Нуучча дуобатыгар 6 мэтээл

Олунньу 3-8 күннэригэр Ангарск куоракка баар «Звездный» паарк-отельга Сибиир уонна Уһук Илин федеральнай уокуруктарга нуучча дуобатыгар бастыыр иһин чөмпүйэнээт буолан ааста. Күрэскэ 232 спортсмен Красноярскай, Алтай, Приморскай кыраайдартан, Бурятия, Хакасия, Саха өрөспүүбүлүкэлэриттэн уонна Иркутскай, Кемеровскай, Омскай уобаластартан көхтөөх кыттыыны ыллылар. Састаап олус күүстээх, ол курдук үс гроссмейстер, аан дойду таһымнаах маастардар,  дуобакка Арассыыйа спордун аҕыс маастара оонньообуттара күрэхтэһии таһымын үрдэттэ.

Бу чөмпүйэнээккэ Н.М. Родионова аатынан Сунтаардааҕы оҕо дьоҕурун сайыннарар киин «Дебют» дуобат кулуубун салайааччыта, эбии үөрэхтээһин педагога Марианна Григорьева үөрэнээччилэрин кытта ситиһиилээхтик кыттыбытын бу курдук кэпсиир: «Нуучча дуобатыгар нэдиэлэ устата классика, түргэн уонна чыпчылҕан бырагыраамаларга сытыы киирсиилэр буоллулар. Түмүккэ үөрэнээччилэрим 1 кыһыл көмүс, 3 үрүҥ көмүс уонна 2 боруонса мэтээллэри ыллылар. Ол курдук, 11 саастарыгар диэри бөлөххө Тимур Уаров үс мэтээллээх — чыпчылҕан киирсиигэ бастакы миэстэ, түргэн уонна классика иккис миэстэлэр. Эмиэ бу бөлөххө Күндүмэн Григорьев чыпчылҕан киирсиигэ үһүс иэстэ. 17 саастарыгар диэри кыргыттар бөлөхтөрүгэр классикаҕа Камилла Ефремова иккис миэстэ, Айыына Григорьева үһүс миэстэ буолан олус диэн үөрдүбүт». Оҕолор күүстээх оонньуулар быыстарыгар Иркутскай куорат устун дуоһуйа күүлэйдээтилэр, чэбдик салгыҥҥа сыыртан сырылаатылар, улахан бассейҥҥа харбаан чэбдигирдилэр».

Бу күннэргэ аны Дьокуускайга сүүс харахтаах дуобакка өрөспүүбүлүкэҕэ бастыыр иһин күрэскэ кыттыахтара. Эдэр спортсменнарбытыгар ситиһиилэри баҕарабыт.

Манна даҕатан эттэххэ, дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин оҕо спордун сайыннарыыга бырагырааманы өйүүр, көҕүлүүр. «Оҕо кыра сааһыттан спордунан дьарыктанара инникитин өй-санаа, билии-көрүү, эт-сиин өттүнэн эргиччи сайдыылаах буолар. Ол туһуттан  спорт эбийиэктэрин тутуу, оҕо элбэхтик араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ сылдьарын, кыттарын хааччыйыы сүрүн сорукпут» диэн этэр.

 

Айна ЯКОВЛЕВА

Читайте дальше