Дойдум ыһыаҕар истиҥ ыҥырыы тутаммын сарсыарда курулас ардах аннынан дьүөгэлэрим ортолоругар уктаннар айан суолун туттубут. Наһаа өр хааппыла да таммах түспэккэ хатыччы хатан турбут сир дойду чэпчээбиттии өрө тыынна. Сэрэххэ «Ыһыах буолар дуо?», — диэн кулууп дириэктэрэ Мария Николаевнаттан ыйыппыппар: «Уйгу быйаҥ ардахтан хаайтарбаппыт. Хата, от үүнүө, дьэдьэн дэлэйиэ!» — диэн хаһан да буоларын курдук дэлэгэйдик хоруйдаан санаабытын көтөхтө.
Тиийэн сахалыы таҥаспытын сайбаччы кэтэн түһүлгэҕэ тиийдибит. Алгысчыт Дьэрэлийэ Күндээр арыалдьыттарын кытта намылыйан тахсан аал уотун кытта алтыһан, отун-маһын иччилэрин алҕаан-силээн алгыс көтөхпүтүгэр күлүгүрэн лүҥкүрэн турбут халлаан былыта дьайхаран, ардах сэллээн, онтон отой да тохтоон, күн көрөн оонньуу-көр оройуттан аһылынна. Күн Дьэрэлийэ чахчы күнү таһаарар алгысчыт буоларын сиэйэлэргэ көрдөрдө, сөхтөрдө, дьон махталын ылыан ылла.
Ыһыах сүрүн анала — Алгыс. Тоҕус томторҕолоох чороон иһит чуоҕуһар, кэриэн ымыйа кэккэлэһэр, сири иһит сириэдийэр уйгу быйаҥ ыһыаҕар Алгыс ылбыт киһи урааннаах ус кыһыны этэҥҥэ туоруур, күннэтэ күүтэр моһоллор тумналлар диэн бэргэн этии баар. Дархан этээччи Саргылана Омукова хомуһуннаах тылын батыһан ибиирэр ардаҕы ортотунан, халадаай халылдьыйбат буолуор диэри оһуокайдаан уйгу быйаҥ ардах Алгыһын иҥэринэн, онтубут үлүһүйэн туран ойоммут, эппит суоһугар кууран, ардахпыт тохтоон дьэ чахчы этитиилээх оһуокай буолла.
Үрдүк дьаһалтаҕа сылдьар Сиэйэ мааны далбардара Ксенья Прокопьевна, Саргылана Дмитриевна дойдуларын дьонугар эҕэрдэ илии тутуурдаах тахсаннар үөртүлэр. Истэн олорон баһылык Александр Романов, солбуйааччыта Арсен Семенов салайааччылардаах сиэйэлэр сыл устата ситиспит ситиһиилэрин сөҕө, хайгыы иһиттим. Аҥардас, сыл устата ыытыллар, хас да түһүмэхтээх «Олоҥхо дойдутун оһуордаах оонньууларыгар» I миэстэ буолбуттара Сиэйэ дьоно улахан талааннарын, сатабылларын, салайааччылар дьону түмэр, көҕүлүүр кыахтарын көрдөрөр.
Быйылгы ыһыах өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сыла буолан оҕоҕо аналлаах күрэх наһаа элбэх. Оҕолор кыттан туораахтана көтүү. Сунтаар улууһугар Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылынан сөрүүн ураһаҕа кырдьаҕас дьоҥҥо остуол оонньуулара буоллулар. Онно кими да илиилээх оҥорбокко Эльфрида Терешкина үөрүү өрөгөйүн биллэ. Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан дьиэ кэргэттэр күрэстэрэ буолан дьон интэриэһин тарта. Онно Мария, Эдуард Яковлевтар кыахтаахтык бастаатылар. Ыкса ыалым, Халбаакка бииргэ улааппыт Буөккэм сыдьааннара эбит. Сиэйэ нэһилиэгэр Дойдуга бэриниилээх буолуу сылын чэрчитинэн, үс киһи — Сиэйэ бастыҥ учуутала, норуот маастара Максим Данилов, СӨ Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ мин, Зинаида Федотова-Дьол Кыыма, элбэх спортсмены иитэн таһаарбыт тустуу тириэньэрэ Анатолий Семенов Сиэйэ нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо ааты сүгэммит дойдум дьонугар, дьокутаттар сэбиэттэригэр махталым, тапталым муҥура суох. Бииргэ үөрэммит кыыһым Лариса Афанасьевна үрдүк наҕараада тутан барыбытын үөртэ.
Дьахталлар «Сарыада», «Алтаана», оҕолор «Симэхчээнэ» ансаамбыллара эҕэрдэ кэнсиэр киэн туттуута буоллулар. Сунтаартан тахсыбыт Омуковтар, «Иэйэр кут» бөлөх биирдиилээн ырыаһыттара, бөлөҕүнэн толоруулара олохтоохторго сонуннук көһүннэ.
Ыһыах киэн туттуута — оһуокай. Манна Добун этээччи аатын Людмила Пустолякова ылла. Саҥа этээччилэр Зоя Иванова, Оксана Петрова тахсан сүрэхтэнэн ситиһии үөрүүтүн биллилэр. Сиэйэ эрэлэ Елена Тараярова Сиэйэ кылыһахтарын удьуордууһу. Марина Хомподоева үҥкүүһүт оҕолорун наһаа да сэргээтим. Оһуокай буоллун, кэнсиэр буоллун барытыгар инникилэр. Бу анал үҥкүү үөрэҕэ суох уһуйааччы эрээри оҕолоро оһуобайдар. Маладьыастар!
Урукку дьылларга сарсыардаттан ала түүн буолуор диэри кулууп Машата, Мария Николаевна, этэр кэҕэ курдук кэрээбэккэ чоргуйар буолара. Бэлэһэ бөҕөтүн сөҕөөччүбүт. Быйылгы ыһыахха диктордаабыт Ньурбаттан кийиит Екатерина Михайлова бу дикцията ырааһын, куолаһа дэлэгэйин, бэрт солбугу иитэн таһаарбыт. Улуус ыһыаҕар бэлэм диктор диэн бэлиэҕэ ылаллар ини. Кулууппут Нина Максимовата ситэрэн-хоторон, ыпсаран саҥарара бэйэтин киэнэ.
Дойдум дьоно барахсаттар илдьэ тахсыбыт ыалдьыттарбын куруук үөрэ көрсөллөрүттэн, түүлээх түһэхтэригэр төкүнүтэллэриттэн наһаа үөрэбин уонна дьүөгэлэрим барахсаттар истиҥ махталларын тириэрдэбин. Дьүөгэлэрим — кынаттарым үөрүүбүн үллэстэн арыаллаан сылдьыбыттарыгар туспа махтал.
Уйгу быйаҥ ыһыах арчылаах алгыһынан арыалланан Сиэйэ дьоллоох түһүлгэтэ тупса торолуйа туруохтун!!!
Зинаида ФУДОТОВА-Дьол Кыыма, СӨ Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ