Сунтаарбыт улууһугар урбаан эйгэтэ тэтимнээхтик сайдар. Аныгы олох сиэринэн саҥа сүүрээннэр киирэллэрэ олохпут тупсарыгар биир туспа суол-иис буолар.
Урбаанньыт, ол аата киэҥ көрүүлээх, бэйэтигэр эрэллээх, күүстээх санаалаах, мындыр толкуйдаах киһи диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.
Кэлиҥҥи кэмҥэ хаһаайкалар дьиэ ис бараанын тупсаҕай көстүүлээн, араас истиили туттан, иһити-хомуоһу дьүөрэлээн киэргэтэр буоллулар. Сунтаарга биир ураты, аныгылыы, уурбут-туппут курдук оҥоһуулаах «Посудная лавка» иһит-хомуос, текстиль маҕаһыына 2021 сылтан арыллан үлэлиир.
Маҕаһыын хаһаайката, кийиит – Сардаана, Дьокуускай куораттан төрүттээх. 2014 сылтан Сунтаарга дьиэ кэргэнинэн көһөн кэлэн олохсуйбут, 3 оҕолоох саха сайдам эдэр ыала буолаллар. 2021 сыллаахха үсүһүн оҕолонон олорон, толкуйдаан, бэлэх биэрэргэ, хас күн аайы туттарга табыгастаах, дьиэҕэ-уокка тупсаҕай киэргэли, кыраһыабай иһити-хомуоһу булар күчүмэҕэйдээҕин өйдөөн, иһит маҕаһыынын арынарга санаммыт.
Сардаана экономист үөрэхтээх буолан, былааннаан, суоттаан-учуоттаан дьаһаммыт. Кини толкуйдаабытын чэпчэкитик уонна түргэнник олоххо киллэрэри сөбүлүүр. Бастаан араас саайтары үөрэтэн көрөн баран, табаарын талан сакаастаабыт. Бу эйгэҕэ үлэлиир, уопуттаах дьонтон сүбэ-ама ылан үлэтин саҕалаабыт. “Тандем” атыы-эргиэн киинигэр бастаан кыра хоско атыылаан саҕалаабыт, онтон үлэ тэтимирэн, кэҥэтэн икки хоһу холбообут. Быйыл эбии туспа хоско дьиэ сытын тупсарар арамаат арааһын, ону тэҥэ текстиль, дьиэ киэргэлэ атыылыыр отделламмыт. Маҕаһыын ис оҥоһугун, долбуурдарын күүс-көмө, өйөбүл буолар кэргэнэ Николай уус илиитинэн оҥорбута харахха тута быраҕыллар. «Атыылаһааччыларбыт, кэлбит дьон, астыналларыттан, сэргииллэриттэн, үлэлииргэ киһи кынаттанар, сүргэтэ көтөҕүллэр”, – диэн хаһаайка астына кэпсиир. “Хаачыстыбалаах, олус кыраһыабай иһити өр сылларга туһаныахха уонна кэлин удьуордаан оҕолорго, сиэннэргэ да бэлэх хаалларыахха сөп”, – диэн санаатын үллэстэр.
Аныгылыы көрүүлээх урбаанньыт, атыылаһааччыга табыгастаах буоллун диэн UDS сыһыарыыны киллэрэн, бу чэпчэтиилэринэн туһаныахха сөп. Маны тэҥэ, дьэрэкээн көстүүлээх иһити ханнык баҕарар бырааһынньыкка (20 киһиэхэ диэри) арендалыыр. Тэрээһиҥҥэ тиийэн истиилинэйдик остуолу киэргэтэн, бэлэмнээн биэриэхтэрин сөп. Ону тэҥэ, бэлэм оҥоһуллубут бэлэх арааһа баар, онон киһи сөбүлээбитин талан ыларыгар судургу. Бырааһынньыктарга сакааһы кэлэктиибинэн эрдэ оҥорор табыгастаах.
“Саҥа саҕалыыр урбаанньыттарга тугу сүбэлиэҥ этэй?” диэн ыйытыыбар, “Саамай сүрүнэ баҕа наада” диэн Сардаана чопчу хоруйдуур. Инники былаана өссө улахан: туһунан дьиэлэнэн, кэҥээн, саҥаны, сонуну киллэрэргэ дьулуһар.
Маҕаһыыҥҥа киирдэххэ үтүө, элэккэй майгылаах хаһаайка үөрэ көрсөрө киһи эрэ атыылаһыах курдук. Кэрэ көстүүлээх иһити көрөн, атыыласпат да киһи харах сымнатан, санаата көнньүөрэн тахсар.
Сардаанаҕа кэпсэтииҥ иһин махтанабыт, тус олоххор бары үтүөнү, үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабыт.
Алена ИВАНОВА