Олох төрдө – дьиэ кэргэн

Бүгүн — Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнэ. Бу күнү 1994 сылтан саҕалаан сыл аайы ыам ыйын 15 күнүгэр бэлиэтэнэр.

Билиҥҥи өй-санаа, майгы-сигили түргэнник сатарыйар кэмигэр дьиэ кэргэн туруктаах эрэ буоллаҕына быыһанар кэмэ кэллэ. Улаатан иһэр оҕолорго, эдэр дьоҥҥо, саҥа ыал буолар дьоҥҥо элбэх өйдөтөр-иитэр үлэ бардаҕына, олоххо, тапталга сөптөөх сыһыан, өйдөбүл үөскээтэҕинэ, төрөппүт таптала уҕараабакка оҕотун киһилии ииттэҕинэ омук быһыытынан хаалыахпыт.

Дьиэ кэргэн — уопсастыба тутула, ситиһиибит олуга, сайдыыбыт, кэскилэ. Киһи аймах баарын тухары дьиэ кэргэн, оҕо иитиитин боппуруоһа уопсастыба сайдыытыгар  сүрүн миэстэни ылар. Дьиэ кэргэн олоҕо төһөнөн чэгиэн, доруобай да, соччонон уопсастыба олоҕо туруктаах. Аан дойдуну, киһи аймаҕы Таптал тутан олорор.

Таптал киэҥ өйдөбүллээх. Саха киһитэ сэмэй, кини тапталын ыһа-тоҕо кэпсии сылдьыбат, ол эрээри таптал  кини майгытыгар, саҥатыгар биллэр. Ханнык баҕарар киһи оҕо эрдэҕинэ хайдах дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибитинэн инники олоҕор оннук дьиэ кэргэни оҥостор диэн мээнэҕэ этиллибэтэҕэ буолуо. Ийэ оҕотугар таптала, истиҥ санаата ол буолар оҕо киһилии сайдар  эйгэтэ. Оҕо дьонун таптыы улаатар, олоҕун устата үтүө хаачыстыбалара баһыйар, олоххо ситиһиилээх буолар. Онтон аҕа оҕотун кытта эрдэттэн билсиһиэхтээх —  кэргэнин иһин имэрийэ-имэрийэ бэйэтин олоҕун, туох интэриэстээҕин, көрүүлэрдээҕин туһунан оргууй аҕай наллаан  кэпсиэхтээх,  оҕотун таптыырын туһунан этиэхтээх, эрдэттэн сүбэһит,  ыйар-кэрдэр киһи буоларын биллэриэхтээх.

Ыалы, дьиэ кэргэни таптал эрэ түмэр, ситимниир кыахтаах, онтон атын холбуур туох да суох. Өскөтүн дьиэ кэргэн иһигэр таптал суох буоллаҕына, ол тас өттүгэр ханна да ол таптал суох. Таптал диэн хайдахтаах да бааһы оһорор, өйдөспөт былыты сайгыыр күүстээх.

Санатан эттэххэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин психологическай киинин Сунтардааҕы филиала дьону учуокка туруорбат, дьон ыарахан быһылааҥҥа түбэстэҕинэ, бэйэтин кытта биир бииргэ үлэлэһэн, сөптөөх суолу ылынарыгар көмө буолар. Ким баҕарар биһиги кииммитигэр эрийэн тиийэн көмө ылыан сөп, Сунтаардааҕы психологическай киин филиалын төлөпүөнэ – 22-1-27

 

Алена ПАВЛОВА, өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай

киин Сунтаардаҕы филиалын социальнай педагога

Читайте дальше