэн киинэҕэ устубуттара, онтулара хойут “сатамматах үһү” диэн буолта. Кэлин иккистээн устубуттара, онно Любалаах хайыы үйэҕэ дойдуларыгар баран хаалбыт кэмнэрэ этэ.

Онтон 1979 с. З.И. Саввинов С.А. Зверев «Кулун Кугас аттаах Куллустай Бэргэн» олоҥхотугар Күн Нуоҕалдьын Куо оруолун оонньоппута. Дьокуускайга уонна Кэбээйи, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ньурба оройуоннарыгар гастроллаабыттара. 1982 сылга быһыылааҕа, телевидениеҕа уһуллубуттара. Төгүрүччү олорон бөлөҕүнэн олоҥхону толоруу аан бастаан уһуллубута. Егор Михайлович олоҥхону аахпыта, Люба, Еремей Петров, Трофим Павлов оруолларынан туойбуттара. Ол телевидение архивыгар баар буолуохтаах, кэлин көрдөрөллөр этэ.

Улуу Суорун Омоллоон билиммит тойуксута

1980 с. Николай Тимофеев, култуура отделыгар сэбиэдиссэйдии олорон, Любовь Николаевнаны ыҥыран ылан: “Красноярскай кыраайга Саха литературатын уонна искусстватын күннэрэ буолар, ол онно тойуксут быһыытынан баран, сахаҥ тойугун дьоhуннаахтык көрдөрөр киhибит эн эрэ бааргын, онон барсаҕын” диэбит. Инньэ гынан Красноярскайга, Хакасияҕа Саха норуотун биллиилээх суруйааччыларын, артыыстарын, үҥкүүһүттэрин кытта бииргэ ыллаан-туойан турардаах. Сүрдээх күүстээх, дьоһуннаах таһымнаах делегацияны тэрийбиттэрэ. Саха сирин искусствотын аксакаллара; Народнай суруйааччылар: Суорун Омоллоон, Леонид Попов, Иван Федосеев (Доосо), Савва Тарасов; ырыаһыттар Анегина Ильина, Иван Степанов, Александр Самсонов, Мария Николаева; үҥкүүһүттэр: Клавдия Иванова, Евдокия Степанова; худуоһунньук Афанасий Муҥхалов курдук өрөспүүбүлүкэбит искусствотын чыпчаалыгар сылдьар дьоһуннаах дьону кытта бииргэ сыанаҕа тахсан, Саха төрүт фольклорун Арассыыйа норуоттарыгар көрдөрөр улахан эппиэтинэс сүктэриллибитэ.

Ити саҕана сахалыы ырыа-тойук, оннооҕор олоҥхо умнулла быһыытыйан испитэ. Оннооҕор ыһыахтарбыт, дьуохардыырбыт да бобуллар буолан барбытын кырдьаҕас көлүөнэ өйдүүр буолуохтаах. Николай Егорович ону кэмигэр таба көрөн, Любаны маннык улахан делегацияҕа киллэрэн сүҥкэн эппиэтинэһи сүктэрбитин өйдөөбүтэ уонна бары кыаҕа баарынан, талаана тиийэринэн кыһаллыбыта. Дэлэҕэ даҕаны Суорун Омоллоон: «Бу, кыыспыт Люба, туойдаҕын аайы күөмэйэ чөллөрүйэн, тыына-тардыыта уhаан, улахан тойуксут сылдьар ээ!» — диэн соhуйа истэн хайҕаабытын күн бүгүҥҥэ диэри долгуйа саныыр. “Улахан киhи хайҕабыла бүгүҥҥэ диэри санаабын кынаттыы сылдьар буоллаҕа.”- диэччи. Ол киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт ытык-мааны киһитигэр Н.Е.Тимофеевка махтала улахан.

Красноярскай кыраайга Саха сирин култууратын, искусствотын күннэрин кэнниттэн дойдутугар кэлэн симэлийэн эрэр саха төрүт култууратын, фольклорун өрүһүйэн өрө тардарга туһуламмыт элбэх тэрээһиҥҥэ ыҥырыллан кыттыбыта. Билигин саха фольклора биллэр үрдүккэ таҕыста, иккис тыынын ылан сайдан саҕаланар саҕахтарыгар Любовь Николаевна кыттыыта эмиэ баара.

Өссө да туойа-ыллыы сылдьыах киһи, кырдьаҕас ийэтэ ыалдьан, саахардаах буолан атаҕын быстаран, кэлин отой да хараҕа көрбөт буолан кыыһын көрүүтүгэр киирбитэ. Онон сүүрбэччэ сыл ырыаттан-тойуктан тэйбитэ.

Тойуксут, ырыаһыт аатыра сылдьан оҕолору фольклор куруһуогар дьарыктыыра. Олортон дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр Валерий Петровунан, Тамара Михайлова-Спиридонованан киэн туттар. Утум-ситим онон салҕанар буоллаҕа. Валерий Петров өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тойуксут, үҥкүү тылын этээччи, хомойуох иһин, эдэр сааһыгар олохтон барбыта, Тамара Николаевна, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэрин ааhан, Болгарияҕа ыччаттар Аан дойдутааҕы фольклорга бэстибээллэригэр тиийэ туойбута. Кэлин тойукка уһуйбут дьоно Л.Г.Федорова уонна Е.И.Прокопьева билигин туойа-ыллыы, күрэхтэргэ кытта сылдьаллар.

Үлэ-хамнас, уопсастыбаннай олох туһунан

Түбэй-Дьаархан сельскэй бибилэтиэкэтигэр 38 сыл ханна да халбарыйбакка үлэлээбитэ. Улуус атын бибилэтиэкэлэрин үлэлэриттэн уратыта диэн уопсастыбаннай тэрилтэлэри түмэн, кинилэргэ тирэҕирэн үлэлиир этэ. Библиотекалар социалистическай куоталаһыыларыгар, орто бөлөхтөргө, улууска өрүү 2-с, 3-с миэстэттэн түспэт этэ.

1999 сылтан саҕалаан улууска бастакынан нэһилиэк түөлбэлэрин үлэтин саҕалаан, 10-тан тахса сыл иилээн-саҕалаан үлэлэппитэ. Нэһилиэнньэ элбэх араҥата хабыллан култуура, успуорт куоталаһыыларыгар көхтөөхтүк кыттарын ситиһэрэ. Араас тиэмэлээх биэчэрдэр, дьиэ кэргэнинэн успуорт күрэхтэрэ бөҕө буолаллара. Түөлбэлэринэн С.А. Зверев төрөөбүтэ 100 сылын көрсө икки сыл өрүс үрдүнээҕи 7 км күөх зонаны штакетнигынан күрүөлээбиппит. Ол онно туох баар нэһилиэк дьоно: оҕолуун-оҕонньордуун, эдэрдиин-эмээхсинниин бары тахсан субуотунньуктаабыппыт. Ол көрүөххэ үчүгэйэ! Туох баар уулуссалары, өрүс кытылын ыраастыыр субуотунньугу сылын аайы үгэс курдук ыытарбыт. Миигин кытта 7 түөлбэҕэ тэбис-тэҥҥэ үлэлэспит кыргыттарбынаан билигин бэйэбит түмсүүлээхпит.

Оскуолаҕа төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн 5 сыл устата Надежда Петровалыын олус тапсан үлэлээбиттэрэ.

Нэһилиэккэ дьахтар кэмитиэтин солбуллубат бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан, кэлин бэрэссэдээтэлтнэн үлэлээбитэ.

Кэлиҥҥи сылларга эбээлэр ансаамбылларын тэрийэн ыллыыбыт-туойабыт. Кыайыы 65 сылыгар ыытыллыбыт улуустааҕы патриотическай ырыалар куоҥкурустарыгар иккис миэстэни ылан үөрбүппүт.

Улуу Кыайыы 70 сылын көрсө Кыайыы искибиэрин хас эмэ сыл туруорсан тутулларыгар күүскэ көҕүлэспитэ. Билигин ону сылын аайы силигин ситэрэн толорон биэрэн иһиллиэхтээх.

2009 сыл балаҕан ыйын 5 күнүттэн С.А. Зверев музей-уһаайбатыгар үлэлии киирбитэ уонна күн бүгүҥҥэ диэри манна үлэлии сылдьар. Куруук үтүө суобастаахтык үлэлии үөрүйэҕинэн үс охраннигынаан музейдарын көрөн-харайан үлэлии олороллор. Ис сүрэҕиттэн үлэлии сылдьар киһини өйөөн норуот биллэр маастара Иннокентий Иванов кэргэнинээн Ыгыаттаҕа тахсан хоно сытан, олох буор босхо, иккиэн улахан музей дьиэтин муостатын тэҥнээн дьэрэкээн оһуор түһэрэн киэргэтэн биэрбиттэрэ билигин дьон хараҕын үөрдэр, Аны Сунтаар иистэнньэҥнэрин түмсүүтэ, Любовь Николаевна көрдөһүүтүн быһа гыммакка, С.А. Зверев 120 сыллаах үбүлүөйүн көрсө эмиэ сүҥкэн улахан суолталаах үлэни икки сыл дьирээлэһэн,.А.Зверев Москваҕа кэтэ сылдьыбыт маҥан таба тириититтэн тигиллибит сонун реставрациялаан биэрбиттэрэ хайдахтаах үөрүү этэй. Итинник саастаах киһиэхэ дьон-сэргэ үтүө өйөбүлэ күннэтэ күүс көмө буолан абырыыр. Күһүн уонна саас дьүөгэлэрэ мустан музейга улахан субботник тэрийэн сууйан-сотон киирэн көмөлөһөбүт.

С.А. Зверев музейыгар үлэлии киирэн баран үбүлүөйдээх 2010 сылга аһаҕас халлаан анныгар музей тутуллубута. Музей тутуллуутугар Сунтаар улууһун култууратын отделын сэбиэдиссэйэ Мария Тараярова, С.А. Зверев уола Дмитрий Зверев, музейнай комплекс дириэктэрэ Дмитрий Осипов көмөлөрө улахан. Манна 56 экспонаты хомуйан уурбута. Үксэ Сергей Афанасьевич бултаабыт сэбэ-сэбиргэтэ, табатын тэриллэрэ, балта Федорова Александра-Чолбодук Өлөксөөн былыргыттан туттан кэлбит дьиэтин тэрилэ, мала-сала киирбиттэрэ. 2011 сыл сайын С.А. Зверев олорбут дьиэтин саҥа муосталаппыта. Улахан музей дьиэтин истиэнэтин изоспааннаан хаптаһынынан эпсиэйдэппитэ. Электрическэй ититии киллэттэрбитэ. Эргэ көмүлүөк оһоҕу көтүттэрэн симии көмүлүөк оһох туттарбыта. Маны былыргылыы үтүгүннэрэн тутарга Сиэйэттэн Осипов Ньукулай диэн кырдьаҕаһы ыҥыран сүбэлэттэрбитэ. Музей стендэлэрэ дьиҥнээх хаартыскаларынан оҥоһуллан туралларын улаатыннаран, копиялаан хос оҥоһуллубута.

С.А.Зверев 115 сыллаах үбүлүөйүн көрсө эмиэ үтүмэн элбэх үлэ былааннанан ыытыллыбыта. Мемориальнай музей-уһаайба тас бараанын, көстүүтүн тупсарыыга, уонна араас хаһаайыстыбаннай тэрээһин үлэлэр, С.А. Зверев ансаамблын кыттыылаахтарын ахтыыларын хомуйуу, көрсүһүүлэрин тэрийии ыытыллыбыта. Илья Зверевкэ аналлаах кинигэ матырыйаалын Любовь Титова мунньа сылдьарын ылан, М.А. Тараярова үбүлээн “Сүрэхтэн сүппэтэх эбиккин” диэн бэртээхэй кинигэни таһааттарбыта. Кыһын Москваҕа, Санк-Петербурга ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы научнай конференцияҕа С.А. Зверев-Кыыл Уолун олоҕун, айымньытын туһунан быыстапканы Л.Н. Толстой музейыгар туруорбуттара. Маны таһынан С.А. Зверев-Кыыл Уолун музейын быыстапкатын Дьокуускай куоракка художественнай, Ярославскай аатынан музейдарга туруорсубута.

2015 с. Сунтаар улууһун С.А.Зверев үбүлүөйдээх ыһыаҕа Ыгыаттатааҕы музей-уһаайбаттан саҕаланан ыытыллыбыта.

2020-2021 сылларга музей хамсык туран онлайн эрэсииминэн үлэлээбитэ. Дьон-сэргэ С.А. Зверев-Кыыл Уолун олоҕун, айымньыларын биллиннэр диэн  18 Зверевскэй уруоктары ютубка, инстаграмҥа 20-чэ бэсиэдэни оҥорон ыыппыта. Билигин С.А.Зверев-Кыыл Уолун билиэн баҕалаах Интэриниэккэ киирэн хаһан баҕарар көрөр кыахтанна. Ити Зверевскэй уруоктары  өссө 2011 с. оскуола 9-10-11 кылаастарыгар кылаас чаастарга тиһигин быспакка кэпсиир буолара.  Култуура үөрэҕэр үөрэнэр устудьуоннар дипломнай, курсовой үлэлэрин бэлэмнииллэригэр, дакылаат суруйалларыгар куруук көмөлөһөр.

2017 сылтан нэһилиэк дьахталларыгар норуот маастара Софья Григорьеваны көрдөһөн «Кыбытыы абылаҥа» куруһуогу тэрийбитэ. Ол куруһуок 3-4 сыл үлэлээн, онно 20-чэ дьахтар оһуорга, кыбытыыга, үтүлүгү, суумканы тигиигэ үөрэнэн араас быыстапкаҕа кыттыбыттара.

Любовь Николаевна музейым сахалыы тыыннаах буоллун диэн, үйэтигэр сиэлинэн, кыбытыынан иистэммэт бэйэтэ ,дьаныһан туран үөрэнэн, сиэлинэн 16 харысхалы хатан оҥорон, кыбытыыннан саахыматтаан 3 аан, 12 түннүк  сабыытын тигэн бэлэхтээбитэ. Сайын аайы музей-уһаайбатын сибэкки олордон киэргэтэр. Олоҕор “мин оҥорботохпуна ким оҥоруой” диэн девизтээх үлэлээн кэллэ.

Убаастыыр дьүөгэбит, дьэ ити курдук култуура эйгэтигэр күн бүгүҥҥэ диэри эҥкилэ суох 50 сыл үлэлии- хамсыы сылдьарыттан сөҕө үөрэбит.

Билигин бэйэтэ этэр: “Дьылҕабар махтанабын таптыыр-таптатар, өйүүр, өйдүүр кэргэннээхпин, биэс бэйэлэрэ эһээ-эбээ буолбут оҕолордоохпут, 20-тэн тахса сиэннээхпит, 20-тэн тахса хос сиэннээхпит. Кинилэр бары этэҥҥэ, дьоллоохтук олордохторуна, биһиги үйэбит уһуо, дьоллоох буолуохпут. Үлэлээбит үлэм үйэлээх буолан, дьонум-сэргэм өйүгэр уһун кэмҥэ өйдөбүнньүк буоллун диэн кыһалла сатыыбын.”

Өр сылларга бииргэ алтыһан үлэлээбит дьүөгэтэ Мира ТИТОВА, Түбэй-Дьаархан бочуоттаах олохтооҕо

Читайте дальше