Евгения Слюсарь: «Үлэлээҥ, саҥаны толкуйдааҥ»

#развитиеДФО #5летразвитияДФО #всейсемьей

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин алын уонна орто урбаан сайдыытын өйүүр уонна судаарыстыбабытыттан араас көмөлөр бааллар. Бэйэ баҕатынан, сөбүлүүр дьарыктарын үлэ оҥостон уонна онтон дохуот киллэринэн үлэлии-хамсыы сылдьар дьон кэлиҥҥи кэмҥэ элбээтилэр. Бу манна социальнай контрагы туһаныы о.э. судаарыстыбаттан көрүллэр көмө бырагыраамалары, бэйэ дьыалатын арыныан баҕалаах дьон, биһиги улууспутугар табыгастаахтык туһаналлар.
Биһиги Сунтаарбытыгар баҕа санааны олоххо киллэрэн, бэйэ дьыалатын арынан үлэлии-хамсыы сылдьар дьону киһи эрэ сэргии, кэрэхсии көрөр.
Бүгүн биһиги урбаан эйгэтигэр саҥа үктэммит үс оҕолоох эдэр дьиэ кэргэн ийэтэ «Кусочки счастья» диэн кондитерскай устуудьуйа хаһаайката Слюсарь Евгенияны кытта кэпсэтэбит.
— Евгения, бастатан туран бэйэ дьыалатын арыммыккынан эҕэрдэлиибин. Бу ылсыбыт эйгэҥ омос көрдөххө кэрэ көстүүнү оҥорон таһаарар, судургу баҕайы үлэ курдук, онтон ис дьиҥэр киирдэххэ бу барыта элбэх сыралаах үлэ түмүгэ буоллаҕа. Бэйэҥ тускунан уонна бу саҥа саҕалааһыныҥ туһунан кэпсии түс эрэ?
Мин бэйэм Күндэйэттэн төрүттээхпин. Кэргэним Михаил, 3 оҕолоохпут, Сунтаарга ыал буолан олорбуппут 15 сыл буолла. Араас идэҕэ үөрэнэн, үлэлээн көрбүтүм, ол курдук ресторан администратора, буҕаалтыр уонна кэнники 5 сыл уһуйаҥҥа иитээччиннэн үлэлээбитим.
— Араас эйгэҕэ холонон көрбүккүн, оттон тоҕо чопчу торт астааһынын таллыҥ? Оҕо сылдьан улаатан туох идэлээх буолуоххун баҕарар этигиний?
Кыра оҕо сылдьан улааттахпына повар буолабын диир үһүбүн уонна кумаҕынан ас оҥорон оонньуур этим. Урут ийэм балта “чудо” оһоххо бисквит буһарарын ону ымсыыран, биһиги эмиэ тордунан эрэ аһыахпыт диир үһүбүн, билигин дьонум күлэллэр, кырдьык тордунан аһыыбыт диэн.
— Бэйэ дьыалатын ылбычча киһи арыммат, төһө өр былааннаабыккыный?
Ааспыт сылга дьарыктаах буолуу киинин туһунан истибитим, ол эрэн үлэлии сылдьар буолан оннук хаалан хаалбыта. Онтон бу сайын толкуйданан, кэргэмминээн сүбэлэһэн баран боруобалаан көрүөм диэн быһаарыммытым, үлэбиттэн уурайбытым. Уонна сөбүлүүр дьарыкпынан “Кусочки счастья” диэн ааттаан кыра кондитерскай устуудьуйа арынным.
— Ханнык өйөбүлүнэн туһанныҥ? Бастаан арынар киһиэхэ туох ыарахаттары көрүстүҥ?
Күһүн социальный контракт диэн баарын истэн дьаһалтаҕа баран ыйыталаһан, билсэн, докумуон хомуһан, бизнес былаан туттарбытым. Дьарыктаах буолуу киинин субсидиятынан туһанан морозильник, холодильник, иһит сууйар-куурдар оборудование, планетарнай миксер уонна да атын туттар тэриллэри бу суол хаайыан иннинэ куораттан баран ылбытым. Бу курдук көмө харчы ыламмын торт астыырга оборудование атыылаһан, «самозанятайга» туран үлэм саҕаламмыта. Кэргэним оборудованиебын барытын туруоран, оҥорон, дьүөгэлэрим кэлэн, истиэнэ кырааскалаһан көмөлөһөннөр устуудьуйабар күн аайы кэлэн үлэлиибин. Өйдүүр-өйүүр чугас дьонноох буоллахха аа-дьуо сатанан, табыллан иһэр.
— Сакааска аан маҥнай торду хаһааҥҥыттан астаан саҕалаабыккыный?
Торт астыырга үс сыллааҕыта куурус ылан үөрэммитим. Бырааһынньыктааҕы остуолу саамай киэргэтэр уонна бу маннык аһа суох биир да бырааһынньык тэриллибэт аһа — торт буолар. Ийэ буоларым быһыытынан, оҕолорбор төрөөбүт күннэригэр, кэргэммэр уонна чугас дьоммор астыам диэн үөрэммитим. Бэйэм ас астыырбын олус сөбүлүүбүн. Үөрэнэн баран кыра-кыралаан билэр дьоммор сакааска астаан саҕалаабытым. Торт арааһыттан астыыбын: «медовай», “краснай бархат», «шоколаднай», «сникерс», «рафаелло», «три шоколада», «птичье молоко», «молочная девочка». Өссө да араас куурустарга үөрэнэн торт арааһын астыырга үөрэниэм диэн былааннаахпын.
— Биир торду астыыр төһө бириэмэни ыларый? Ханнык торт астыырга ордук үлэлээҕий?
Торт астааһына туһунан үлэ, элбэх бириэмэни ылар. Сакааһы ылан, ингридиеннары атыылаһаҕын, буһараҕын, киэргэлин көстүүтүн толкуйдуугун, оҥороҕун. Торт хоппоҕо угуллан сакаасчыкка тиийиэр диэри элбэх үлэ барар. Астаммыт тортарбын кэргэним аадырыстарыгар илдьэн биэрэр. Кэргэммэр Михаилга ис сүрэхпиттэн махтанабын, кини өйөөн-өйдөөн, маннык тэринэн үлэлиир баҕа санаам туолбутугар! Торт астыыр ингредиеннарбын үксэ куораттан ыллаттара сатыыбын. Онно сыана арыый чэпчэки. Ону ыларбар миэхэ барытыгар сүүрэр-көтөр балтым. Барытын булан-көрөн атыылаһан ыытар. Балтыбар көмөлөһөөччүбэр Даянабар эмиэ түгэнинэн туһанан улахан махталбын тириэрдэбин. Астыырга, нууччалыы эттэххэ «начинкалаах» торт ордук бириэмэни ылар, “сникерс”, “рафаелло”, “молочная девочка”. Бу иһинээҕитин бэлэми буолбакка бэйэм оҥоробун. Холобур, араас отон начыыҥкаларын, шоколаднайдары, эриэхэни ыраастаан карамелизируйдаан туспа оҥоробун.
— Бэйэ дьыалатын арыныан баҕалаахтарга тугу сүбэлиэҥ этэй?
Улууска, нэһилиэктэргэ үлэтэ суох дьон маннык көмө субсидияларынан туһаналлара буоллар наһаа үчүгэй буолуо этэ. Бэйэлэрин идеяларын киллэрэн үлэлиэ, сайыннарыа этилэр. Ханнык баҕарар түгэҥҥэ төһө кыалларынан үлэлээҥ, саҥаны толкуйдааҥ.
-Кэпсэтииҥ иһин махтанабын, бу күннэргэ саҥа дьыллааҕы тортарга сакаас ылан саҕалаабыт эбиккин, үлэҕэр ситиһиилэри, элбэх атыылаһааччылары!

 

Алена ИВАНОВА.

Читайте дальше