Кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэргэ үөрэх

Сотору кэминэн Ил Дархан граныгар сайаапкалары тутуу саҕаланыаҕа. Бүгүн, олунньу 28 күнүгэр,  Сунтаарга Дьокуускай куораттан «НКО Якутии-вместе вперед!» диэн Ил Дархан граныгар бэлэмниир, үөрэтэр сэминээр практикум тэрилиннэ. Үөрэхтээһиҥҥэ Сунтаар кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэрэ (НКО-лар) кыттыыны ыллылар. Ол курдук, Сунтаарга бүгүҥҥү күн туругунан 38 кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ үлэлиир. Былырыын Ил Дархан граныгар 29 сайаапка барбытыттан биир да кыайыылаах тахсыбатаҕа. Ол иһин, маннык Ил Дархан граныгар чопчу үлэлиир дьон кэлэн Сунтаарга биир күннэрин анаабыттара олус наадалааҕын бэлиэтээтилэр.

Сунтаар 1№-дээх оскуола иһинэн дьоҕус урбааны уонна айар дьоҕуру өйүүр киин бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Михайлов: “Биһиги тэрилтэбит былырыын олунньу ыйга тэриллибитэ. Уонна араас граннарга бэйэбитин холонобут. Ол эрэн, улахан ситиһиибит суох. Маннык миэстэтигэр кэлэн үөрэх ыыталлара олус үчүгэй. Граҥҥа кыттыыга, толорууга элбэх билиини ылабыт. Элбэх НКО кэлэн докумуонун толорууга, отчуокка мунаахсыйар ыйытыыларын атах тэпсэн олорон кэпсэппитэ быдан таһаарыылаах буолла”.

Сунтаарга IT киин салайааччыта, оҕо дьоҕурун сайыннарар киин уһуйааччыта Петр Николаев: “Бу соторутааҕыта култуура министиэристибэтэ тэрийбит граныгар “Тобул” диэн төрөөбүт тылбытын үөрэтэр мобильнай сыһыарыы туһунан бырайыакпыт бастыҥнар ахсааннарыгар киирэн 500000 солк. үбүлэннэ. Маннык граннарга кыттыы элбэх уопуту, билиини биэрэр”.

Сунтаарга элбэх үчүгэй ис хоһоонноох бырайыактар бааллар. Ол эрэн, граннарга кыайыыны тоҕо ситиспэттэрин “НКО Якутии” автономнай кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ салайааччыта Дмитрий Куприяновтан туоһуластыбыт: “Сунтаар эрэ улууһа граннарга кыайбат диэн буолбатах. Ил Дархан грана киэҥник биллэр буолла. Ол иһин, кыттааччы сылтан сыл аайы элбии турар. Күрэстэһии кытаанах.  Саамай сүрүн сыыһалара бырайыактарыгар олус элбэх үбү көрдүүллэр. Бырайыакка тастан эбии үбүлээһини көрөбүт. Инникитигэр бу өттүгэр үлэлэһиэхтэрин наада”.

Тэрийээччилэр этэллэринэн, маннык көһө сылдьар үөрэхтэргэ ханна да суох, хатыламмат билиини биэрэллэр. Үксүн өттүгэр элбэхтик туоһуласпыт, араас граннарга кыттыбыт уопуттаах НКО-лар ситиһии чыпчаалыгар тиийэллэр диэн этэллэр. Сунтаар НКО-ларыгар ситиһиини!

 

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше