Бу сыл СӨ Ил Дарханын Граныгар сайаапкалары тутуу муус устартан саҕаламмыта. Сунтаар улууһуттан 25 сайаапка барбыта.
Бүгүн бу куоҥкурус түмүгэ таҕыста. Онно биһиги улууспутуттан граҥҥа кыттыбыт икки бырайыак бастыҥнар ахсааннарыгар киирсэн уопсайа 1304621 солк. суумалаах өрөспүүбүлүкэттэн өйөбүлү ылар буолла.
Ол курдук, Сунтаар улууһунааҕы (Хоро) «Содружество» уопсастыбаннай тэрилтэ патриоттуу иитии хайысхатыгар «Көлүөнэ ситимэ» уонна судаарыстыбаннай уонна официальнай тыллары өйүүргэ туһуламмыт бырайыактарга Сунтаар социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар көмөлөһөр уопсастыбаннай тэрилтэ «Ырыа холумтан» бырайыактара ыллылар.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат