Сунтаар күннэтэ киэркэйэригэр баҕарабын

“Сунтаарбыт күннэтэ тупсар, киэркэйэр, сайдар. Мин онтон олуһун үөрэбин уонна астынабын” диэн бүгүҥҥү хаһыаппыт ыалдьытын этиитин үөрэ иһиттим. Сергей Павлов – эдэр урбаанньыт. Кини 2022 сыллаахха бастакы социальнай хантараагын ылыаҕыттан бэйэ дьарыктаах. Сунтаар баараҕай тутууларыгар аныгы, кэрэ көстүүлээх “тротуарнай плитка” оҥоруутунан дьарыктанар. Хас да улахан эбийиэккэ Кириэстээх орто оскуолатын тэлгэһэтигэр, Сунтаар нэһилиэгэр саҥа тутуллубут уопсай дьиэлэрин таһыгар олохтоох бэйэ оҥоһугун плиткалара сыталлар. Эдэр урбаанньыт плиткалары оҥорууга хайдах ылсыбытын, саҕалаабытын туһунан кэпсэтиибитин таһаарабыт.

– Үтүө күнүнэн, Сергей! Мин Сунтаарга тротуарнай плиткалары оҥоруу сыаҕа баарын соһуйа иһиттим. Сиэмэнтэни кытта үлэни омуктар эрэ кыайа-хото туталлар дии саныырым. Онтум бэйэлээх бэйэбит Сунтаарбытыгар улахан объемнаах үлэни оҥорор сыах баар эбит.  Тоҕо эн чуолаан тротуарнай плитка оҥорорго сананныҥ?

– Дьиэ-уот тутуутугар сунтаардар инники күөҥҥэ сылдьабыт. Дьиэ ис барааныттан саҕалаан тас көрүҥэ кэрэ көстүүлээх буоларыгар улахан болҕомтобутун уурабыт. Кэлиҥҥи сылларга улууска элбэх баараҕай тутуу барда. Тутааччылар дьиэ ис бараанын тэҥэ дьиэ таһын эмиэ кэрэ көстүүлээх оҥороллор. Аан бастаан мин Дьокуускай куоракка маннык тротуарнай плиткалары оҥоруу сыанатын билсибитим. Онтон Сунтаарга тиэйэн аҕалыыны үөрэп­питим. Тиэйии-таһыы үлэтэ олус сыаналаах буолан тахсар этэ. Эбиитин 1000 км уҥуордаан алдьанан кэлиэн сөп эбит диэн санааҕа кэлбитим. Ол иһин, Сунтаарга плитка оҥорор дьоҕус сыах арынан үлэлииргэ санаммытым. Бастаан 2022 с. 250000 солк. социальнай хантараагынан эргэ собуоппун саҥардыбытым. Бетон мэһийэр техниканы, киэптэри ылбытым. Сиэмэнтэ, кумах атыыласпытым. Быйыл 500000 солк. суумалаах социальнай хантараак түһэристим. Манан саҥа үйэлээх сарай туттуом. Онтон салгыы ититии киллэрэргэ үлэлэһиэҕим. Плитка оҥоруута сезоннай үлэ. Ол иһин бу тутуум үлэ сезонун кыратык да буоллар уһатыа этэ диэн санаалаахпын.

– Тротуарнай плитка оҥоруутугар эн ханна эмэ үөрэммитиҥ дуо?

– Саха киһитэ мындыр дииллэр. Ол курдук, биһиги тутан-хабан көрдүбүт даҕаны сатыырбытын оҥорон иһэр дьоҕур сахаларга барыларыгар баар дии саныыбын. Аан бастаан куйаар ситимигэр плитка оҥорорго араас үөрэтэр видеолары көрбүтүм. Бэйэм да түбэһэ түстэхпинэ тутан-хабан көрөрүм. Нууччалыы эттэххэ “Методом проб и ошибок” бастакы плиткаларбын оҥорбутум. Билигин билиибин хаҥатан үлэ бары хаамыытын тутуһабын. Ол иһин, плиткаларым хаачыстыбалаахтар диэн эрэннэрэбин. Үлэм сайыҥҥы өттүгэр буолар. Ол иһин сакааспытын бириэмэтигэр толорорго хара сарсыардаттан хойукка диэри үлэлиибит. Кылгас сайыммыт кэмигэр элбэҕи ситиһэ сатыыбыт.

– Хара маҥнайгыттан улахан сакаастары ылсарга толлубатыҥ дуо?

– Бу санаатахха, бастаан саҕалыырбар улахан сакаастары ылсыбыт эбиппин. Отой толлубатаҕым. Бэйэбэр эрэллээх этим. Бэйэм эт атахпынан сүүрэн тутааччылары кытта кэпсэтэн дуогабар баттаһан үлэбин саҕалаабытым. Түгэнинэн туһанан миэхэ эрэммит тутааччыларга “Дабаан строй” салайааччытыгар В.И. Яковлевка, А.В. Игнатьевка махталбын тириэрдэбин. Билигин баҕа санаам диэн Сунтаарга куорат курдук кэрэ көстүүлээх сирдэр элбээн иһэллэригэр баҕарабын. Тротуарнай плитка дьиэ тас көстүүтүн олус тупсарар, тутатына көрүүлээх-истиилээх диэн санааны үөскэтэр, ону таһынан дьон сылдьарыгар табыгастаах буолар. Билигин эмиэ саҥа дуогабардары көрдүүргэ үлэлиибин. Улахан кээмэйдээх сакаастары ыларга бэлэммин. Ол эрэн, биирдиилээн дьоҥҥо эмиэ оҥоруохпун баҕарабын. Кэлиҥҥи сылларга чааһынай дьон тэлгэһэлэригэр тротуарнай плиткалары тэлгиири сэргиир буоллулар. Үлэбэр хас да хайысханы көрөбүн.

– Бэйэҥ курдук дьыалатын саҥа саҕалаан эрэр дьоҥҥо туох диэн сүбэлиэҥ этэй?

– Саамай сүрүнэ бэйэ дьыалатын саҕалыыртан толлумаҥ! Сунтаарга бэйэ оҥорон таһаарыытын  сэргииллэриттэн үөрэбин, араас көмөлөрү туһаныахха сөп. Онон араас бырагыраамалары үөрэтиҥ. Билиигитин сайыннарыҥ. Атын сиргэ хайдах үлэлииллэрин көрүҥ, билсиҥ. Өссө тугу оҥордоххо улууска сайдыыны аҕалабын, дьон тугу сэргиирий диэн хоруйга эппиэттэ көрдөөҥ. Саамай сүрүнэ бириэмэни кытта тэҥҥэ хардыылаан, аныгы ньымалары туһаныҥ. Мин төрөөбүт-үөскээбит түөлбэм, дьиэ кэргэним, аймахтарым, биир дойдулаахтарым олорор сирдэрэ Сунтаар күннэтэ киэркэйэригэр баҕарабын.

– Тус бэйэҕэр, үлэҕэр ситиһиилэри!

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше