Сэрии сылын оҕолоро… Оонньоммотох оҕо саастаах, аас-туор олохтоох, ардыгар аччыктаан-хоргуйан сыккырыыр тыыннара эрэ хаалан баран, олоххо тардыһыылара күүстээх буолан, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан тыыннаах ордубут, ол иһин олоҕу үрдүктүк сыаналыыр көлүөнэ дьон. Баранан да эрдэхтэрэ билигин. Биһиги аҕабыт Григорий Адамович Иванов ол көлүөнэ дьонтон биирдэстэрэ этэ…
2009 сыллаахха 74 сааһын туолар күнүгэр, олорон ааспыт олоҕун эргитэ санаан суруйууларын саҕалаабыта.
«Мин, Сунтаар оройуонун 1 Бордоҥ нэhилиэгэр (Элгээйи нэhилиэгэ) 1935 сыл, кулун тутар 16 күнүгэр – ийэм кэпсииринэн — түөртүүр ыам диэки Иванов Адам Михайлович, Иванова Мария Никифоровна колхозтаах дьиэ кэргэнигэр төрдүс оҕонон күн сирин көрбүппүн. Мин иннибинэ Василий 1941 сыллаахха тиф ыарыыттан, Матрена 1943 сыллаахха ыалдьан өлбүттэрэ. Хаалбыт оҕолор — убайым Иванов Илья Адамович 1983 сыллаахха өлбүтэ. Мин кэннибиттэн төрөөбүт икки уол Иванов Алексей Адамович—I, Иванов Алексей Адамович-II баарбыт.
1941 сыллаах сэрии саҕаланыытын дьоммуттан истибитим. Ол кэмҥэ биhиги тыаҕа араадьыйа суох сиригэр «Ээринчэ» диэн сайылыкпытыгар олорор этибит. Ыhыах аҕай иннинэ аҕам Элгээйиттэн тахсан «соҕуруу сэрии буолбут, дьон бөҕөнү хомуйан эрэллэр үhү» диэн сураҕы истибитин кэпсээбитэ. Ол саас, сайын мэлдьи күннээх, куйаас күннэр турбуттара – ол аата улуу кураан саҕаланыыта эбит.
От—бурдук кыайан үүнүмээри гынна, хайдах буоларбыт буолла диэн дьонум кэпсэтэллэрин өйдүүбүн. Аҕабыт улахан мас ууhа, архах сөтөллөөх, ыарыhах этэ. Ол сайын аҕабыт «Молотов» колхоз бырабылыанньатын уурааҕынан Сунтаарга саҥа тэриллэн үлэлиир промкомбинакка столярынан киирбитэ. Биhиги оҕолор ийэбитинээн колхоз уопсайыгар — былыргы Александров баай дьиэтигэр көhөн киирбиппит. Онтон саҕаламмыта биhиги дьиэ кэргэн үрэллиитэ — убайым Илья баай ыалга Лааппаан Ньукулайдаахха 13 сааhыгар хамначчытынан барбыта, биhиги үс кыра уол ийэбит ырбаахытыттан тутуhан сөрөнөн хаалбыппыт. Ол сайын улуу кураан аргыһа аhыыка үөн туран от—мас көҕөрбүтүн утары салаан харанан көрдөрөн иhэрэ. Мин оччоҕо 6 сааспар сылдьарым — 6 саастан үөhээ саастаах оҕолору аhыыканы утары охсуhууга, ханааба хаhыытыгар, аhыыканы куйаабылынан охсон хомуйууга биригээдэ тэрийэн Александр Николаевич Миронов ийэтэ Екатерина Петровна салайааччылаах этэрээт тэрийэн үлэлэппиттэрэ. Ол сайын от саҕана наhаа аймалҕаннаах харах уута аргыстаах сэриигэ хомуур буолбута.
Сотору—сотору уhун синиэллээх, хороох (буденовка) бэргэhэлээх, куондардаах, сулустаах хортуустаах, уhун ыстыыктаах саа сүгэhэрдээх «ынкыбыдылар» диэн куттана ааттыыр дьонноро уhаты—туора сүүрдэн көрбүттэрэ. Дьон бөҕөнү хонууттан, ыраах олорор уораҕайдарыттан тутуталаан үүрэн баралларын, оҕолоро ийэлэрин кытта ытаhа—ытаhа батыhалларын көрөр этибит. Ол күhүн биhиги дьиэ кэргэн — ийэм, икки быраатым, мин буолан аҕабытыгар Сунтаарга көhөн киирэн Промкомбинат аппатын арҕаа кэриитигэр «Махатаан Лэгиэнтэй» буор сыбахтаах балаҕаныгар кыстаабыппыт.
Аҕам кэмбинээккэ столярдыыр, ийэм өрүс үрдүгэр турар пилорамаҕа опилка таhааччы этэ. Ол кыhын кыстаан—сайылаан баран, аҕабыт өлбүтүн кэннэ, сэтинньи ыйга төттөрү Элгээйигэ көhөн тахсыбыппыт. Сунтаарга кыра да буоллар карточканан нуорма килиэп, сахар, чэй биэрэллэр этэ, онон син испитигэр аhылык киирэр этэ. Ону ийэм төттөрү көhөрүн ордорбута. Ол кыhын, саас кэмбинээт аппатын иhинэн киэhэ—түүн «ынкыбыдылар» ыстыыктаах саанан, маатыры-үөхсүү аргыстаах, хонбуойдаан иhэр дьоннорун саа луоhунан кырбыы—кырбыы баралларын улахан бырааппынаан хаста да түбэhэн көрбүппүт. Ийэбититтэн ыйыттахпытына «ону-маны айахтата сылдьыма” диэн саба саҥаран кэбиhэрэ, бэйэтэ да наhаа саллар быhыылаах этэ.
Элгээйигэ тахсан «Молотов» колхоз уопсайыгар ортоку дьиэҕэ түөрт ыал — биhиги 4 киhи, Федор Миронов (Барылаам) эмээхсинэ Мария Степановна – 2 кыыhынаан, Матыыка Никифор эмээхсинэ Барбаара – икки уолунаан (Павлов Иван Никифорович нөҥүө сайын өлбүтэ, Павлов Никандр Никифорович — кэлин «Элгээйи» совхоз директора), 9 кэргэннээх Токуурайдартан 6 киhи — барыта 16 киhи хоргуйан өлөр кутталлаах — «сутаакылар» диэн статустаах дьон олорбуппут. Ийэлэрбит ыанньык ферматыгар ыанньыксыттыыллара. Онон син үүт анна тиксэр этэ. Токуурайдартан үлэлиир киhи суоҕа, онон саас бары хоргуйан, «дьэҥкэрэн» өлбүттэрэ. Ол саас муус устар саҕаланыыта биир ылааҥы күн таhырдьа үнүөхтээн тахсан Александров баай биэ ыыр ыстаайатыгар сыарҕалар үрдүлэригэр туох эрэ чөмөхтөнө сытарын баран көрбүтүм — хаптаhын быыhыттан дьон атахтара быга сыталлара, ону аахпытым 21 атах этэ. Оччоҕо ахсааны 50-ҥа диэри билэр этим. Өлбүт дьону онно чохчолоон баран саас харайаллар үhү. Онон онно 10-11 киhи өлүгэ баарыгар тахсар.
Ити курдук 1942-1943 сыллары хоргуйан өлө сыhа—сыhа нэһиилэ кыстаабыппыт. Ийэм сайын хонууга үлэлиирэ, миигин «Ат Аттаабыкка» оҕуруот биригээдэтигэр үлэлэтээри сайын аайы онно тахсан сайылыыр этибит. Мин 7 сааспыттан бастаан Баhылай кэриэйгэ, кини өлбүтүн кэннэ Муксун кэриэйгэ 4 сайын оҕуруот биригээдэтигэр, оҕус сиэтээччинэн, уу кутуутугар, хортуоска олордуутугар, көмүүтүгэр, луук, хаппыыста, моркуоп, сыыс от оттооhунугар, күhүн үүнүү хомууругар 7 сааспыттан 12 сааспар дылы үлэлээн, кыра да буоллар көлөһүн күн аахсан, үүнээйиттэн уора—көстө аhаан сайыны этэҥҥэ тот туоруур этибит. Онтон ыла билигин даҕаны оҕуруот үлэтин сөбүлээн үлэлиибин, үүнээйи үүннэрэрбин сөбүлүүбүн.
Элгээйи оскуолатыгар бастакы кылааска 1943 сыллаахха киирбитим. Үөрэҕи ыарырҕаппат этим, сыл аайы ударнигынан бүтэрэрим. 1945 сыллаахха Кыайыы күнүн иккис кылааhы бүтэрээри сылдьан көрсүбүтүм. Ол сыл сылаас, налыы саас кэлэн ыhыы үгэннээн турар этэ. Кыайыы күн былыттаах, сылаас, ичигэс самыыр ибирдээн түhэ турар этэ. Кылааска уулуссаҕа тахсар түннүк аттыгар олорорум, онно көрдөхпүнэ МТС дириэктэрин суоппара элбэх орденнаах, мэтээллээх сэрии кыттыылааҕа Меняков Афанасий Павлович массыыната уулуссаҕа батыллыбытын ручканан муннун эрийэн собуоттуу сатыы турара. Бастакы уруок кэнниттэн переменаҕа оскуола оҕолорун уулуссаҕа таhааран стройдатан баран военрук учуутал Константинов Яков Петрович (кэлин КГБ полковнига буолан отставкаҕа тахсыбыта) Кыайыы буолбутун туһунан чөллөркөй модун куолаhынан биллэрбитэ, биhиги «ураа» хаhыы, «Сталиҥҥа уруй—айхал» бөҕөтүн түhэрбиппит.
Били Афанасий Павлович Меняков массыынатын ручкатын туппутунан «ураатыы—ураатыы» мотуорун капотугар тахсан пляскалаан тибийбитэ. Ол капоттан төhөтө ордубута буолла, Афанасий Павлович улахан төрөл, бааhынайдыы хааннаах киhи этэ. Кэлин билбитим генерал Баграмяҥҥа личнэй суоппарынан сылдьыбыт, ол иннигэр Т-34 таңка командира эбит этэ. Ол күн үөрэммэккэ үөрүү—көтүү, таҥара дьиэтин тиэргэнигэр оhуохай бөҕө буолбута.
Үчүгэй дьыл кэлэрэ наар аанньа үчүгэй этэ. Колхоз саҥа бэрэссэдээтэлинэн Остобунаев Сергей Анисимович диэн үтүөкэннээх киhи үлэлээбитэ. «Сибиэринэй» диэн 6 гаалаах буолаҕа 1944 сыллаахха ыспыт бурдукпут ол сайын үүммэтэҕэ. Кыайыы саас хос үүнэн уоhуна сүрдээх хойуу этэ. Кэлин билбиппит Сергей Анисимович ол буоланы 1945 сыллаах сааскы ыhыы отчуотугар киллэртэрбэтэх. Күhүөрү хойуу бөдөҥ куоластаах нэчимиэн бурдук өрө үүнэн тахсыбыта. Сергей Анисимович бэйэтэ хонтуруоллаан быстаран, түүтэхтэтэн баран биирдии ыалынан түҥэппиттэрэ. Ийэм биhиккигэ 35 түүтэх тиксибитин уу баhар оҕуспунан дьиэбитигэр тэлиэгэҕэ тиэйэн аҕалан, ол киэhэ 5 түүтэҕи куолаhын тоноон, кэлиигэ сынньан ыраастаан, чох сыралҕаныгар хатарбыппыт. Улахан бырааппынаан суорунабытыгар тардан ийэбит үс улахан лэппиэскэни оңорбута. Ону миэхэ лэппиэскэ аҥаарын, бырааттарбар эмиэ өлүүлээн биэрбитин ол киэhэ дэлби сиэн тотон—ханан наhаа да сылаастык утуйбуппут.
Кыайыы сайына оннук үчүгэйдик кэлбитэ. От—бурдук бөҕө үүнэн, сэрииттэн дьоннор эргиллэн кэлэн үөрүү—көтүү, күргүөмнээх, көхтөөх үлэ доҕуhуолланан үчүгэй өҥ да сайын ааспыта.
1950 сыллаахха сэттис кылааhы үчүгэйдик бүтэрэн 1950—1951 үөрэх сылларыгар Элгээйигэ аhыллыбыт 8-с кылааска үөрэнэ сылдьан, сэллик ыарыыга ылларан балыыhа киhитэ буолбутум. 1958 сыллаахха Элгээйигэ киэһээҥи оскуола аhыллыбытыгар үөрэнэр баҕа баhыйан 8-с кылааска киирэн 1962 сыллаахха 4 сыл үөрэнэн оскуоланы уонна Элгээйи оскуолаларын историятыгар аан бастакынан үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрэн үрдүк үөрэххэ барарга путевка ылбытым. Ол сайын совхоз, райкомол путевкаларынан Москваҕа С.М. Киров аатынан Московскай ветеринарнай академияҕа туттарсан үөрэнэ киирбитим. Ийэм улаханнык ыалдьан, кэргэним үhүс оҕотун төрөөн академическай уоппуска ылан совхозпар урут үлэлээбит үлэбэр – ветфельдшеринэн үлэлээбитим.
1963 сыллаахха Москваттан дьыалабын Дьокуускайга университет тыа хаһаайыстыбатын факультетын ветеринарнай салаатыгар көhөттөрөн, 1963-1968 сылларга үөрэнэн ветврач дипломнаах «Элгээйи” совхозка үлэлии кэлбитим. 1972 сыллаахха саҥа тэриллэр «Кириэстээх» совхоhу тэрийсэн 3 сыл дириэктэринэн үлэлээбитим. Ол кэнниттэн «Якутколхозстрой» Сунтаардааҕы СМУ—тун начальнигынан, 1979 сылтан «Элгээйи» совхозка главнай ветвраhынан, совхоз ыhыллыан биир сыл иннинэ государственнай ветеринарнай сулууспаҕа көhөн Элгээйи ветлечебницатын сэбиэдиссэйинэн, кэлин Илимниир учаастагар ветвраһынан 2007 сылга дылы үлэлээбитим. Онтон сааспынан пенсияҕа тахсан билигин олоробун».
Тээтэм ииппит аҕатын Иванов Адам Михайлович дьылҕатын туһунан мээнэ ахтыбат, суруйбат этэ. Ол эмиэ бэйэтэ кистэлэҥнээҕэ. Сэрии кэмин хабыр сокуоннарын тосту-туора тутуу түмүгэр хара балыырга түбэспит муҥнаахтар үгүстэрэ. Олортон биирдэстэрэ Элгээйи олохтооҕо Иванов Адам Михайлович. 1943 с сымыйанан балыллан, сууттанан, Кэмпэндээйи колониятыгар утаарыллыбыт. Эһэм Адам хорсун эбит, суут бирииигэбэрин кытта сөпсөспөккө, үрдүкү суукка ааһыныы сурук суруйбут. Үрдүкү суут дьыаланы хаттаан көрөн, Иванов А.М. буруйа суоҕун дакаастаан, Сунтаар суутун уурааҕын көтүрэргэ, Адамы хаайыыттан босхолуурга быһаарыы ылыммыт. Онтон бу кэмҥэ 50 саастаах киһи хаайыы ыар үлэтин, үүрүүтүн-үтүрүйүүтүн уйбакка икки ыйынан сырдык тыына быстыбыт. Инньэ гынан кырдьыга өрөгөйдөөбүтүн билбэккэ орто дойдуттан бараахтаабыт.
Ол туһунан Дьокуускай архыыбыгар харалла сытар Сунтаар суутун дьыалатыгар (бу дьыала быыһыгар оскуолаҕа саҥа үөрэнэ киирбит Гриша Иванов доппуруостаммыт боротокуола эмиэ кыбылла сылдьара) аҕыйах сыллааҕыта булан ылбытым. Хаһан да харахтаан көрбөтөх эһэм Адам 75 сыл буолан баран хойутаан биллибит кырдьыга тахсан, харах уулаах улахан үөрүү биһиги аймахха буолбута.
Оттон тээтэм Григорий Адамович Иванов орто дойдуга ананан кэлбит аналын – кэргэн, аҕа, эһээ, хос эһээ буолар толору дьолун билэн барбыта. Ийэбитинээн, Мэҥэттэн төрүттээх Дьячковская Акулина Михайловналыын, эдэр саастарыгар Ньурбатааҕы тыа хаһаайыстыбатын оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан холбоһон 55 сыл ыал буолан олорбуттара, «Дьиэ кэргэн килбиэнэ» бэлиэни ылбыттара.
Биһигини, оҕолорун — Альбинаны, Александры, Альберты — чиэһинэй, үлэһит дьон гынан ииппитэ. Оҕо сааспыт өйдөбүлэ — тээтэбит хаһан да бүппэт үлэтиттэн быыс буллар эрэ мотуордаах мас оҥочобутугар, көлөөскөлөөх матасыыкылбытыгар олорон сайынын дьиэ кэргэнинэн сир астаан, күһүнүн, сааһын балыктаан, мэлдьи тугу эрэ оҥорон-тутан тахсарбыт. Айылҕаҕа сылдьарын тээтэбит олус сөбүлүүрэ. Кыанар эрдэҕинэ Хадан, Кириэстээх кырдьаҕастарын кытта бииргэ тыалыыр, бултуур этэ.
Сиэнэ уол, бэйэтэ ааттыырыныы Гришеньката, кэргэннэнэн, хос сиэн кыыс аҕалбытыгар олус диэн үөрбүтэ, «хос сиэннэммит киһи аанньал буолар дииллэр» дии-дии күлбүтэ. Кыра уола Аалбартан аатын ылбыт сиэн кыыс Акулинатынан олус астынара, дьоһуннаах киһи тахсыыһы диэн үөрэрэ. Кыра сиэн кыыһын «албаннаах сиэним Машенька» диэн таптаан ааттыыра. Муор-туор кылгас олохтоммут улахан уолун Саасканы ыччат хаалларбата диэн хом санаалааҕа, аҕыйах сыллааҕыта Захар диэн уол оҕолооҕо биллэн, кэргэнинээн кэлэн билсэн баран олус үөрдүбүтэ.
Тээтэбит олус үөрүнньэҥэ, аймаҕымсаҕа. Элбэх табаарыстардаах, доҕоттордоох этэ.
Саҥаны кэрэхсиир, ылынар буолан олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыра. Олох тутула уларыйбытыгар «Ээринчэ» диэн бааһынай хаһаайыстыба тэринэн үрүҥ илгэни үксэтиигэ күүскэ үлэлэспитэ. Элгээйиттэн Сунтаарга көһөн киирэн баран хортуоска олордуутунан утумнаахтык дьарыктаммыта, эрдэтээҥи хортуосканы атыылаан Сунтаар үгүс олохтоохторугар кэтэһиилээх киһи буолбута. Ону таһынан оҕуруот аһын арааһын олордорун сөбүлүүрэ. Ону-маны сурунар, бэлиэтэнэр дьарыктааҕа. Айылҕа туругун, дьиэ кэргэн үөрүүтүн-көтүүтүн уонунан сыллар усталарыгар кумааҕыга тиспитэ.
75 сааһын туоларыгар «Олоҕум кэрчик кэпсээннэрэ» диэн быыкаайык кинигэтэ күн сирин көрбүтүгэр олус астыммыта, төрөөбүт-үөскээбит Элгээйитин нэһилиэгэ билиһиннэриини тэрийбититтэн дуоһуйан киирбитэ. Кэккэ сылларга салайан кэлбит ветеринарнай учаастагар Элгээйигэ 2021 сыллаахха кини аата иҥэриллибитигэр биһиги ыччаттара махталбыт муҥура суох.
72 сааһыгар диэри Сунтаар улууһун тыатын хаһаайыстыбатын араас салааларыгар дьүккүөрдээхтик үлэлээбит сэрии сылын оҕото, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүһкэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, “Гражданскай килбиэн» бэлиэ кавалера Иванов Григорий Адамович 2012 сыл ахсынньы 23 күнүгэр 77 сааһыгар сылдьан ыарахан ыарыыттан бу орто дойду олоҕуттан күрэммитэ. Ханнык да үлэҕэ, хайа да дуоһунаска сырыттар дьулуурдаах үлэтинэн, дьоҥҥо үтүө сыһыанынан норуот ытыктабылын ылбыта, улуус хайа да муннугар тиийдэрбин Григорий Адамович кыыһа буоларбын дьон “үтүө киһи ыччата сылдьар эбиккин” диэн сэргии көрсөллөр.
Баара буоллар кулун тутар 16 күнүгэр 90 сааһын бэлиэтээн үөрэн сэгэйэ сылдьыа этэ….
Альина ИВАНОВА, кыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ