Үс күннээх Күндэйэҕэ Үрүҥ тунах ыһыах үгүс ыалдьыттардаах, араас тэрээһиннэрдээх ыытылынна. Быйылгы ыһыахтарын Дьиэ кэргэн, оҕо саас, аҕам саастаах дьоҥҥо сүгүрүйүү бэлиэтин сылларыгар анааннар, тэрээһиннэр уруу-аймах, ийэ, аҕа, оҕо сомоҕолоһууларыгар туһуланна. Ол сиэринэн ыһыах аһыллыыта нэһилиэк эдэр ыала, аймахтар сэлэлиии хаамыыларынан саҕаланна.
Бу күн көр-нар көҕүлүттэн тутулунна. Оһуокайдьыттар ырыалара ыраахха диэри дуорайда. Дорҕоонноох тойуксуттар, олоҥхоһуттар ырыаларын-тойуктарын дьон сэргээн иһиттэ. Үгүс ырыа, үҥкүү толорулунна.
Ыһыах ыалдьыттара түөлбэлэр олохторун-дьаһахтарын кэпсиир, ийэ, аҕа уустарын тустарынан испиэндэлэрин сэргии, махтайа көрдүлэр.
Дьон улахан болҕомтотун спортивнай күрэхтэһиилэр тарта. Ол курдук атах оонньуулара, сыал ытыыта, хапсаҕайдьыттар хапсыһыылара, мас тардыһыы курдук үгүс көрөөччүлэрдээх күрэхтэһиилэргэ быһыйдар бастаатылар, кыахтаахтар кыайдылар.
Киэһэ сөрүүн түһүүтэ ат сүүрдүүтэ ыытылынна. Манна ыаллыы сытар нэһилиэктэн кэлэн эмиэ кытыннылар.
Холобур, Хоро нэһилиэгиттэн Күлүмнүүр диэн ааттаах ат 3200 м дистанцияҕа бастаата.
Күлүмнүүрү Михаил Игнатьев баайан, бэлэмниир. Сүүрдээччитэ – Семен Иванов. Игнатьев Михаил Семенович, Семен Егорович акка оҕо саастарыттан сыстаҕастар. Михаил уопуттаах ат баайааччы, Семен Егорович эмиэ эдэр эрдэҕиттэн жокейдыыр. Манна эбэн эттэххэ, Сунтаар ыһыаҕар ат сүүрдүүтүгэр кыайыылаах буоланнар 60 тыһ. харчынан бириэмийэлэммиттэрэ.
Күндэйэ ыһыаҕар сылдьыбыт эрэ барыта «бэрт ыһыахха сырыттыбыыт» диэн астынна.
Яина ВЛАСЬЕВА